“Аҕа дьылҕата” испэктээк көрөөччү сүрэҕин долгутта

Сандал саас маҥнайгы сырдык, сылаас күннэрин кытта кулун тутар 1 күнүгэр Үүнэр көлүөнэ театрын сценатыгар өрөгөйдөөх үбүлүөйүн Амма Сатаҕайыттан төрүттээх Сахабыт сирин норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Петр Андреев бэлиэтээтэ.


Амма улууһун уонна Сатаҕай, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Петр Евсеевиһи ытык 75 сааһын туолбутунан уонна Москубатааҕы М.С. Щепкин аатынан үрдүкү театр кыһатын бүтэрбитэ 50 сылынан дьиэ кэргэнэ, аймах-билэ дьоно, араас кэмҥэ бииргэ үөрэммиттэрэ, атастара, доҕотторо, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ, күндү көрөөччүлэрэ эҕэрдэлээтилэр. Төрөөбүт-үөскээбит Сатаҕайын дьоно-сэргэтэ 2024 сыллаах убаһаны бэлэхтээн, өрөгөйдөөх үбүлүөй үөрүүтүн өссө үксэттилэр. Театр фойетыгар Петр Евсеевич айымньылаах айар үлэтин кэпсиир баай ис хоһоонноох быыстапка дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла, болҕомтотун тарта.

 

«Петр Евсеевич ханнык да испэктээккэ оонньоотор, ханнык да оруолга, уобараска таҕыстар тута сцена хаһаайына буола түһэр», — диэн театр уус-уран салайааччыта РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа Алексей Павлов эппитин, биһиги бэҕэһээ норуодунай артыыспыт Петр Андреев «Аҕа дьылҕата» диэн кыргызтан норуодунай суруйааччыта Бексултан Жакиев драматынан испэктээккэ сүрүн оруолга оонньообутун көрөн итэҕэйдибит. Кылаабынай режиссер СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Александр Титигиров бу испэктээги Петр Евсеевичкэ анаан туруорбутум диэн этэр. «Күн аайы Акылбек оҕонньор обургу саастаах сиэнинээн Дженишбектыын бириистэнҥэ киирэн сэрииттэн төннөр саллааттар борохуоттарын көрсөллөр уонна … төттөрү дьиэлэригэр төннөөхтүүллэр…» диэн этиигэ испэктээк сүрүн идеята, ис хоһооно бүтүннүү ойууланар. Испэктээккэ аҕа кэллиэгэлэрин кытта театр эдэр артыыстара араас майгылаах дьон уобрастарын итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр. Маныаха тыас-уус, уот-күөс, декорация, бутофория үрдүк таһымҥа оҥоһуллан геройдар уобарастарын арыйарга, испэктээги үчүгэйдик ылынарга күүс-көмө буоллулар.

 

«Испэктээги биир тыынынан көрдүбүт. Аҕа дойду Улуу сэриитэ бары норуот дьылҕатыгар, хас биирдии ыал олоҕор оспот-сүппэт бааһы хаалларбыта. Билиҥҥи биһиги кэммитигэр наһаа чугас испэктээк… Ол иһин сүрэхпитигэр наһаа чугастык ылынан уйадыйа, долгуйа көрдүбүт. Оҕолорбутун элбэх киһи кэтэһэбит, тыыннаах эргиллиэхтэригэр эрэнэбит. Улахан махтал!» — диэн  көрөөччү, Дьокуускай куорат олохтооҕо Ольга Сергеева хараҕын уутун кыаммакка санаатын үллэһиннэ.
Испэктээк түмүгэр Акылбек оҕонньор: «Уолчааныам, эн булгуччу төннүөхтээххин, эргиллиэхтээххин дьиэҕэр!» — диэн соҕотох уолун сүтэрбит аҕа дууһатын кыланыыта, ыар кырдьыгы ылыммат эрэйэ-муҥа, эргиллэн кэлэригэр эрэлэ, андаҕар буолан, ханнык да түгэҥҥэ эрэл кыыма сүтүө суохтааҕар, дьоллоох олох эргиллэригэр сырдык санааны саҕар.

Вера ИВАНОВА

Хаартыскалары Үүнэр көлүөнэ театр СММ уонна литчасть үлэһитэ Диана Сутакова тиксэрдэ

Читайте дальше