«Түмэн» сынньалан киинигэр “Амма Наахара нэһилиэгэ сэрии сылларыгар” саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик ааста.
Кэнники кэмҥэ сыллата нэһилиэкпитигэр үйэлээх үлэ ыытыллар буолан бэртээхэй саҥа кинигэлэр күн сирин көрөллөр. Күүтүүлээх үтүө күн «Амма Наахара нэһилиэгэ үйэттэн үйэҕэ» кинигэ быыстапканы ыҥырыылаах ыалдьыттар болҕойон көрдүлэр. Сүрэхтэнии үөрүүлээх чааһын Туяра Мартынова салайар “Үруйэчээн” фольклорнай бөлөҕө хомус дьүрүскэн тыаһынан дьүрүһүтэн аспыта, киһи кутун-сүрүн сахалыы тыыҥҥа киллэрдэ.
Кинигэ Амма Наахара нэһилиэгин баһылыгынан 2011 — 2021 сылларга үлэлээбит Мария Романовна Захарова көҕүлээһининэн улуустааҕы “Амма олоҕо” хаһыат эрэдээксийэтигэр таҥыллан, 120 экземплярынан бэчээттэннэ. Кинигэ тахсыытыгар Үлэ Геройа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара оскуолатын учууталлара Матрена Павловна Макарова, Валентина Семеновна Александрова, Наталья Николаевна Ефремова, биир дойдулаахпыт Дьокуускай куорат олохтооҕо Тамара Ильинична Литвинцева уонна нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Екатерина Николаевна Унарова үлэлэстилэр.
Бу нэһилиэк ытык дьонун үйэтигэр айымньыны Софья Лаврентьевна Александрова салайааччылаах улуустааҕы Кыайыы фондата уонна Амма Наахара нэһилиэгин дьаһалтата үбүлээтилэр. “Амма Наахара сэрии сылларыгар” үлэҕэ биир дойдулаахтарбыт СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх улэһитэ, Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ Лаврентий Лаврентьевич Александров уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, документалист – суруйааччы, РФ журналистарын союһун чилиэнэ, Амма улууһун Абаҕа, Амма Наахара уонна Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэктэрин, итиэннэ Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Бүтүн Арасыыйатааҕы “Верные сыны” мэтээл хаһаайына, “Үтүөнү үйэтитээччи” анал аат лауреата Дмитрий Николаевич Гаврильев үлэлэрин туһаммыттар. Бу кинигэҕэ Амма Наахара нэһилиэгэр 1941 – 1945 сэрии сылларыгар тулуурдаахтык, дьулуурдаахтык олорбут, үлэлээбит ытык дьоннорбутун ааттарын үйэтитэр сыалтан кинилэр тустарынан ахтыылар, сэрии кэмигэр нэһилиэк дьоно хайдах үлэлээн олорбутун туһунан матырыйааллар, “Социализм тутуутугар” хаһыакка тахсыбыт ыстатыйалар киирдилэр. Кинигэ түөрт түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэххэ Амма Наахара нэһилиэгэр сэрии сылларыгар Кыайыы туһугар үлэнэн муҥурдаммыт ытык дьоммут, иккис түһүмэххэ сэрии кэмин оҕолоро, үһүс түһүмэххэ оҕолорун уоттаах сэриигэ атаарбыт ийэлэр тустарынан, төрдүс түһүмэххэ 1941 – 1945 сылларга “Социализм тутуутугар” хаһыакка тахсыбыт ыстатыйалар киирдилэр. Дьоро күн Амма Наахара муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Сахаяна Михайлова эҕэрдэ тылын тиэрдэн туран кинигэ тахсыытыгар үлэлээбит дьоннорбутугар махтанан сэмэй бэлэхтэри туттарда. Саҥа кинигэни нэһилиэк уонна оскуола бибилэтиэкэлэригэр бэлэх ууннулар. Бу күн ыҥырыылаах ыалдьыттар ааттарыттар «Дуораанчык» уһуйаан биир бастыҥ исписэлииһэ, хас да кинигэни күн сирин көрдөрбүт Галина Мартынова эҕэрдэтин тириэртэ. Биэчэри олохтоох библиотека салайааччыта Екатерина Унарова үрдүк таһымҥа ыытта.
Үйэлээх үлэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү үөрэттин, дууһаларын байыттын, элбэх билиини биэрэн угуттуу сыдьаайдын, өй-санаа уостубат кылаата буолан бэйэтин тула элбэх ыччаты кэрэҕэ, сырдыкка угуйдун!
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА