СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр мунньаҕар кэлэ сыддьан, улуустааҕы архыып үлэтин кытта билистэ.
Муниципальнай архыып хайдах үлэлээн олорорун, туох ыарахаттар баалларын сэбиэдиссэй Катерина Окорокова билиһиннэрдэ, көрдөрдө.
“Өрөспүүбүлүкэбит култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Иванович НОев Аммаҕа кэлэ сылдьан биһиги архыыппытыгар сылдьан үлэни билистэ. Күн бүгүн архыыпка 15399 докумуон хараллан сытар. Миниистиргэ архыыппыт үлэтин билиһиннэрэн, хоспут кыараҕаһын, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттээбэтин эттибит. Ону кини бэйэтэ да көрөн итэҕэйдэ. Кини бу маннык усулуобуйаҕа да олорон таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлии олорор эбиккит диэн махтанна уонна баар ыарахаттары быһаарсыыга үлэлэһэргэ бэлэмин биллэрдэ”, — диэн Катерина Сольскиевна сырдатта.
«Амма олоҕо» хаһыат