Болугурдар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр

Амма улууһугар кэлэр сылга ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн  култуура управлениета нэһилиэктэргэ «Олоҥхо  айан» диэн десант  тэрийбитэ.  Сүрүн сыалынан нэһилиэктэр ыһыахха төһө бэлэмнээхтэрин көрөн-истэн, бэриллибит соруктары толорууга ыытыллыбыт үлэлэри көрүү, сүбэ-ама биэрии буолар.

Болугур нэһилиэгэр М.А. Ноговицын аатынан култуура киинигэр «Олоҥхо айана» десант  кэлэн барда.  Десант кыттыылаахтарын кытта нэһилиэк баһылыга Андрей Петров, норуот маастардара, уран тарбахтаахтара, түмсүүлэрэ, фольклор бөлөхтөрө, тэрилтэ салайааччылара, нэһилиэк депутаттара, элбэх дьон кэлэн көрсүһэн бэрт истиҥ, туһалаах кэпсэтии буолла. Улууспут олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр үлэтэ харыыта суох иннин диэки кимиилээхтик дьүккүйэр. Амма улууһун култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын салайааччыта Иван Иванов уонна исписэлиистэрэ Олоҥхо ыһыаҕын торумун кэпсээн, инники былааннары, ону тэҥэ сүбэ биэрэн, олохтоохтортон истиҥ тыллары иһиттилэр.

Сылдьыбыт сырыылара сарсыардаттан саҕалаан устар күнү быһа барда. Эбиэт иннинэ «Өбүгэ быстыбат ситимэ» фольклорнай композиция киириитин олоҥхонон Константин Григорьев толорон, кэрэ куолаһынан Дария Томская тойуктаан,  «Арылхан» фольклор бөлөҕө ,  3-с кылаас үөрэнээччилэрэ Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхоттон быһа тардан толордулар,  10-с кылаас оҕолоро хомустаан дьиэрэттилэр, «Чөмчүүк» бөлөҕө хомуска сахалыы матыыптары иһитиннэрдэ, «Арчылаана» бөлөх ыалдьыттары көрсүү сиэрин-туомун толорон, «Сарыада» бөлөх норуот ырыатын ыллаан дьиэрэттэ. Эбиэт кэннэ норуот маастардарбыт, уран тарбахтаахтарбыт быыстапката, маастар-кылаастар буоллулар. Айан сонордуур соругун, сырсар сыалын ситиһэн, инники соруктары торумнаан  өссө күүскэ үлэлэһэр санаалаах  тарҕастыбыт.

Евдокия ПЛАТОНОВА

Читайте дальше