Агротехническай хайысхалаах оскуолалар ыһыахтарыгар аммалар кыайыы өрөгөйүн биллилэр

Саха өрөспүүбүлүкэтин агрооскуолаларын ыһыахтара Хатас нэһилиэгин сиригэр-уотугар үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ 12 оскуола баран  кыттыыны ылла. Ыһыах күрэхтэһиилэригэр Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата уонна А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолалара ааттарын үрдүктүк туттулар.


Ыһыах кэмигэр араас күрэхтэр олус интэриэһинэйдик буоллулар. Ол курдук тупсаҕай көстүүлээх түһүлгэ уонна сахалыы ас арааһын остуол хотойорунан тардан “Саламааттаах сандалы түһүлгэтэ”  күрэххэ 12 оскуола кыттыыны ылла.  “Алгыстаах оһуохай” күрэххэ – уус тыллаах, уһун тыыннаах, кэрэ куоластаах 10 оскуола бэрэстэбиитэллэрэ күрэхтэстилэр. Бу күрэх түмүгүнэн Бөтүҥ орто оскуолатын оһуохайдьыта  Розалия Иванова 2-с үрдэл дипломунан, 7000 солк. бирииһинэн наҕараадаланна. “Агро дьүрүскэн” ырыа-тойук күрэҕэ 3 түһүмэҕинэн барда. Ол курдук  “Дьүрүскэн хомус”, “Дэгэлдьийэр дэгэрэҥ”уонна  “Тохтор тойук”. Бу күрэххэ 12 кыттааччы күөн көрүстүлэр. Ол түмүгэр Бөтүҥ орто оскуолатын талба талааннаах кыыһа Любовь Лобанова  2 үрдэл дипломунан уонна 5000 солк. бирииһинэн наҕараадаланна. “Оһуор мандар кырдала” диэн араас истииллээх сахалыы таҥас күрэҕэ эмиэ хас да түһүмэҕинэн барда. Ол курдук   “Традиционнай ыһыахха кэтиллэр дьахтар таҥаһа”, “Традиционнай ыһыахха кэтиллэр эр киһи сахалыы таҥаһа”, “Дьиэ кэргэн сахалыы таҥаһа”, “Саҥалыы тигиилээх саха таҥаһа”. Күрэххэ 12 оскуолаттан кытыннылар. Бу күрэххэ Абаҕа орто оскуолатын үлэһиттэрэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ Мария Гоголева тикпит араас истииллээх сахалыы таҥастарын көрдөрөн, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.

“Агро оскуола бастыҥ дьиэ кэргэнэ” күрэххэ сэттэ оскуолаттан 7 дьиэ кэргэн “Дьиэ кэргэни билиһиннэрии”, “Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ”, “Айар-тутар талаан сайдыы тускула”, “Бириэмэҕэ сэппэрээтэр ыһыы”, “Үүт-эт араас эгэлгэтин астаан сандалы тардыы” түһүмэхтэринэн күрэхтэһэн күөн көрүстүлэр. Манна Людмила Кимовна, Семен Иванович Александровтар үрдүк таһымнаахтык кыттан, күрэх муҥутуур кыайыылаахтарын — “Бастыҥ дьиэ кэргэн” кылаан ааты ыланнар, ньирэйинэн наҕараадаланнылар, кыайыы үрдүк өрөгөйүн биллилэр.

Маны таһынан ыһыах үгэһинэн эр дьоннорго “Агро Боотур” диэн хас да көрүҥҥэ  күрэхтэһии буолла. Абаҕа оскуолатыттан эдэр кэскиллээх үлэһит Степан Борисов хас да көрүҥҥэ бэйэтин тургутан, чиэстээхтик кытынна.

Мария АДАМОВА, А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.

Читайте дальше