Табыгастаах суорт — өлгөм үүнүү мэктиэтэ

Төһө даҕаны таһырдьа 40-тан тахса кыраадыс тымныылар турдаллар, олунньу иккис аҥарыттан оҕуруоччуттар бүппэт түбүктэрэ саҕаланыа буоллаҕа. Сорох өттүлэрэ номнуо буордарын, уоҕурдууларын, эбии аһылыктарын бэлэмнээн эрэллэр. Онон сотору кэминэн ханнык оҕуруот аһын олордуохха сөбүн, тыйыс усулуобуйалаах дойдуга ханнык суортар ордук үүнүүнү биэрэллэрин, сиэмэни олордорго буору бэлэмнээһини биһиэхэ Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын методиһа Матрена Караканова сүбэлиир.

26 сыл ыстаастаах агроном, эбии үөрэхтээһин педагога Матрена Афанасьевна Караканова бэйэтин уопутуттан үллэстэр.

Олунньу

Тохсунньу бүтүүтэ-олунньу саҕаланыыта дьэдьэни үүннэрэн саҕалыыбыт. Ремонтантнай, бытыга суох суортары таларга сүбэлиибин: “Александрина”, “Барон Солемахер”, “Рюген”.

Ый ортотуттан сылаас тэпилииссэҕэ тахсар биэрэһи, помидору, баклажаны олордон саҕалыыллар. Биэрэскэ “Виктория”, “Винни Пух”, “Нежность”, “Белозер”, “Подарок Молдовы” суортары сүбэлиибин. Аһыы биэрэс “Пламя”, “Астраханский”, “Змей Горыныч”, “Горгона” Саха сиригэр үчүгэйдик үүнэллэрин бэлиэтиибин. Оттон баклажан “Мария”, “Универсал”, “Мечта огородника”, “Черный красавец” үүнүүнү биэримтиэлэр.

Үгүс сыллар усталарыгар кэтээн көрөрбүнэн, помидор “Орлиный клюв”, “Верлиока”,  “Каспар”, “Агата”биһиги дойдубутугар табыллан үүнэллэр.

Кэнники сылларга физалиһы биһирээн үүннэрбин. Хомпуот, барыанньа оҥорорго “Овощной”, “Мармеладный”, “Земляничный” суортар туох даҕаны ааттаахтар.

Кулун тутар

Кулун тутар бүтүүтэ-муус устар саҕаланыыта аһаҕас сиргэ үүнэр помидордары ыһабыт: “Непас”, “Морковный”, “Дачник”, “Ультраскороспелый”, “Челнок”, “Яблонька России”, “Монгольский карлик”, “Московский ультраскороспелый”.

Муус устар

20 чыыһыла кэнниттэн, ыам ый саҥата кабачок олордуллар: «Изумруд», “Цукеша” “Черный красавец”, “Аэронавт”, «Зебра», “Сосновский” суортары сүбэлиибин.

Арбуз “Шуга бэйби”, “Подарок солнца”, “Сибирские огни”,  дыня “Ананас”, “Ранняя любовь”, тыква “Витаминная”, “Улыбка”, “Крошка” суортарын станциябытыгар хаһыс эмитэ сылын сөбүлээн үүннэрэбит.

Муус устар бүтүүтэ-ыам ыйын саҕаланыыта хаппыыстаны — “Слава”, “Золотой гектар” суортары сөбүлээн ыһабыт.

Огурсууну икки төгүллээн үүннэрэбин.  Муус устар бүтүүтэ, 20 чыыһыла кэнниттэн сылаас, оттуллар теплицалаахтарга рассада ыһыллар.  Оттон ыам ыйын саҕаланыыта пленка сабыылаах теплицалаахтар рассада олордоллор. Кэтээн көрүүбүнэн уруккуттан баар “Апрельский”, «Зозуля», “Стелла” суортар ханнык да сылга табыллан үүнэллэр. Кэнники кэмҥэ уонна “Изумрудный поток”, «Турнир» корнишону сөбүлээн олордобун. Кытай суордуттан “Китайский змей”, “Турнир” диэннэри биһириибин.

Онтон ыам ыйын 9-10 күннэриттэн, сир ирдэҕинэ моркуоп, сүбүөкүлэ, салат, эриэппэ луук олордор уочарат кэлэр.

 

Буору бэлэмнээһин туһунан этэр буоллахха, улаханнык талымастаабаппын, туох да эбилигэ суох көннөрү хара буорга мас көөбүлүн эбэбин.  Ол буору сымнатар, ууну аһардарга көмөлөһөр. Рассадаларбын хайаан даҕаны үстэ аһатабын. Ордук сөбүлээн “Агрикола” туттабын, огурсууга, помидорга диэн арахсар. Хаатыгар баар инструкциянан айдараҥҥыт кутаҕыт, туох да уустуга суох. Итиэннэ гумат натрия туттабын. Оттон үүнээйи рассадалыыр кэмигэр уокка  наһаа наадыйар, онуоха билигин маҕаһыыннарга фитолампалар атыыланар буоллулар, күүстээх күн уотун курдук быһа сиэбэт, сөптөөх сырдыгы биэрэр. Сыаната даҕаны удамыр.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше