Көмүс саас көмүс күһүнэ Амма Наахараҕа сэргэхтик ааста

Амма Наахара нэһилиэгэр  Аҕам саастаах дьоммутугар анаммыт Аан дойдутааҕы декада олус сэргэхтик ааста. Нэдиэлэ тухары «Көмүс күһүн — көмүс саас» диэн ааттаах декадаҕа «Түмэн» сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ күн ахсын саастаах дьоммутун түмэр сыаллаах араас тэрээһиннэри тэрийдилэр. Нэһилиэк харысхаллаах буолуутун исписэлииһэ Радамира Пахомова сүүрэн-көтөн тэрээһиннэри тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурда. Нэдиэлэни олохтоох балыыһа фельдшерэ Евдокия Пахомова «Дьоллоох олох төрдө — доруобуйа» лиэксийэтинэн саҕалаата.

Бэсиэдэ кэннэ күн ахсын эти — хааны эрчимирдэр сэрээккэлэри билиһиннэрдэ. Декадаҕа «Үҥкүлээ көмүс күһүн» диэн үҥкүүгэ маастар кылааһы сынньалаҥ киинин саҥа исписэлииһэ Иван Ефремов бэрт сэргэхтик ыытта.

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн ас астааһыҥҥа минньигэс астаах бастыҥ дьиэ кэргэн хаһаайката Оксана Пахомова маастар кылааһы тэрийдэ. Манна асчыт Таппер фирма иһиттэрин туһанан аһы хайдах минньигэстик, түргэнник ас битэмииннэрин сүтэрбэккэ астыахха сөбүн көрдөрдө.

Бу декадаҕа тирэнэн олохтоох дьаһалта салайыытынан Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө «Кыайыы маһа» диэн аахсыйаҕа тэрилтэлэр Кыайыы болуоссатыгар мас олортулар. Болуоссаппытын эдэр ыччат ыраастыыр буолан ырааһа киһи хараҕар тута быраҕыллар.

Декада бүтэһик күнүгэр «Көмүс күһүн — көмүс саас» диэн биэчэр тэрилиннэ. Манна нэһилиэкпит баһылыгын социальнай боппуруоһугар солбуйааччы Сахаяна Михайлова, Үлэ Дьоруойа Петр Ионович Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын дириэктэрэ Василий Яковлев, нэһилиэккэ кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Марианна Чен эҕэрдэ тылларын эттилэр-тыыннылар, бэтэрээннэригэр сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Эҕэрдэ нүөмэрдэргэ  Туяра Мартынова салайар «Үрүйэчээн» фольклорнай бөлөх хомустаан дьырылатта. «Сиибиктэ», «Чэлгийээнэ» ырыа ансаамбыллара, «Ситим» үҥкүү ансаамбыла, ырыаһыттар Лилиана Ефремова, Наталья Ефремова уонна Сардана Лебедева дуэттара, Светлана Захарова эҕэрдэ нүөмэрдэрэ сынньалан киэһэтин киэргэттилэр.  Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, араас көрдөөх оонньуулар буоллулар.

Сылаас чэй, сандалы тула олорон сэһэргэһии өрө көтөҕүүлээхтик, истиҥ иэйиилээхтик ааста. «Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эйэтин!» диэн өс хоһооно декадабыт түмүк күнүгэр анаммыт курдук буолла.

Ирина Корякина — Олесова.

Читайте дальше