Амма Наахара нэһилиэгин Лариса Унарова салайар «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэрэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгэр ыҥырыллан ыалдьыттаата. Манна «Алыптаах» диэн коллекционердар түмсүүлэрэ биэс сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээн, тэрээһиннэрин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Үлэ сылыгар анаатылар. «Эгэлгэлэр» атыы-тутуу, быыстапка-дьаарбаҥка тэрээһинигэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
«Эбиэт иннинэ спорт саалаҕа быычтапканы көрдүбүт, буфет үлэлээтэ, биир дьарыктаах дьоммутун көрсөн үөрдүбүт, хаартыскаҕа түстүбүт. Коллекциябытын хаҥатар сыаллаах бэйэбитигэр наадалаах маллары атастастыбыт, атыыластыбыт. Эбиэт кэннэ кулуупка үөрүүлээх чааска кыттан, эҕэрдэ этэн ырыа бэлэхтээтибит. Манна саҥа киирбит коллекционердардары чиэстээhин бэрт сэргэхтик ааста. Бырааһынньыкка барыта 55 дьикти дьарыктаах коллекционер кыттыыны ылла. Дьокуускай куораттан икки түмсүү, Уус Алдантан үс түмсүү Ньурбаттан,
Кэбээйиттэн, Тааттаттан уонна Амматтан биһиги Өнньүөстэр, Болугурдар, Мэҥэттэн Төҥүлү, Тумул, Хаптаҕай, Табаҕа коллекционердара буолан кытынныбыт.
Үөрүүлээх чаас кэннэ Анна Ильинична маҕаһыынын көрүү буолла. Ол кэнниттэн «Налга» сырыттыбыт, араас эгэлгэ барыта баар эбит. Кафеҕа ретро музей көрдүбүт, сөхтүбүт. Маннык сырыылар биһигини түмэн иллэҥ кэммитин ыччаттарбыт, сиэннэрбит биһиги олохпутугар оҥоһуллубут дьон сөбүлээн күннэтэ туттубут араас кыраһыабай тэриллэрин, иһитин-хомуоһун, оҥоһуктарын көрө-истэ сылдьыахтара диэн эрэнэбит» — диэн «Эгэлгэ» түмсүү салайааччыта Лариса Унарова сырдатта.
Ити курдук бэйэлэрин үлэлэрин сэргэ, таптыыр дьарыктарын илдьэ сылдьар дьоммут бэртээхэй тэрээһиҥҥэ кыттан, Аммаларын аатын ааттатан кэллилэр.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА