Семинарга Дмитрий Гаврильев айар үлэтин билиһиннэрдилэр

Дьокуускайга саха бастакы лингвист-учуонайын С.А.Новгородов аатын сүгэр «Айар» национальнай кинигэ кыһата Марина Георгиевна Никифорова салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Вкус творчества» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар-практикум ыытта. Семинарга Амма улууһуттан Амма лицейын түөрт учуутала уонна Амма 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыттан, Сатаҕай, Алтан, Соморсун, Мээндиги уонна Амма Наахара оскуолаларын бибилэтиэкэрдэрэ кытыннылар.

Семинарга  Амма 1-кы нүөмэрдээх оскуолатыттан Туяра  Никифорова уонна Амма Наахара оскуолатыттан Надежда Григорьева  кыттааччыларга анаан  «Албан аат» диэн маастар-кылаас ыыттылар. Маастар- кылаас быйыл документалист-суруйааччы, суруналыыс Дмитрий Гаврильев  төрөөбүтэ 85 сылыгар  ананна.

Онтон лицей учууталлара «Космос Михаила Николаева» диэн бырайыактарын  билиһиннэрдилэр. Семинарга кэлбит иитээччилэр, учууталлар үс хайысханан олус таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Эбиэт кэннэ «Алаас ааттаах» диэн Марина Никифорова оҥорбут кинигэ сүрэхтэннэ. Манна өрөспүүбүлүкэ 48 оскуолатын бибилэтиэкэрдэрэ  бэлэмнээн оҥорбут ыйытыктара киирдилэр. Биһиги улууспут 7 педагог-бибилэтиэкэрин ыйытыга  киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Семинарга кыттыыны ылбыт бастыҥ үлэһиттэр сертификатынан бэлиэтэннилэр. Семинар кэмигэр «Айар» кинигэ кыһата кинигэ-оҥоһук быыстапкатын, атыытын чэпчэтиилээх аахсыйа тэрийэн атыылаата. Худуоһунньук устудьуон оҕолор кыттыылаахтары уруһуйдаан бэйэлэригэр сэмэй үп киллэрдилэр. Хаартыскаҕа түһүү, Саха сирин суруйааччыта Наталья Михалёва-Сайа, биллиилээх педагог Екатерина Чехордуна, биллиилээх спортсмен, «Тыгын оонньууларын» хас да төгүллээх призера Николай Матаннанов автографтарын биэрдилэр. Күн олус тэрээһиннээхтик, туһалаахтык ааста. Кыттыыны ылбыттар үлэлэригэр элбэх саҥаны билэн-көрөн кэллилэр.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше