Афанасий Афанасьев “Олохпор саамай долгутуулаах күн буолла”

Бүгүн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбардыыр бүтэһик быһаарыылаах күммүт. Бу күн барыбытыгар да долгутуулаах. Онтон бүгүн оруобуна 18 сааһын томточчу туолбут Афанасий Афанасьев икки бүк долгуйар. Тоҕо?


“Мин Амма 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 11  “а” кылааска үөрэнэ сылдьабын. Быйыл оскуолабын бүтэрэн экэнэмиичэскэй хайысханан барар баҕалаахпын. Бүгүн оруобуна төрөөбүт күммэр быыбардыыр сааспын туоллум. Дьонум быыбар испииһэгэр киирбитин диэн эппиттэрэ. Онон бу күнү долгуйа кэтэһэн кэлэн Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбарыгар кыттынным уонна бэйэм саастыылаахтарбын куоластыы илик буоллаххытына кэлэн куоластаан диэн ыҥырабын”, – диэн эдэр быыбардааччы Афанасий  Афанасьев этэр.

Афанасийы бу олоҕор бэлиэ түгэнинэн Амма нэһилиэгин 46№-дээ быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Иванна Шестакова истиҥник эҕэрдэлээн туран, киин быыбардыыр хамыыһыйа аатыттан өйдөбүнньүк бэлэҕин туттарда. Афанасьевтар дьиэ кэргэнинэн уолларын өйөөн бары быыбардыы кэлбиттэр.

“Улахан уолум сокуоннай сааһын ситэн бүгүн оруобуна быыбар күн кэлэн быыбардаата. Бу күнү кэтэһэн туран, уолбутун кытта Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылынан бары дьиэ кэргэнинэн  кэлэн  куоластаатыбыт, ытык иэспитин толордубут. Оҕобор икки төгүл бырааһынньык. Баар суох иннибэр уктар киһим быйыл оскуолатын этэҥҥэ бүтэрэн, таптыыр идэтигэр үөрэнэ киирэн, үчүгэй киһи буолан тахсарыгар баҕарабын. Сокуоннай сааһын ситиитэ Дойдубут аҕа баһылыгын талар суолталаах күҥҥэ түбэспититтэн бэйэбит да олус долгуйдубут,  үөрдүбүт”, — диэн ыал аҕата Николай Афанасьев санаатын үллэһиннэ.

Олоҕор аан бастакытын быыбардыыр бюллетень тутан Дойдут Бэрэсидьиэнин талар эппиэтинэстээн түгэни билбит Афанасий Афанасьевка үөрэҕэр ситиһиини, экзаменнарын этэҥҥэ туттаран, талан ылбыт үөрэҕэр киирэригэр баҕарабыт.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше