Ситиһиилээхтик үлэлээх полиция старшай прапорщига

Полиция старшай прапорщига Иннокентий Алексеевич Устинов Бөтүҥҥэ 26 сыл устата участковайынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх физкультура учуутала Владимир Захарович Неверов ыытар сиэксийэлэригэр успуорт араас көрүҥнэринэн дьарыктаммыта, оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ, оройуоҥҥа араас көрүҥнэргэ ситиһиилэммитэ. Успуордунан дьарыммыта кэлин милииссийэҕэ үлэлии кэлэригэр олук буолбута.

Амма улууһун ис дьыала отделын ыстаарсай прапорщигынан үлэлээбит Иннокентий Устинов успуорка да үгүс ситиһиилэммитэ. Илин эҥэр полиция отделларын күрэхтэһиитигэр кыттан сүүрүүгэ, остуол тенниһигэр, саахымакка 17 төгүл кыайыылаах аатын сүкпүтэ. Ити көрүҥнэргэ бастакы спортивнай разряд нуорматын толорбута. Элбэх күрэхтэһиилэргэ миэстэлэспитэ, түөрт төгүл отдел бастыҥ спортсменын аатын ылбыта. Оччолорго Бөтүҥ, Абаҕа, Мээндиги, Соморсун, Сэргэ-Бэс, Сулҕаччы нэһилиэктэригэр соҕотох участковай штата көрүллэрэ, онон 1992 сыл кулун тутар ыйтан Иннокентийга судургута суох түбүктээх, сыралаах үлэтэ саҕаламмыта. Быһылаан буолбут сиригэр тиийэргэ оччолорго тиэхиньикэ суоҕа эрэйдэри үөскэтэрэ. Ол да буоллар Иннокентий кэмигэр быһылаан буолбут сиригэр баар буолара. 26 сыл үлэлээбит кэмнэригэр элбэх ыар буруйу кэмигэр арыйбыта, үлэтиттэн элбэх хайҕабылы ылбыта.

Иннокентий Устинов, билигин Дьокуускай куоракка «Мясной двор» маҕаһыыннарын ситимин ыстаарсай харабыла: «Аармыйаҕа Забайкальскай байыаннай уокурукка 1983-85 сылларга сулууспалаабытым. Ытык иэспин толорон кэлэн баран, дойдубар Бөтүҥҥэ сопхуоска үлэлээбитим. Бу кэмҥэ райпоҕа куруусчуттар наадалар үһү диэн биллэриини истэн, 1991 сыллаахха куруусчутунан киирбитим. Нэһилиэк маҕаһыыннарыгар барыахтаах табаардары тиэйэрбит. Сотору кэминэн куруусчуттар биригэдьиирдэринэн анаабыттара. Бэрээдэги, үлэ хаачыстыбалаахтык толорулларын үлэһиттэрбиттэн ирдиирим. Бэрээдэк баар буолбута. Ол курдук олус үчүгэйдик үлэлии сырыттахпына, биир күн биир дойдулааҕым милицияҕа үлэлиир Афанасий Дмитриевич Афанасьев кэлэ сырыт диэн ыҥырбыта. Оччолорго отдел Партизанскай уулуссаҕа баара. Начаалынньык Александр Семенович Алексеев  «илин эҥэр күрэхтэһиитигэр саахыматтыыр киһибит суох, эн оонньоо, Прокопий Васильевич Антоновка таҕыс, быһаарыа» диэбитэ. Кадр отделыгар киирбиппэр үлэм киниискэтигэр бирикээс тахсар, оннуга суох күрэхтэһиигэ киллэрбэттэр диэн буолла. Салгыы медосмотр барарбар эттилэр, онон күрэхтэһиигэ кыттар баҕалаах буоламмын аҕыйах күн доруобуйабын көрдөрөн докумуоммун толорторон кэбистим. Илин эҥэр отделларын күрэхтэһиитэ Тааттаҕа буолбута. Барыта 10 хамаанда кыттыбыта. Остуол тенниһигэр уонна саахымакка бастаабытым. Аммаҕа кэлэн баран сарсыныгар үлэм киниискэтин ылаары милииссийэ отделыгар тиийбиппэр сарсыҥҥыттан отделга дьуһуурустубаҕа тахсаҕын диэн буолла. Соһуйан эрэ хааллым. Начаалынньык райпо бэрэссэдээтэлэ Иван Петрович Корякины кытта кэпсэппит этэ, онон милииссийэ сотруднига буолан хаалбытым. 1996 сыллааха күһүн балаҕан ыйыгар И.Я.Строд аатынан сопхуос тыһаҕаһын уоран сиэбиттэрин туһунан тыллабыр киирбитэ. Тутатына ирдиир үлэни ыытан “Дьаам” ферматытын булууһугар кистэммит сүөһү этин булбутум. Уоруйахтар эттэрин кэлэн ылыахтара диэн түүн кэтииргэ санаммытым. Үс түүн таһырдьа булуус таһыгар саһан хоммутум. Күһүн буолан тымныы этэ. Уоруйахтар кэлбэтэхтэрэ. Урут сууттана сылдьыбыт киһи куомуннаһар киһитинээн буолалларын сэрэйэммин тутан киллэрэн милииссийэ отделыгар тус-туспа хосторго хаайталаабыппыт. Төттөрү тахсан сүөһү тириитин ханна кистиэхтэрин сөбүн көрдөөбүтүм.  Хотоннорго кистиэхтэрин сөп диэбит сирдэрбин уһун синньигэс тимиринэн буору дьөлө анньыталаан көрдөөбүтүм. Арай биир сиргэ туох эрэ сымнаҕаһы астым. Буору хаспытым тирии буолан хаалла. Тириигэ «С» буукуба бэлиэлээх этэ. Буорунан көмөн кэбиспиттэр этэ. Төттөрү отделга киирдим. Кистээбит сиргитигэр тириигитин буллум диэтим. Киһим сирэйбин-харахпын көрдө. Кини эттэҕэ диэн атын хоско олорор киһитин балыйда. Буруйдарын иккиэн билиммиттэрэ. Буруйдарын боруостаан хаайыыга олорон тахсыбыттара. Кэлин өстүйэ сылдьыбатахтара».

Семен Федорович Босиков, 1991-97 сылларга милииссийэ отделын начаалынньыгын солбуйааччытынан, начаалынньыгынан ситиһиилээхтик үлэлээбит отставкаҕа олорор полиция полковнига: «Оччотооҕу нэһилиэк участковайа үлэтэ олус элбэҕэ. Буруйу оҥорууну силиэстийэлээн арыйыыны таһынан, саа көҥүлүн, араас суол быһылааннарыгар тиийэ хонтуруоллуурга эбээһинэс сүктэриллэрэ. Түүн-күнүс диэн аахсыллыбата. Болдьоммут кэмҥэ үлэ түмүктээх буолара ирдэнэрэ. Иннокентий Алексеевич киһи эрэнэр, бастыҥ үлэлээх участковайым этэ”.

Гаврил Чемезов.

Читайте дальше