Тыыл, үлэ, тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Ольга Андреевна Артемьева 90 сааһын туолла. Кинини бу бэлиэ күнүнэн улуус, нэһилиэгин дьаһалтата эҕэрдэлээтилэр.
Ольга Андреевна Соморсун, Мээндиги нэһилиэктэригэр 35 сыл устата үтүө суобастаахтык ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Кэлин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран эдэр дьоҥҥо наставниктаан улууска тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар үтүмэн кылаатын киллэрбитэ. Таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэтин элбэх Грамоталар туоһулууллар.
Абаҕа нэһилиэгин олохтоохторо холобур оҥостор киһилэрэ 90-с хаарын санныгар түһэрбит бэлиэ түгэнинэн кинини улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, социальнай көмүскэл управлениетын салайааччы Любовь Дорофеева, Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Максим Семенов эҕэрдэлээтилэр. Уонна долгутуулаах түгэҥҥэ Дойду президенэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ суруктарын туттардылар.
Степанида ГОГОЛЕВА.