Аҕам саастаахтар тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар

Амма нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтэ уонна Амматааҕы Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтэ нэһилиэк аҕам саастаахтарыгар анаан бэртээхэй тэрээһини ыыттылар. Араас күрэхтэр тэриллэннэр, бары да көхтөөхтүк кыттан, тэриллибит бырааһынньыктан астынан бардылар.
Үөрүүлээх чааска эҕэрдэ тылларын Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов уонна бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, улуустааҕы үһүс көлүөнэ оскуола салайааччыта Наталья Дьячковская тириэртилэр. Бу кэнниттэн бырааһынньык кыттыылаахтарыгар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Александр Ушницкай ылбаҕай ырыатын бэлэхтээтэ.

“Бырааһынньыкпытын нэһилиэк да дьаһалтата, култуура дьиэтин үлэһиттэрэ наһаа үчүгэйдик тэрийэн, бары күүс-көмө буолан бэркэ ааста. Бэтэрээннэрбит бары астынан, ыытыллыбыт күрэхтэһиилэрбитигэр көхтөөхтүк кытыннылар. Биэчэри Анфиса Алексеевна Федорова үчүгэй иилээн-саҕалаан ыытта. Үс күрэх тэрилиннэ. Ол курдук бастатан туран күһүҥҥү “Ретро мода моей молодости” күрэххэ урукку плащтары, сапожкалары кэтэн хаамтылар.

Манна бастакы миэстэни Анастасия Давыдова, иккиһи кэргэннии Ксения уонна Павел Алексеевтар, үсүһү Евдокия Кузьмина ыллылар. Аны сэлээппэни күһүҥҥүлүү киэргэтии күрэҕэ эмиэ бэрт сэргэх буолла. Араас интэриэһинэй сэлээппэлэри көрдүбүт. Кыайыылааҕынан Аграфена Нестерева таҕыста, иккис Анастасия Давыдова уонна үһүс миэстэни Ксения Алексеева ыллылар. Маны сэргэ үһүс күрэҕинэн “У меня ты, Россия, как сердце одна” диэн патриотическай ырыа күрэҕэ ыытылынна. Манна бастакы миэстэни Зинаида Бураева, Матрена Барашкова дуэттаан ыллылар. Иккис миэстэ Дария Томская уонна үһүс миэстэ Екатерина Колесова буоллулар. Бэтэрээннэр сүрдээҕин кэлбиттэр, бары көхтөөхтүк кыттан бырааһынньыктан астынан тарҕастыбыт. Онон норуот айымньытын дьиэтин бары үлэһиттэригэр махталбытын тириэрдэбит”, — диэн улуустааҕы үһүс көлүөнэ оскуола салайааччыта, Амма нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Наталья Дьячковская сырдатар.

 

Амма нэһилиэгин дьаһалтата бу күн үбүлүөйдээх саастаахтар Людмила Ильинична Новиковаҕа, Людмила Михайловна Барашковаҕа уонна Евдокия Николаевна Белолюбскаяҕа Эҕэрдэ суруктары туттарда. Көхтөөх аҕам саастаахтар кинилэргэ ананан тэриллибит бырааһынньыкка баян доҕуһуолугар астына үҥкүүлээн, бэйэ бэйэлэрин кытта дуоһуйа кэпсэтэн сынньанан тарҕастылар.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше