Алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах улуустааҕы «Техноград» техническэй бырайыактар күрэхтэрэ быйыл академик Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэйгэ 8 төгүлүн ыытылынна. Бу бырайыак лиссиэйгэ өр кэмҥэ үлэлээбит алын кылаас учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «СӨ педагог династията» анал аат хаһаайына Габышева Елена Александровна аатынан ыытыллар. Елена Александровна бу бырайыак ааптара буолар. Быйылгы күрэх Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас уонна Амма улууһугар Олоҥхо сылларын чэрчитинэн барда.
Күрэххэ улууспут 14 оскуолатыттан 156 үөрэнээччи, 8 хайысханан кыттан, илин-кэлин түһүстүлэр. Күрэххэ Елена Александровна кыыһа Габышева Юлия Семеновна меценат быһыытынан ыалдьыттаата.
Күрэх түмүгүнэн лауреаттар, дипломаннар ааттаннылар. Ол курдук, булугас, ураҥ толкуйдаахтар «Архитектура уонна дизайн» секцияларыгар 17 оҕоттон муҥутуур кыайыылаах аатын Алтан орто оскуолатыттан 4 кылаас үөрэнээччитэ Харабытова Милана (салайааччы Неустроева М.Е) ылла.
Түргэн-тарҕан, сытыы өйдөөхтөр «Техническое моделирование» секцияларыгар 21 оҕоттон Эмис орто оскуолатыттан 3 кылаас үөрэнээччитэ Солдатов Костя (салайааччы Гаврильева А.Н) кыайыылаах аатын сүктэ. Аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр, техникаҕа сыстаҕастар «Радиоуправление» секцияларыгар 21 оҕоттон кыайыылааҕынан Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 4″а» кылааһын үөрэнээччитэ Оконешников Сулустаан (салайааччы Гаврильева О.С., Дьяконова В.Н.) буолла. Уран тарбахтаахтар «Иис» секцияларыгар 24 оҕоттон кыайыылааҕынан Амма лиссиэйиттэн 4″б» кылаас үөрэнээччитэ Карманова Саина (салайааччы Колосова Нь.М.) таҕыста. Компьютерга сыстаҕастар «Компьютерная презентация» секцияларыгар 14 оҕоттон кыайыы көтөллөннө Амма лиссиэйин 3″б» кылаас үөрэнээччитэ Ефремов Юриан (салайааччы Филиппова А.Г). Кумааҕынан кэрэни дьүһүйээччилэр «Оригами» секцияларыгар 21 оҕоттон кыайыылаах аатын сүктэ 4″б» кылаас үөрэнээччитэ Иванова Сайаана (салайааччы Абрамова С.П). Сытыы киирсиилээх «Робототехника» секцияҕа 11 оҕоттон кыайыылааҕынан Амма лиссиэйиттэн 4″б» кылаас үөрэнээччитэ Колосов Радмир (салайааччы Петров Н.Н) ааттанна. Кырачаан асчыттар «Мастер-шеф. Дети» секцияҕа 27 оҕоттон кыайыы өрөгөйүн биллэ Амма лиссиэйин 4″а» кылааһын үөрэнээччитэ Слепцова Лия (салайааччы Архипова М.М.).
Бу курдук кырачаан мындыр толкуйдаах, барыга бары дьоҕурдаах оҕолорбут олус сэргэх күрэххэ кыттан, саастыылаахтарын кытта алтыһан, үгүс элбэх саҥаны, сонуну билэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Күрэх тэрийээччилэрэ Габышева Е.А дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, аймахтарыгар уонна сылын ахсын көхтөөхтүк кыттар оскуолаларга барҕа махталларын тиэрдэллэр.
Наталия Рязанская.