Амма Наахараҕа оскуола, уһуйаан үлэлэрин өрөгөй ырыатынан саҕалаатылар

Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ. Амма Наахараҕа бу күн сарсыардаттан сахалыы таҥастаах уһуйаан оҕолоро төрөппүттэрин кытта, оскуола үөрэнээччилэрэ, иитээччилэр, учууталлар сарсыарда 8 чаастан өрө көтөҕүллэн  үлэлии-үөрэнэ бараллар. Сайдыы суолун үөрэтэр дьиэлэр бу күн  үлэлэрин  Саха сирин өрөгөйүн ырыатынан саҕалаатылар.

Бу күн 1990 сыллаахха саха норуота холкутук тыынарыгар көҥүл биэрбит судаарыстыбаннай Суверенитет Декларацията ылыллыбытын бэлиэтиир дьарыктар, уруоктар, линиэйкэ буолан кэрэҕэ-сырдыкка күннэтэ үүнэр кэнчээри ыччаппыт түмүстэ. Холобур буолар Полина Кононова сэбиэдиссэйдээх «Дуораанчык» уһуйаан кэлэктиибэ бүгүн уһуйаан үлэһиттэрин күнүн көрсө кыралыын улаханныын «Өрөгөй ырыатын» ыллаатылар, бары тэҥҥэ сахалыы флешмоб үҥкүүлээтилэр, доҕордоһуу оһуохайыгар тоҥолохтон ылсан этэн-тыынан үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Онтон Василий Яковлев дириэктэрдээх Амма Наахара орто оскуолатыгар үөрүүлээх чааска олохтоох дьаһалта баһылыга Захар Александров, дириэктэр Василий Яковлев, мусуой салайааччыта Наталья Ефремова эҕэрдэлэрин тириэртилэр.  Бу күн Сахабыт сирин туһунан кылгас киинэ көрдүлэр. 7-с кылаас үөрэнээччитэ Томмот Кузьмин Арассыыйа олохтооҕо буолар докумуону пааспары нэһилиэк баһылыгыттан Захар Семёновичтан тутан үөрдэ-көттө.

Бу күн олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Екатерина Унарова ситим нөҥүө Саха сиригэр аналлаах викторина ыытта.  Аҕам дьону убаастаан, төрүккүтүн ытыктаан Саха буолан сандаарыйан, киһи буолан килбиэннэнэн үүнүн-сайдын аныгы олох ыччаттара, кэлэр кэнчээри кэскиллэрбит.

 

Ирина КОРЯКИНА- ОЛЕСОВА

Читайте дальше