Бастакы сааскы бырааһынньыгынан Абаҕа эр дьонун түмсүүтэ нэһилиэктэрин кэрэ аҥардарыгар дьоро киэһэ бэлэх ууннулар. Бу күн кэрэчээн кыргыттарга, ийэлэргэ, эбэлэргэ анаан ис сүрэхтэн тахсар эҕэрдэ эгэлгэтэ, баҕа санаа бастыҥа этилиннэ, кэрэ-нарын ырыалар ылланнылар.
Бэйэлэрин истиҥ-иһирэх эҕэрдэлэрин “Абаҕа нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Максим Владимирович Семенов уонна эр дьон түмсүүтүн салайааччыта Александр Павлович Дьячковскай тиэртилэр.
А.Е. Кралин аатынан орто оскуола, У.Нохсоороп аатынан Духуобунас киинин уонна олохтоох дьаһалта, почта, урбаанньыттар сомоҕо хамаандалара көрдөөх күрэхтэргэ күөн көрүстүлэр. Ас астаан бэлэмнээһин күрэҕэр кулууп коллектива тоҥ аһы уратытык биэрэн дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө. Урукку сыллар киинэлэрин ырыаларынан таайыыга оскуола хамаандата билиитин көрдөрдө. Көрдөөх эстафетаҕа олохтоох дьаһалта хамаандата хайаларыгар да иннин биэрбэтэ. 6 көрүҥнээх күрэххэ уопсай түмүгүнэн оскуола хамаандатын кэрэ куолара инники тахсан үөрүү буоллулар. Хамаандалар мэтээллэринэн наҕараадаланнылар, эр дьон сандал саас илдьитин — сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Ыҥырыллан кэлбит хомоҕой тыллаах, ылбаҕай ырыалардаах ыытааччы Николай Нестерев киэһэни киэргэттэ, иһирэх эҕэрдэтин анаата. Абаҕа эр дьонун түмсүүтэ дьоһун бэлэҕэр — ураты киэһэни бэлэхтээбитигэр нэһилиэк Кэрэ куолара, Далбар хотуттара махталлара улахан.
Розалия Гоголева.