Үтүө санаанан салайтаран бэлэхтэрин туттардылар

“Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Бөтүҥ нэһилиэгэр салаата сыллата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, соҕотох ийэлэргэ, аҕаларга көмөтүн оҥорор. Быйыл эмиэ “Собери в школу” аахсыйаҕа кыттыһан көмө тэрээһинин ыыттылар.


“Биһиги хамсааһыммыт быйыл эмиэ хаһан да буоларын курдук сыллата ыытыллар “Собери в школу” диэн үтүө санаа аахсыйатыгар кытынныбыт. Бу көмөбүтүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Сахабыт сиригэр биллэриллибит Оҕо саас сылларын чэрчитинэн ыыттыбыт.  Ол курдук элбэх оскуола үөрэнээччилээх аҥардас  ийэлэргэ уонна  аҕаларга  Анна Спиридоновна Брызгаева салайааччылаах кинигэ  маҕаһыыныттан сертификат ыламмыт түмсүү көхтөөх чилиэнэ Айталина Петровна Петровалыын  туттардыбыт.

 

Манна биһиэхэ күүс-көмө  Татьяна Григорьевна  Сутакова салайааччылаах нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ, нэһилиэк дьокутааттара Галина Ивановна Яковлева, Нина Семеновна Нестерева, Дмитрий Степанович Левин, Акулина Семеновна Иванова, нэһилиэкпит баһылыга Алексей Николаевич Никитин, солбуйааччыта Алексей Алексеевич Стручков, ону сэргэ бэйэбит хамсааһыммыт көхтөөх чилиэннэрэ Тамара Прокопьевна Давыдова, Светлана Алексеевна  Неустроева, Айталина Егоровна Петрова буоллулар. Ийэлэрбит, аҕаларбыт наһаа үөрэн махтаммыттара олус долгутуулаах этэ. Онон бары бу аахсыйаны тэрийэбитигэр кыттыспыт үтүө санаалаах дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит. Үтүөҕүт уон төгүл эргийэн кэллин диэн алгыыбыт”, — диэн Бөтүҥ нэһилиэгин “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын салайааччыта Александра Егорова санаатын тириэртэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше