Аҕабытыгар махтал, сүгүрүйүү бэлиэтэ

Бүгүн амарах аҕабыт Иван Никитич Корякин-Уйбаан Бөтүүнүскэй 85 сааһын туолла. Кини ырыа буолбут хоһооннорунан төрөппүт оҕолоро “Хомус уонна кырыымпа” ырыанньыгы Күн сирин көрбүт күнүгэр 39 ырыалаах  ноталаах ырыанньыгы бэлэх ууннубут.

Бу аҕаҕа таптал, сүгүрүйүү, махтал бэлиэтэ кинигэтин бэһис кыыһа С.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү театрын национальнай оркестрын музыкана, “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөх салайааччыта, СР үтүөлээх артыыһа, РФ тыйаатырын диэйэтиллэрин сойууһун чилиэнэ, СР музыкааннарын сойууһун чилиэнэ Анна Томская хомуйан, бэчээттээн, күтүөппүт СР үтүөлээх артыыһа, РФ  тыйаатырын диэйэтиллэрин сойууһун чилиэнэ, С.Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү театрын национальнай оркестрын музыкана Афанасий Томскай нуотаҕа суруйан оҥордулар.

«Биһиэхэ аҕабыт тапталлаах аҕа бастыҥа, холобура, киэн туттуубут буолар. Биһиги бары олус аҕамсах оҕолорбут. Аҕабыт оҕо эрдэхпитинэ киэһэ утуйуохпут иннинэ саҥаттан-саҥа остуоруйалара, уот бардаҕына остуол тула олорон чүмэчи уотугар былыргыны сэһэргиирэ, сарсыарда араадьыйа саҥатыгар сэрээккэтин оҥоруута, ийэбит алаадьытын сытыгар байаанын дорҕооно – бу барыта оҕо сааспыт, төрөөбүт дьиэбит туһунан күндүттэн күндү өйдөбүллэр буолаллар. Аҕабыт муусуканы өрө тутан, өрүү үрдүктүк сыаналыыра үгүс хоһоонноругар  көстөр. Ырыанньык аата буолбут “Хомус уонна кырыымпа” хоһоонугар кэрэ дорҕоон — муусука туһунан этиилэрэ аҕабыт ис туругун, эйгэтин олус сөпкө көрдөрбүттэр:

«Хомус уонна кырыымпа

Хоһуласпыт дорҕоонноро

Кулгаахтарбар кутуллан

Куппун-сүрбүн туттулар.

Тымырбынан сүүрэлээн

Тыыммын-быарбын астылар.

Эттиин-сиинниин ылынан

Иһиллээммин турбутум

Истиҥ кэрэ кылыһах

Эриэккэһин сөҕөммүн,

Аптаах дохсун муусука

Абылаҥнаах күүһүгэр

Абылатан куустаран

Тулам сырдаан хаалбыта

Туймаарытан ылбыта

Көтүөх санаам кэлбитэ»- диир.

“Хомус уонна кырыымпа” аат тылы хомуурунньукка аҕабыт бэйэтэ талбыта эмиэ элбэҕи этэр. Бу кэнники сылларга суруллубут, биһиэхэ анаммыт хоһоонугар, саха тапталлаах мелодиһа, ырыа айааччыта Галина Никитична Шахурдина ырыа айан хаалларбыта. “Аҕаҥ бэккэ суруйар эбит, эҕэрдэбин тириэрдээр. Хоһоонун ырытан, кинилиин биир турукка киирэммин матыыптар таҕыстылар. Күпүлүөттэргэ ааптар хоһуйуутунан, тылыттан-өһүттэн матыыбым сорох строкаларга, ону бигэргэтэн, уларыйар. Ис хоһооно сиэтэ турар. Иван Никитич хоһоонун тыллара дьикти дьайыылаахтар эбит». Бу хоһоон тылын сөбүлээн Абыйтан сылдьар Вера Прокопьевна Егорова оһуохай тэтиминэн ыллаан ыыппытын ырыанньыкка киллэрдибит. Хоһоон тыла тойукка олус барсарын Республикаҕа биллэр тойуксуттарбыт, толорооччуларбыт Варвара Степанова — Арчыына (Мэҥэ — Хаҥалас), Маайа — Мария Григорьева (Нам) бигэргэппиттэрэ.

Ырыанньыкка аҕабыт махталлаах мелодистара, хоһооннорун ырыа гынан көтүппүт күндүтүк саныыр-ахтар ырыа айааччылара, биир дойдулаахтарбыт Афанасий Кузьмин, Иван Афанасьев, Чурапчыттан төрүттээх Василий Эверстов айан хаалларбыт ырыалара киирдилэр. Афанасий Кузьмин “Аммам, устан суһумнаа” ырыата элбэхтик ылланар, биллэр ырыа. Амма күөрэгэйэ-Наталья Михайлова толоруута радиоҕа, телевизорга элбэхтик иһиллэр. Кэнники кэмнэргэ Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрын солистката Екатерина Захарова араас улахан сценаларга толорор. Амма ааттаах ырыаһыта Анна Матвеева репертуарыгар эмиэ бу ырыа баар. Анна, биһиги үлэлиир, С.А.Зверев-Кыыл Уола театрын саха оркестрын доҕуһуолунан “Ньургуһуннар” ырыаны толорбута радио фондатыгар киирэн иһиллэр. Иван Афанасьев “Сайылыгым хотуна” ырыатын Саха республикатын үтүөлээх артыыһа, өр кэмҥэ “Туймаада” ырыа ансаамбылыгар үлэлээбит Илья Николаев толорор. С.А.Зверев — Кыыл Уола театрын эдэр солиһа Александр Карманов оркестр доҕуһуолунан бу ырыаны Саха сирин араас улуустарыгар, куораттарыгар, киэн Россия түһүлгэлэригэр ыллыы — туойа сылдьар. Василий Эверстов суруйбут “Төрөөбүт буорум” ырыатын опера солиһа, Саха республикатын үтүөлээх артыыһа Егор Колодезников куруутун таптаан ыллыыр. Биир биллибит, күөх экраҥҥа элбэхтик көстөр, сыанаҕа ылланар ырыатынан “Күөрэгэй” буолар. Бу ырыаны киэҥ эйгэҕэ СӨ үтүөлээх артыыһа Алевтина Лукинова таһаарбыта уонна ырыа тылларыгар олоҕуран республикаҕа биллэр — биһирэнэр “Алаас ырыата Күөрэгэй Куо” бырайыак — кэнсиэр оҥорбута. Композитор Аркадий Самойлов суруйан хаалларбыт “Үлэҕэ ыҥырда” уонна “Таптыыбын”ырыалары Бөтүҥнэр, Аммалар сөбүлээн ыллыыллар. “Тапталлаах Бөтүҥүм” аҕам уонна үөлээннээҕэ Иван Саввин 1968 сыллаахха суруйбут бастакы ырыалара Бөтүҥҥэ Өрөгөй ырыата буолан ылланарыттан олуһун үөрэбит. Композитор Егор Неустроев -Тулуйхан “Библиотекарь кыыс” ырыаны 2020 сыллаахха матыып айан көтүппүтэ. Ырыаны Саха национальнай библиотекатын “Библиотекарь кыргыттар” төрдүс кыыһа Туйаара Ивановна Андреева салайар ырыа бөлөҕө элбэхтик толорор. Эдэр ырыа айааччы Милена Борисова “Төрөөбүт Бөтүҥмүн” ырыаны оҕолорго анаан айан — ыллатан аҕабытын олус үөрпүтэ. Бөтүҥ мелодиһа, баяниһа Петр Ефремов “Дьоллоох буолуом оччоҕо” ырыатын бэйэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэ сылдьар. Саҥа ырыанньыкка 2008 сыллаахха тахсыбыт Иван Корякин-Уйбаан Бөтүүнүскэй “Аммам, устан суһумнаа” ырыанньыкка киирбит мелодистар Надежда Макарова, Егор Айаан, ырыа айааччылар Семен Иванов, Николай Борисов, Анатолий Слепцов ырыаларын эмиэ үөрэ-көтө киллэрдибит. Бу ырыалар эмиэ толорооччулардаахтара ырыа айыллан баран ылланыахтааҕын бигэргэтэллэр. Аҕыйах сыллааҕыта, аҕам куоракка кэлэ сырыттаҕына тыйаатырбытыгар “Үтүлүктээх” саҥа үҥкүү туруоралларыгар муусука оҥорорбор хоһоон суруйарын көрдөспүтүм. Ырыалаах, оһуохайдаах, “Кыл Саха” бөлөҕүм доҕуһуоллаах үҥкүүнү Россия үтүөлээх, СӨ норуотунай артыыһа Афанасий Соловьев туруоран кэнсиэрбитигэр үҥкүүлэммитэ “НВК Саха” каналга көстүбүтэ. Аҕабыт ырыата элбэхтик ылланарыттан, хоһооно, кэпсээнэ араадьыйанан иһиллэриттэн биһиги киэн туттабыт. Ырыанньыкка киирбит 38 ырыата нуотаҕа тиһиллибит ырыалара киэн эйгэҕэ тахсан иһиэхтэрэ. Аҕабыт ырыалара үөрэтиллэн ылланар кэмнэрэ кэлиэҕэ. Өссө да хоһоонноругар ырыа айыллан иһиэ диэн бүк эрэллээхпин» — диэн сэһэргиир кыыһа Анна Томская.

Аҕабытыгар таптал, махтал тылларын, өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн эҕэрдэбитин, баҕа санаабытын эдьиийим Ирина Ивановна Корякина-Олесова суруйбут “Аҕабар аныыбын” хоһоонунан тиэрдэбит.

 

Дуоһуйуу сааһыгар, дуоһуй дуу олохтон…

Саҥа күн сырдыгын күн аайы көрсөртөн…

Ийэбит аттыгар сылааскын биэрбиккэр…

Олорбут олоххор үлэнэн күүрбүккэр…

Бу саас бэриллэр дьоллооххо, баартаахха,

Элбэҕи ситиһэн тус кыаҕы ылбыкка,

Олорбут олоххун одуулаан көрөргө,

Сиэннэргин кытары сиэттиһэ хаамарга…

Хайдах, туох идэлээх оҕону ииппиккин

Дуоһуйа көрөргө, бэлэмнээн уурбуккар

Билигин ол өҥөн хардатын ыларгар,

Ситиһии түмүгүн дуоһуйа көрөргөр…

Муспутун сыл аайы муударай санааны,

Олортон биирдэрэ биһиэхэ тапталын,

Кэрэҕэ тардыһар үтүмэн баҕаны

Биэрбитин олоххо сырдыгы, ырааһы…

Эн өрүү чөл олох суолунан хаампытын,

Сахалыы сайаҕас санаанан ииппитин,

Төрөппүт ып-ыраас тапталын биэрбитин,

Сып-сылаас эйэҕэс санааны тиэрпитин…

Дуоһуй дуу – олохтон!

Күн аайы саҥаттан…

 

Уйбаан Бөтүүнүскэй оҕолоро, сиэннэрэ. 

Читайте дальше