Амма нэһилиэгэр “Дружба” спортивнай комплекска Үһүс көлүөнэ оскуолата тэрийиитинэн аҕа саастаах көлүөнэ остуол тенниһигэр күөн көрүстэ. Теннис дьарыгын оскуола волонтера Елена Рысалиева иккис сылын сарсыардатын балаҕаҥҥа, киэһэтин “Дружба” комплекска нэдиэлэҕэ икки күҥҥэ ыытан кэллэ. Дьарыкка суурбэччэ киһи дьарыктанар. Күрэхтэһии оскуола иһинэн теннискэ дьарыктанар Амма олохтоохторугар анаан тэрилиннэ.
Ыытыллыбыт аҕам саастаах дьон күрэхтэрин кылаабынай судьуйатынан Семен Килбясов үлэлээтэ. Уопсайа күрэххэ 19 киһи кытынна. Күүрээннээх киирсиилэр кэннилэриттэн түмүк маннык таҕыста. Эр дьоҥҥо 1-кы миэстэ Георгий Нестеров, 2-с миэстэ Геннадий Окороков, 3-с миэстэ Федор Абрамов. Дьахталларга 1-кы миэстэ Елена Рысалиева, 2-с миэстэ Мария Тинмей, 3-с миэстэ Лариса Никифорова буоллулар. Ону таһынан спорт бэтэрээнэ Алексей Матвеев туруорбут харчынан бирииһин саҥа теннискэ сыстан эрэр Марфа Кычкина 4-с миэстэ буолан тутан үөрдэ-көттө.
Атын саҥа саҕалааччылар өссө элбэх дьарык ирдэнэрин өйдөөн, кэлэр күрэххэ өссө үрдүк дьарыктаах кэлиэххэ наадатын, ону таһынан үчүгэй ракетка, мээчик ылыныахха наада диэн былааннаах, инникигэ соруктаах тарҕастылар. Ити курдук эдэрдэргэ холобур буолан эти-хааны эрчийэн, сынньалаҥы туһалаахтык атааран аҕа көлүөнэ спорду өрө тутар.
Лариса НИКИФОРОВА — Баһылай кыыһа