Абаҕа саҥа оскуола-саадыгар саҥа кабинет арылынна

Кулун тутарга Ил Дархан Айсен Николаев Абаҕа оскуолатын үөрэнээччилэрин, иитиллээччилэрин, кэлэктииби уонна олохтоохтору саҥа оскуола-саад киирбитинэн истиҥник быһа ситиминэн эҕэрдэтин тириэрдибитэ. Оскуола да, уһуйаан да билигин тигинэччи үлэлии турар. Үөрэнээччилэр, уһуйаан иитиллээччилэрэ уонна биллэн туран үлэһиттэр олус астынан туран сырдык, ыраас, сылаас оксуолаҕа сандал сааһы көрсө үлэлии-хамныы сылдьаллар. Онтон бу күннэргэ уһуйааҥҥа саҥа кабинет арылынна, бэдэрээччит кэлэн күлүүһүн туттарда, урукку сыллар выпускниктара кэлэн саҥа аһыллыбыт үөрэх, иитии уораҕайын сэргии, астына көрдүлэр. Бу туһунан оскуола кэлэктиибэ махтана иһитиннэрэр.


Оскуолабытыгар олунньу ыйтан киирэн үөрэнэ сылдьабыт. Бары да үөрүүбүт улахан. Соторутааҕыта тутууну ыыппыт бэдэрээччит “Электромонтаж” ХЭТ салайааччыта Василий Иннокентьевич Пинигин саҥа үөрэх кыһатын бэлиэ күлүүһүн оскуолабыт директорыгар Людмила Кимовна Александроваҕа олохтоохтор ортолоругар туттарда. Онтон “Мичил” уһуйааҥҥа педагогическай наука доктора, профессор, Саха сиригэр дьиэ кэргэн уонна оҕо саас кыһалҕаларынан дьарыктанар научнай оскуоланы төрүттээччи, биир дойдулаахпыт Мария Михайловна Прокопьева-Нохсорова аатынан научнай-методическай киин арыллан үөрүүбүт өссө үксээтэ. Кабинеты Мария Михайловна бэйэтэ кэлэн үөрэх салаатын салайааччыта Николай Александрович Ларионовы уонна оскуола дириэктэрэ Людмила Кимовна Александрованы кытта арыйда.

Бу күн ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттарбыт оскуола устун экскурсиялаатылар. Урукку сылларга үөрэммит, үлэлээбит хаартыскаларын көрөннөр ааспыты ахтыстылар, астына-дуоһуйа кэпсэттилэр. Саха сиэринэн ыалдьыттарбыт илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн, элбэх бэлэх биэрбиттэригэр махталбыт муҥура суох. Үөрүүбүтүн үллэстэр бэлиэ күммүтүгэр үгүс бастыҥ үлэһиттэр наҕараадалары тутан сыралаах үлэлэрэ бэлиэтэннэ.

 

Күндү төрөппүттэрбитигэр, нэһилиэк бары тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр, “Түһүлгэ” түмсүүгэ, араас сылларга оскуоланы бүтэрбит выпускниктарбытыгар, оскуолабыт тутуутугар үлэлээбит бары дьоммутугар, улууспут, нэһилиэкпит салалтатыгар өр сылларга күүппүт, ыра санаа оҥостубут саҥа оскуола-уһуйааммыт аһыллыытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбуккутугар оскуола-уһуйаан коллективын аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит! Санаабыккыт сатанан истин, толкуйдаабыккыт туола турдун, баҕарбыккыт барҕара турдун диэн алгыс тылбытын аныыбыт. Куруутун даҕаны бары бииргэ түмсүүлээх, биир санаалаах буолуоҕуҥ”, — диэн А.Е. Кралин аатынан оскуола -уһуйаан кэлэктиибэ бэйэтин махталын тириэртэ, үтүө сонунун үллэстэр.

 

«Амма олоҕо хаһыат»

 

Читайте дальше