“Абаҕа — Мээндиги- Соморсун” уунан уонна сиринэн айан үтүө өйдөбүллэри хаалларда

От ыйын бүтэһик күннэригэр, Амма улууһун үс нэһилиэгинэн экэспэдииссийэҕэ сылдьан олус астынан, элбэҕи билэн, үтүө өйдөбүллээх кэлбиппит. Бөлөхпүтүгэр барыта 15 буолан сырыттыбыт. Экэспэдииссийэ састаабыгар Дьокуускай куорат 12 №дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэр киирдилэр.


Кыыс Амма кэрэ бэлиэ ытык сирдэринэн “Абаҕа — Мээндиги — Соморсун” маршрут  уунан уонна сиринэн айаныгар Светлана, Василий Переваловтар оҕолоро, Москубатааҕы радиоэлектроника уонна автоматика институтун устудьуона Тимур, ону сэргэ  9 “в” кылаас үөрэнээччитэ Артур, 8 «в» кылаас үөрэнээччитэ Динара,  итини тэҥэ Злата, Александр Лотовтар уолаттара,  2 “в” кылаас үөрэнээччитэ Саша,  8 «в» кылаас үөрэнээччитэ Артем,  8 «в»  кылаас үөрэнээччилэрэ Күннэй АлексееваМаксимов Айылхан, Нестеров Эрсан, Федоров Артем ,  «Айыы Кыһата” оскуола  8 «в» кылааһын үөрэнээччитэ  Ньургуйаана Керемясова  ситиһиилээхтик сырыттылар.

Абаҕа нэһилиэгэр баһылык  Максим Владимирович Семенов кэргэнинээн Алена Васильевналыын көрүстүлэр. Алена Васильевна  экспэдииссийэбит салайааччыта Александр Константинович Чиряев үөрэнээччитэ буолар. Семеновтар биһигини дьэдьэннээх күөрчэҕинэн, сылаас соккуойунан күндүлүү көрсүбүттэрэ. Массыыналаахтарбыт кэлиэхтэригэр диэри Алена Васильевна Эмэлдьээнэп баай олорбут өтөҕөр илдьэ сырытта. Балачча улахан ампаар дьиэ, ол иһигэр икки сирэйдээх көмүлүөк оһох кэм кэрдии ыйааҕын мэлдьэһэрдии, сибилигин аҕай кыһыл төлөнүнэн күүдэпчилэнэ умайыахтыы, хороллон турар. Бу баай мааны уораҕайыгар Өксөкүлээх, Ойуунускай, үс күннээх түүн тохтообокко олоҥхолуур Чээбий курдук улуу дьоммут сылдьан, хонон-өрөөн ааһар сирдэрэ эбит.

Киэһэлик дьоммут кэлэн, Максим Владимирович сирдээн, Амма эбэ кытылыгар хонордуу түстүбүт. Балааккалары туруорунан, ас астанныбыт, сөтүөлээтибит, балыктаабыт. Бастакы улахан сордоҥу хаптаран, үөрүү өрөгөйүн Артур Перевалов амсайда. Аһылык кэнниттэн астына санаа үллэстэн, хомунан-иминэн бэрт үчүгэйдик утуйдубут.

Иккис күммүтүгэр байдаркаларбытыгар үөрэнэ таарыйа сүүрүк хоту устан, 3 биэрэстэни сатыылаан, Строд этэрээтэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит Саһыл Сыһыы алааһыгар (кулун тутарга Пелагея Семеновна кэпсээнин истэн, сайыҥҥытын көрө кэлиэххитин наада диэн ыҥырыытын быһа гыммакка иккистээн кэллибит) Александра Никитична Карманова сирдээн, батыһыннара сылдьан билиһиннэрдэ. Үйэ аннараа өртүгэр ааспыт кыргыһыы чахчыларыттан кэпсээтэ.

Төннөрбүтүгэр сүүрүк утары хадьыктаһан, маҥнайгы ыарахаттары көрсөн, бэркэ сылайан тиийэн, аҕабыт Василий Перевалов минньигэс борщун бурдурҕатан кэбистибит. Үһүс күммүтүгэр уолаттар байдааркалар тыыннарын көрүнэн, мас мастаан, илии эрбиитинэн эрбээн, мас хатыытын уруогун ыллылар. “Аны бэрчээккэ илдьэ сылдьар эбиппит”  дэстилэр. Мас хайытан инчэҕэй маһы кытта өрө хадьыктастылар, кутаа оттон күүдэпчилэттилэр, кыргыттар ас астаан бустулар-хаттылар.

Салгыы дьон-сэргэ сөбүлээн тоҕуоруһар Харама хайатыгар туруннубут. Ытык сиргэ тиийэн ньэҥир ылынан, олохтоохтор сэрэтиилэринэн үөһэ тахсыбакка кытылга тохтоон, сөтүөлээн, үссэнэн Буор хайа диэки суолбутун туттубут. Аара буруо күүһүрэн, оҥоойуларбыт тутан сиэри хаайдылар. Аны байдааркаларбыт төттөрү эргийэн сордууллар. Кимнээх эрэ илиилэрин чэрэ барда. Дьэ айантан бэркэ илистэн тиийэн,  аҕабыт Александр Лотов минньигэс да минньигэс плов буһарбытын охсон кэбистибит. Бу күн ийэбит Светлана Перевалова төрөөбүт күнэ буолан таҕыста. Түгэнинэн туһанан, бары үчүгэйи, дьолу, чэгиэн доруобуйаны, баҕа санаа туолуутун, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. Өрүү үөрэ-көтө, олохтон дуоһуйа сырыт! Дьон, оҕолор тустарыгар түбүгүрэргит үтүө түмүктээх буоллун диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит. Айаммыт устатын тухары ини-бии Переваловтар балыктаан, ону наһаа минньигэстик буһаран, сибиэһэй балыгынан хатаҕалаатылар. Саамай улахан сордоҥу (2 кг 800 г) Москуба устудьуона Тимур Перевалов күрүчүөгэр хаптаран арыылаах хобордооххо ыһаарылаан сырдьыгынатта.

Манна хоно сытан туристар базаларыгар киирэн көрөн, хаһаайын олохтоох урбаанньыт (аатын ыйыппакка хаалбыппыт) наһаа элэккэйин, аламаҕайын оҕолор чорботон бэлиэтээтилэр. Онтон кэккэлэһэ сытар “Дьаам” сайылыгар тиийдибит. Сайылык дьоно үлэлэрин үмүрүтэн онно-манна тарҕаспыттар. Хата, биир дьиэҕэ дьон баар буолан биэрдэ. Оҕолор дьаамсыктар эрэ туһунан буолбакка дьон сайылыкка тугу гыналларын биллилэр.  Өссө кырачаан ньирэйдэри кытта бодорустулар. Түүн буолла да базабыт уота күлүмүрдүү түһэр, дискотека муусуката ыраахха диэри дуораһыйар. Уолаттарбыт балааккалара да хаалсыбат, ырыа тылларын тэҥҥэ түһэрсэ сыталлар, дискотекаҕа бара да сыспыт түгэннэр бааллар быһыылааҕа.

Бэһис күммүтүгэр үрдүгэр харчы көмүллэ сытара буолуо диэн бүк эрэллээх Харчы хайатыгар уһуннубут. Хайабыт олус кэрэ көстүүлээх буолан биэрдэ. Сыырынньа өртүнэн барбатыбыт (хара тыа быыһыттан хаһаайын илэ бэйэтинэн тахсан кэлиэн сөп диэн сэрэхэдийдибит), уолаттар хайа сирэйинэн ортолоппуттарын кэннэ, аны таас сууллуо диэн төттөрү ыҥырдыбыт.  Уу, тыал, салгын чочуйбут кэрэ моһуоннарыгар абылатан, сүргэбит көтөҕүллэн хаартыскаҕа түһүөх буолбуппут… Арай өйдөммүппүт биир да киһи төлөпүөн ылбатах. Ааһан иһэр моторканы тохтотон көрдөһүү буолла да, эмиэ мэлийдибит. Хайыахпытый,  харахпытыгар түһэрэн, сүрэхпит бүөм сиригэр кистээн, Мээндиги диэки утары тыаллыын тургутуһан иннибит хоту эрдэ турдубут.

Кытылга тахсан саҥа үссэнэ олордохпутуна, Мээндиги аҕа баһылыга Семенов Илья Владимирович (учууталбыт Ксенофонтова К.Б. үөрэнээччитэ) тиийэн кэлэн сирин-уотун билиһиннэрдэ. Манна даҕатан эттэххэ Абаҕа уонна Мээндиги баһылыктара ини-бии Семеновтар. Төрөөбүт дойдуларыгар тапталлара, бэриниилэрэ, харыстабыллаах сыһыаннара, кыһамньылара тылга эрэ буолбакка, киһи хараҕар тута быраҕыллар. Аҥардас Мээндиги сөтүөлүүр кытылын холобурдуохха сөп. Барытын сиһилии суруйуохха баҕарыллар да киһи бэйэтэ хараҕынан көрөрө ордук буолуо. Экспэдииссийэбит биир чаҕылхай көрсүһүүтэ Мээндигигэ буолбута диэтэххэ сыыспаппыт буолуо. Дьэ ол курдук сып-сап хомунан, кик-боксинга сахалартан бастакы Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Сэбиэскэй сойуус чөмпүйүөнэ, Азия уонна Бүтүн Арассыыйа турнирдарын кыайыылааҕа Алексей Юрьевич Уваров тэрийэн үлэлэтэ турар “Боотур уораҕайа” лааҕырыгар тиийэ сырыттыбыт.

Лааҕыр “Тыгын Дархан” киинэ уһуллубут Лөгөй уораҕайа эбит.  Уот дуу, көмүөл дуу күүһүн-уоҕун курдук киһини абылыыр, кынаттыыр, эрчимирдэр кэпсээннээх, онно дьүөрэлии хамсаныылаах, бэрт кэпсээннээх  киһи буолан биэрдэ. Алексей Юрьевич биллиилээх спортсмен, тириэньэр, иитээччи эрэ буолбакка, киинэ артыыһа, каскадер, түрүүк туруорааччы, өссө олох да ойуун кутуруксута буолан таҕыста. Уолаттарбыт аҥардас кэпсээниттэн эрэ харахтара уоттанна, чиккэллэ түстүлэр, ким эрэ тапочкатын уста охсон атах сыгынньах сыбдыгыйааччы эмиэ баар буола оҕуста. Экспэдииссийэбит кырачаан кыттааччыта 8 саастаах Саша Лотов айаҕын аппытынан истэн турара харахпар көстөр. Аны лааҕырга киирэн оскуолабыт 9 «б» кылааһын үөрэнээччитин Рожин Сашаны көрсөн туспа үөрүү буолла. Төннөрбүтүгэр уолаттарбыт бары хоно хааларга, сарсыардааҥҥы дьарыкка сылдьарга туруорустулар. Аҕалар уонна кыргыттар ас астаан баран, кэтэһэ сатаан утуйа быһыытыйбыт ийэлэрбитигэр бэйэбит эрэ саккыраһан кэллибит.

Сарсыарда лоп курдук 9 чааска  олохтоох кыраайы үөрэтээччи, 80-с хаарыгар үктэнээри сылдьар ытык кырдьаҕас диэҕи бэйэбитинээҕэр тэтиэнэх  Михаил Васильевич Алексеев кэлэн, гражданскай сэрии тиһэх күннэрэ буолан ааспыт Билиистээх алааһыгар айаннаатыбыт. Манна урут Харчылаах хайа тааһыттан бурдук тардар суоруналары, дьон уҥуоҕун таастарын оҥороллорун Михаил Васильевич кэпсээниттэн биллибит. Сайынын таастары дьөлө үүттээн бэлэмнээн баран, кыһын чаанньыгынан итии ууну куттахтарына арыы курдук ньалҕаархайдык хайа барар үһү. Өссө табыллыбакка эмтэрийбит таастарын таах быраҕан кэбиспэккэ, биир ампаарга мунньан иһэллэр эбит диэн түмүктүүр.

Аара баран иһэн уолаттарбытын ыллыбыт. Артем Лотов олох да эрчиллэ хаала сыспытын дьоно эһиил кэлээр диэн көҥүллээбэтилэр. “Боотур уораҕайыгар” аны сайын, арааһа, элбэх уол кэлэрэ буолуо диэн сабаҕалыахха.

2-3 үйэ аннараа өртүгэр Мээндиги маҥнайгы кинээһэ олордубут титириктэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ аллея мааныта буолан үүнэн тураллар. Аллеяны сэлэлии баҕа санааны толорор чаҕылҕан курбуулаабыт маһыттан оҥоһуллубут ыскамыайкаларга олорон баҕа санаабытын эттибит.  Михаил Васильевич байҕал курдук муҥура суох билиитин хааһахтан хостуур курдук аргыый наллаан үрүйэ уута сири-уоту нүөлсүтэринии биһиэхэ үллэһиннэ. 1923 сыл кулун тутар 2 күнүгэр бу кыра алааска  үрүҥ генерал-лейтенана Пепеляев 600 киһилээх этэрээтэ уонна 800 киһилээх, 4 күүстээх, 12 чэпчэки бүлүмүөттээх, 2 хайа пушкалаах Курашов этэрээтин хабыр хапсыһыылара ааспыт. Киһи өйүгэр да сатаан оҥорон көрбөт иэдээнэ, араллаана, аймалҕана буолан ааспытын билиҥҥи кэмҥэ буулдьа тоҕута түһэтэлээбит маһа, эмэҕирэн сууллубут төгүрүччү эмиэ буулдьа суоллаах сэргэ эрэ кэрэһэлииргэ дылылар. Ону тэҥэ Михаил Васильевич оҕо сылдьан хомуйбут сынтарыйан хаалбыт буулдьалара, бууска снарядын эмтэркэйэ дьулаан кэм туоһута буолан хаалбыттар. Оччотооҕу эдэркээн аппыһыар уолаттар дойдуларыттан тэлэһийэн кэлэн ким кыһылларга, ким үрүҥнэргэ кыттыһан кыргыһан, Билиистээх алааһыгар үрүҥ тыыннара быстан туора дойдуга бырааттыы уҥуох тутуллан (үрүҥнэр халдьаайыга, кыһыллар алаас иһигэр) сыталларын харааста иһиттибит. Билигин кэлэн арай үрүҥнэр кыайбыт буоллуннар диэн өй-санаа эмиэ охсуллан  ааста. Михаил Васильевичтыын бу эмиэ иккис көрсүһүүбүт. Кырдьаҕаспыт хааман иһэн бэйэтин туйаҕын хатарааччы суох буолуон курдугуттан дьаарханарын биллэрдэ. Онон бу суруйууну биир эмит Мээндиги ыччата ааҕар күннээх буоллаххына, уһуну-киэҥи толкуйдаан ылсан үлэлэһэн көрүө эбиккин.

Мээндигигэ сырыыбытын түмүктээн, экспэдииссийэбит түмүк туочукатынан буолуохтаах Соморсуммутугар тиийиэхтээх этибит да,  ардах иһэрэ мэһэйдээн табыллыбатыбыт. Онон хомунан, тарҕаһыы буолла. Массыыната суохтары киэһэ үлэ кэнниттэн Нестеров Эрсан эһэтэ кэлэн, Аммаҕа тиэйэн илдьэн, дьиэтигэр маанылаан хоннордо. Дьоммут Курашов уулусса олохтоохторо эбит. Түгэнинэн туһанан, саха ыалдьытымсах ыалыгар Екатерина Кимовна, Георгий Семенович Нестеровтарга махталбытын тиэрдэбит. Экспэдииссийэни салайбыт учууталбытыгар Александр Константинович Чиряевка, тэрийсибит-сылдьыспыт төрөппүттэрбитигэр, от үлэтэ, сир аһа диэн аахсыбакка элбэҕи кэпсээбит, көрдөрбүт, үөрэ-көтө көрсүбүт дьоммутугар бука барыгытыгар барҕа махтал буолуохтун. Кылгас да кэмҥэ алтыспыт нэһилиэктэрбит аҕа баһылыктарын үлэтин сэргии көрдүбүт, инникитин даҕаны ситиһиилээх, кэскиллээх үлэни-хамнаһы баҕарабыт.

 

Евгения КЕРЕМЯСОВА, Дьокуускай куорат 12-с №дээх оскуолатын 8 «в» кылааһын салайааччыта

 

 

 

 

Читайте дальше