Балаҕан ыйын 9-12 күннэригэр Казахстан Астана куоратыгар V Аан дойдутааҕы «Өбүгэ оонньуулара» күрэх үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу күрэххэ Саха сириттэн Арассыыйа хамаандатыгар киирэн Амматтан урбаанньыт Егор Баранов, Горнайтан тренер Ньургустаана Сидорова ситиһиилээхтик кыттан үһүс миэстэни аҕаллылар. Егор Саха сирин төрүт оонньуулар ассоциацияларын иһинэн төрүт ох саа ытыытын көрүҥэр спорт маастарыгар кандидат буолар.
Арассыыйа сборнай хамаандатыгар Саха сириттэн Ньургустаана Сидоровалыын Тверь куоракка ыытыллыбыт отборочнай күрэххэ миэстэлэһэн кытынныбыт. Биһигини сэргэ Башкортостантан уонна Москуба уобаластарыттан кытыннылар. Хамаанда састаабыгар түөрт кэрэ аҥар, алта эр киһи киирдэ. Маннык күрэх үстэ Киргизияҕа, биирдэ Туркменияҕа уонна бу Казахстаҥҥа ыытылынна. Күрэх иккилии сылынан тэриллэр эбит. Барыта 28 хамаанда 100-чэкэ араас омук күрэхтэстэ. Маны таһынан мас тардыһыытыгар, хабылыкка, хаамыскаҕа, бэл, төрүт оонньууларын уҥуох быраҕыытыгар күрэх ыытылынна. Үс көрүҥҥэ 70 миэтэрэттэн «Путо» 9 оноҕоһунан сэттэтэ, 60 миэтэрэттэн «Калкан» 7 оноҕоһунан сэттэтэ, онтон «Жамбы» 30 миэтэрэттэн быаҕа биэтэҥнии турар 25 сантиметр халыҥнаах 15 сантиметр кэтиттээх сыалы ыттыбыт. Арыт тыалыран кыралаан мэһэйдэри көрүстүбүт. Бу бүтэһик көрүҥҥэ «Жамбыга» хамаандаттан биэс охчут киирэр. Манна инники күрэххэ көрдөрүү элбэҕи быһаарар эбит. Аҕыс хамаанда финалга күөн көрүстүбүт, үөрбүппүт диэн биһиги сахалар иккиэн көрдөрүүбүт үчүгэй буолан биэс иһигэр киирбиппит.
Өбүгэлэрбит кэтэ сылдьыбыт булчут таҥаһын Марианна Игнатьева диэн маастар тигэн дьон болҕомтотун ылла, элбэхтик хаартыскаҕа түһэрдилэр. Мин кыыммар баар сахам быһаҕын эмиэ сэргээн көрдүлэр-иһиттилэр.
Күрэххэ бастыҥтан бастыҥнар кэлбиттэр, үчүгэй дьарык наада эбит. Элбэх төгүл чемпионнаабыт охчуттары кытта күөн көрсөн үөрдүм, долгуйдум. Төрдүс миэстэҕэ бириис биэрэллэрин олуһун сэргээтим. Тэрээһин үрдүк таһымнаах ааста, астара сибиэһэйэ, дэлэйэ сөхтөрдө. Түспүт гостиницабытыгар киһи сынньанар усулуобуйата барыта баар. Сөрүүн салгыннаах Астана ньиргийэн олордо. Арба күн аайы күрэххэ киириигэ, тахсыыга улахан хонтуруол үлэлээтэ.
Инники былааммар элбэх дьарык ирдэнэр. Кэлэр сылга тохсунньуга Орёл куоракка буолар күрэххэ бэлэмнэниэҕим. Эһиил Киргизияҕа ыытыллар уһуктааҕынан ытыыга күрэххэ ыҥырдылар, онно күүскэ дьарыктанан кыттар баҕалаахпын. Өрүү өйүүр, өйдүүр кэргэним Любовь Петровна күрэҕи көрө, миигин кытта билиэт атыылаһан тэҥҥэ айаннаабыта. Чугас киһим аттыбар баара, өйүүрэ, тэҥ интэриэстээҕэ — бу дьол дии саныыбын. Сарсыарда тоҕустан киэһэ сэттэҕэ диэри күрэх буолан, түөрт күн биллибэккэ ааста. Уопсай түмүккэ Австралия бастакы, Казахстан иккис, Арассыыйа үһүс буоллубут. Бу мин улахан таһымнаах бастакы күрэҕим буолар, өссө биир улахан уопут ылан кэллим, — диэн үөрэ-көтө сэһэргиир Аан дойдуга ыытыллыбыт «Өбүгэ оонньуулара» күрэх призёра Егор Анатольевич Баранов.
Кэргэннии Любовь, Егор Барановтар сайыҥҥы кэмнэргэ Муона алааһыгар, кыһын «Дружба» комплекска дьарыктанан Аммабытын, Сахабыт сирин Аан дойдуга ааттатан кэлбиттэриттэн киэн туттуоҕуҥ. Өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, саҥаттан саҥа чыпчааллары баҕарыаҕыҥ!
- Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА,
- «Амма олоҕо» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ, Амма Наахара.