Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт бырайыага улахан сэҥээриини ылла. “Саҥарар кинигэ” Дойду Президенин фондатын көмөтүнэн олоххо киирдэ.
2022 сыллаахха, Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин библиотека методическай отдела оҥорбут “Саҥарар кинигэ” бырайыага Арассыыйатааҕы конкурс 2 түһүмэҕэр ”Социальное обслуживание, социальная поддержка и защита граждан ” хайысхаҕа кыайыылааҕынан тахсан Президент Фондун Гранын ылбыта. Грант суумата 487 179,26 солк.
Бырайыакпыт сыалынан Амматааҕы библиотечнай тиһик библиотекаларыгар сахалыы тылынан “саҥарар” кинигэлэр фонотекаларын тэрийии, көрбөт дьоҥҥо туһуланар уонна кинилэр бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан – сахалыы тылынан тахсыбыт кинигэлэри кытта билсэллэригэр, истэллэригэр кыаҕы биэрии буолар.
Улууспут библиотекаларын фондатыгар көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр ааҕааччыларга аналлаах литература суоҕун кэриэтэ. Билиҥҥи туругунан, киин библиотекаҕа эрэ Красноярскай куораттан сакаастаммыт 66 флешкарталаах “санарар” кинигэ баар. Ону таһынан икки эрэ библиотека тифлофлешплеердаах.
2021 сыллаахха улуус прокуратуратын бэрэбиэркэтэ буолбута.Ол түмүгүнэн, прокуратура улуус дьаһалтатыгар көрбөт ааҕааччылар информацияҕа бырааптарын күөмчүлээбэт инниттэн анал литература фондатын хаҥатыыга үлэни күүһүрдэргэ диэн ыйыы түһэрбитэ. Биһиги тута библиотекабыт фондатын хаҥатыы боппуруоһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларыгар сибээскэ тахсыбыппыт. Онуоха көрбөттөр библиотекалара оҥорбут кинигэлэрин уларсыахтарын эрэ сөбүн, бырайыак суруйан үлэбитин саҕалаатахпытына көмөлөһөргө бэлэмнэрин эппиттэрэ. Онон бу кыһалҕаны туоратарга бэйэбит “саҥарар” кинигэлэри устан, фонотеканы тэрийиигэ үлэлэһиэхпитин наада буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, бу библиотеканы кытта биһиги ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Ол курдук, библиотека ыытар бары тэрээһиннэригэр харахтарынан көрбөт ааҕааччыларбыт көхтөөхтүк кытталлар уонна “саҥарар” кинигэлэри уларсан ааҕаллар.
Улууспутугар көрбөттөр уопсастыбыларыгар 64 киһи учуокка турар уонна араас биричиинэнэн ааҕалларын ыарырҕатар 45 сааһыттан үөһэ 1252 киһи баар.Онон бырайыак чэрчитинэн ааҕааччылар бу араҥаларыгар анаан 13 айымньыны уһулан, элбэтэн 15 библиотекаҕа тарҕатыахтаахпыт.
Үлэбит ааспыт сыл алтынньы ыйыттан саҕаламмыта. Ааҕааччыларбытыгар ханнык айымньылары истиэхтэрин баҕаралларын туһунан ыйытык ыыппыппыт. Бу айымньылары ааҕар диктордары кытта кэпсэтии барбыта, барыта 13 диктор – волонтердары булбуппут: Иванов Иван Федорович — улуус култуураҕа уонна норуот айымньытыгар управлениетын салайааччыта, Нестерев Николай Николаевич – бу управление культурнай дьаһалларга өҥөнү оҥоруу салаатын сэбиэдиссэйэ, Софронова Светлана Николаевна — Амма улууһун инбэлииттэрин обществотын бэрэссэдээтэлэ, Саввинов Дмитрий Романович – Амматааҕы коррекционной оскуола технологияҕа учуутала, Корякин Николай Николаевич — Амматааҕы Социальнай фонд отделениетын сүрүннүүр эксперт – специалиһа, Пешкова Саргылана Петровна – В.Г.Короленко аатынан Амматааҕы № 1 орто оскуола начаалынай кылаастарга учуутала, Стручков Анатолий Садотович — Амма улууһун дьаһалтатын административнай комиссиятын эппиэттээх сэкирэтээрэ, Рязанская Наталья Константиновна – Л.В.Киренскэй аатынан Амматааҕы лицей саха тылын уонна литературатын учуутала, олохтоох автор, Дария Егоровна Васильева – Амма Даайыс — СР үөрэхтээһинин туйгуна,олохтоох автор, Кочаткин Василий Васильевич – Амма нэһилиэгин Айыы Дьиэтин салайааччыта уонна Саха народнай поэта В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин библиотека специалистара Дьячковская Любовь Павловна, Евграфова Мария Аркадьевна, Винокурова Лариса Егоровна.
Ааспыт сыл ахсынньытыгар бырайыакка үлэлиир хамаанда өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларыгар консультацияҕа киирэ сылдьыбыппыт. Библиотека коллектива олус сылаастык, эйэҕэстик көрсүбүтэ. Библиотека үлэтин сүрүннүүр библиотекарь Чичигинарова Ульяна Петровна билиһиннэрбитэ, методист Герасимова Евдокия Николаевна диктордары кытта үлэ ымпыгын-чымпыгын, репродукция уонна специальнай технология отделын специалистара Макаров Герман Максимович, Саввинова Ольга Анатольевна “саҥарар” кинигэ устуутун туохтан саҕалыырбытын, хайдах үлэлиирбитин, устуллубут матырыйаалы криптозащиталаах анал формакка — флешкартаҕа көһөрүүнү сиһилии кэпсээбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекалара “саҥарар” кинигэбит таһын ГОСТ-ка эппиэттиир Брайль шириибинэн этикетканы оҥорон биэриэх буолбута.
Кулун тутар 3 күнүгэр диктордарга аналлаах онлайн – консультацияны партнердарбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларын библиотекарэ Саввинова Ольга Анатольевна, тифлоинженер Неустроев Петр Петрович ыыппыттара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, библиотека уопуттаах диктора Елизавета Федотовна Потапова бэйэтин кэккэ сүбэтин биэрбитэ.
Бырайыак 2-с түһүмэҕэ кулун тутар ыйтан саҕаламмыта. Диктордарга көмө онлайн- консультация ыытыллыбыта, блокнот оҥоһуллубута. Ааҕар текстарын улахан шириибынан бэчээттээн бэлэмнээбиппит. Биир нэдиэлэҕэ 1 устуу барар гына былааннаныллыбыта. Устар анал студиябыт суох,онон чуумпуга устар гына үлэ чааһын кэнниттэн эбэтэр субботаҕа уһуллуу барыаҕа диэн былааннаныллыбыта. Онон, диктордар бэйэлэригэр сөп түбэһэр бириэмэлэрин талан, уһуллуу графига оҥоһуллубута, ааҕар айымньыларын эрдэ билсэр гына тиксэриллибитэ.
Кинигэлэри устуу бу күннэргэ бүттэ. Саҥа тахсыбыт кинигэлэртэн, сурунааллартан, хаһыаттан кэпсээннэр уһулуннулар. Онтон монтажтааһын, флешкартаҕа киллэрии, элбэтии – тиражирование үлэтэ саҕаланыа уонна сэтинньигэ “саҥарар” кинигэбит фонотекатын презентациятын ыытыахпыт.
Бырайыкпытын олоххо киллэриигэ биэс буолан үлэлии сылдьабыт: методистар Ларионова Юлия Максимовна, Слепцова Анна Владимировна, Александрова Таисия Тихоновна уонна устууну, монтажтааһын, флешкартаҕа киллэрии, элбэтии үлэтин ыыталлар технологтар – Тарабукин Александр Александрович, Неустроев Гаврил Эдуардович.
Бырайыкпыт 2023 сыл ахсынньы ыйынан түмүктэнэр. Грант харчытыгар компьютер, флешкарта, контейнер уонна “саҥарар” кинигэбитин истэргэ 13 библиотекаҕа тифлофлешплеер атыылаһылынна. Бырайыкпыт түмүгэр 13 сахалыы айымньы уһуллан, элбэтиллэн Амматааҕы кииннэммит библиотечнай тиһиккэ “саҥарар” кинигэлэр фонотекалара тэриллиэ,библиотекалырынан тифлофлешплеер тарҕатыллыа. Бу бырайыкпыт олоххо киириитигэр партнердарбытыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал библиотекаларын специалистарыгар, диктордарбытыгар көмөлөрүн иһин улахан махталбытын тиэрдэбит.
Таисия Александрова, Амматааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан киин библиотека методиһа,
СР культуратын туйгуна, бырайыак салайааччыта.