Кэрэ айылҕалаах Амма Наахара нэһилиэгэр сайыннары-кыһыннары үгүс киһи кэлэн сынньанан, балыктаан, айылҕалыын алтыһар. Нэһилиэкпитигэр барыга көхтөөх, экологическай хайысхалаах Полина Кононова салайар «Дуораанчык» уһуйаана күннэтэ кырачаан иитиллээччилэрин «Тулалыыр эйгэм мин дьиэм» диэн хайысханан кэрэни кэрэхсииргэ, айылҕаны таптыырга иитэр- үөрэтэр .
«Ыраас Амма биэрэгэ» аахсыйаны «Дуораанчык»- тар сыллата тэрийэллэр. Быйыл ыытыллыбыт «Чистые воды России» аахсыйа иһинэн ыытыллар «Чистый берег Амги» аахсыйаҕа 16 бэлэмнэнии уонна улахан бөлөх иитиллээччилэрэ үс үлэһити кытары кытыннылар. Биир көс (1км) сири хомуйбут «Дуораанчык» уһуйаан иитиллээччилэрэ биэрэк ыраас туруктааҕыттан олуһун үөрдүлэр.
«Биһиги Амма өрүһү наһаа таптыыбыт. Кинини харыстыыбыт, биэрэктэн араас бааҥкалары, «Роса» бытыылкаларын хомуйдубут», «Өрүскэ тааһы быраҕалларын олох сөбүлээбэппин. Балыктар өлүөхтэрин сөп», «Бөҕү дьон бары таптаабыт сиригэр быраҕа сылдьыа суохтаах. Улахан дьоннорго оҕолор өйдөтө сылдьыаххайын! Биһиги таптыыр Аммабыт уутун иһэбит, суунабыт-тараанабыт, сайын сөтүөлүүбүт. Бары таптыыр өрүспүтүн харыстыаҕын!», — уһуйаан иитиллээччилэрэ Толлуман Яковлев, Руслан Тарский уонна Ганя Пахомов санааларын этэллэр.
«Быйыл атырдьах ыйыгар Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт «Чистые воды России» аахсыйаҕа нэһилиэк тэрилтэлэрэ бүттүүн кыттыбыт буолан биэрэкпит быдан ыраас. Биһиги оҕолорбут өрүстэрин олуһун таптыыллар, кыра эрдэхтэриттэн кини баайын-дуолун барытын билэллэр. Өрүс туһунан плакаттары оҥорбуттарыттан үөрэллэр, харыстыыллар аҕай. Уһуйааҥҥа араас тэрээһиннэргэ кыттан Амма өрүс кэрэ айылҕатын, ыраас уутун, киһини угуйар күүстээх абылаҥын уруһуйдууллар, кэпсииллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ күһүҥҥү салгыҥҥа сылдьан оҕолорбут үөрэ-көтө аахсыйаҕа кыттыбыттара үгүһү кэпсиир. Дьоллоох оҕо саас умнуллубат күннэрэ кинилэри үчүгэйгэ, кэрэҕэ эрэ угуйдун, сирдээтин!» — диэн «Дуораанчык» уһуйаан сүрүннүүр иитээччитэ, логопед, Өнньүөс нэһилиэгин уопсастыбаннай эколога Галина Мартынова сырдатта.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА