Бүгүн Аан дойдуга музыка күнэ. Амма Наахара нэһилиэгэр «Чэлгийээнэ» ырыа ансаамбыла тэриллибитэ 10 сыла. Олоххо актыыбынай көрүүлээх, ырыаны олохторун аргыһа оҥостубут ансаамбылга сылдьар далбар хотуттар күннэтэ доруобуйаларын бөҕөргөтөн хаалыктаах хаамыынан дьарыктаналлар, тутуспутунан «Эгэлгэ» коллекционердар түмсүүлэригэр сылдьаллар . Музыка Аан дойдутааҕы күнүгэр нэһилиэкпит эрэ аатын буолбакка, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин ааттатар ырыаны, музыканы олохторун аргыһа оҥостубут «Чэлгийээнэ»-лэр Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр ситиһиилээх сырыыларын туһунан кэпсиибит.
Быйыл самаан сайын көмүс күһүннүүн көрсөр кэмнэригэр «Чэлгийээнэлэр» Казань куоракка педагог уонна наставник сылыгар аналлаах «Северный колорит» ыҥырыытынан «Восточная сказка» Аан дойдутааҕы күрэх- фестивальга ыҥырыы тутан кыттыыны ылан ситиһиилэнэн кэлбиттэрэ.
«Биһиги ыам ыйыгар ыҥырыы тутаат 12 буолан фестивальга бэлэмнэнэн барбыппыт. Бу Аан дойду таһымнаах күрэххэ Саха сириттэн биһиги кытынныбыт. Биһигини Дьокуускай куораттан Варвара Обоюкина салайан илдьэ сырытта. Айаммытыгар, таҥаспытыгар Амма улууһун Иван Федорович Иванов салайар култуура салаата, улуус дьаһалтата күүс-көмө буолбута. Дьокуускайтан турунан Питерынан эргийэн Казань куоракка түүннэри тиийбиппит. Биһигини 2013 сыллаахха ХXVII Аан дойдутааҕы caйыҥҥы устудьуоннар универсиадаларыгар кыттааччылары олордорго тутуллубут Универсиада дэриэбинэ уопсайыгар түһэрбиттэрэ. Күрэх физкультура уонна туризм институтун кэнсиэрдиир саалатыгар ааста. Олус элбэх оҕо кыттыыны ыларыттан, Казань куоракка сыл аайы араас таһымнаах күрэхтэр ыытыллалларыттан соһуйдубут. Араас дойдуттан, араас омуктар элбэхтэрэ көрөргө үчүгэйэ. Биһиги бэйэбит икки ардыбытыгар төрөөбүт төрүт тылбытынан кэпсэтэ сырыттыбыт, дьон соһуйан сытыы өттүлэрэ омукпутун билээри ыйыталлар. Саха сириттэн сылдьабын диэтэхпитинэ сорохторо билбэттэр. Казань, Марий Эл киин куората Йошкар — Ола наһаа кыраһыабай куораттар. Барыта кирпииччэнэн тутуллубут.
Таҥара дьиэлэрэ наһаа элбэх. Аҥардас Казань куоракка 1мөлүйүөн 400 киһи олорор эбит. Оҕо сайдарыгар улахан болҕомтону уураллар эбит. Аралдьыйыы кииннэрэ, болуоссаттарга оонньуулар, хас сир аайы араас спортивнай балассааккалар элбэхтэрэ киһини сөхтөрөр. Уопсайа суолбутун ааҕан 8-с хоннубут. Күрэххэ 25 саастарыттан үөһэ диэн бөллөххө вокалга кытынныбыт. Манна ыллыыр ырыаларбытын «Оһуохай» уонна «Чэйиҥ эрэ чэкийдэр!» тыыннаах доҕуһуолунан ыллаан I истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын сүктүбүт.
Маны тэҥэ «Төрүт култуураларын илдьэ сылдьар бөлөх» диэн анал бириис босхо күрэххэ кыттар сертификат туттубут. Дойдубутуттан тэйэн бу ырыа куттаах бөлөҕүнэн төрдүс сырыыбыт. Ол курдук 2016 сыллаахха Хабаровскай куоракка ыһыах ыһар арчыга, Москваҕа 2018 сыллаахха III истиэпэннээх лауреат, Санкт-Петербурга 2021 сыллаахха ll истиэпэннээх лауреат буолбуппут. Быйыл l истиэпэннээх лауреат буолан үөрүүбүт муҥура суох. Чэлгийээнэлэртэн эмтээх отунан дьарыктанар Валентина Захарова, Галина Мартынова, Александра Пахомова төрөөбүт дойдубут эмтээх отуттан оҥорбут чэйдэрин илдьэн кэпсээн географическай наука кандидатыттан, «Юрта- Скансек, Юрта-Дружбы» салайааччыта Рашид Каскырбайтан «Махтал сурук» тутан кэлбиттэрэ үгүһү кэпсиир.
Күрэххэ кыттыыны ыла барарбытыгар көмөлөспүт дьоммутугар Амма улууһун баһылыгар Степан Николаевич Кузьмиҥҥа, баһылык солбуйааччытыгар Ньургуйаана Ивановна Илларионоваҕа, Амма улууһун култууратын салайааччытыгар Иван Федорович Ивановка, Амма Наахара баһылыгар Захар Семенович Александровка, Лариса Васильевна Нерловаҕа, Оксана Егоровна Пахомоваҕа, Людмила Еремеевна Куприяноваҕа уонна бары спонсордарбытыгар көмөҕүт иһин махтал мааны тылларын аныыбыт», — диэн «Чэлгийээнэ» түмсүү салайааччыта Марианна Чен сэһэргээтэ.
Бүгүн Аан дойдуга музыка күнүнэн, дойдубутугар Аҕам саастаахтар күннэринэн ырыа куттаах эбэлэрбитин «Чэлгийээнэ» ырыа бөлөҕүн эҕэрдэлээн туран кырдьары билбэккэ, эдэрдии эрчимҥитин ыһыктыбакка, төрөөбүт норуоккут ырыаларын ыллыы-туойа сылдьыҥ! Кытаанах доруобуйалаах, төрөөбүт дойдугутуттан бигэ тирэхтээх буолуҥ! диэн алгыс тыл үтүөтүн аныыбыт.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА