Амма улууһугар Дьокуускай куораттан өрөспүүбүлүкэ элбэх улуустарыттан айар куттаах суруйааччылары түмэн үлэлии олорор «Уран тыл оһуора» литературнай түмсүү ыалдьыттаан ааста.
Литературнай түмсүү салайааччыта Раиса Тимофеева-Михайлова, солбуйааччыта Татьяна Никитина кэлэннэр улуус айар куттаахтарын кытта истиҥ көрсүһүүлэр тэрилиннилэр. Ол курдук Чапчылҕан нэһилиэгин олохтоохторун кытта бэрт интэриэһинэй, сэргэх көрсүһүү олохтоох библиотека үлэһиттэрэ кыттыылаах буолбута. Көрсүһүү саҕаланыаҕыттан олус истиҥ иһирэх сыһыанынан саҕаламмыта, олохтоохтор хоһоону олус сэргииллэрэ тута харахха быраҕыллара. Ол курдук Раиса Николаевна саха тылын, төрүт тылбыт, ийэ тылбыт туһунан киһиэхэ эрэ тиийэр гына олус интириэһинэйдик кэпсээн, ырытан, барытын холобурдаан, түмүгэр бу үүнэр көлүөнэбит, кэскилбит саха тылын умнубакка илдьэ сылдьан сайыннарарыгар баҕа санаатын тириэрдибитэ. Кэпсэтии эйгэтэ олус уратылаах этэ. Бэл оскуола оҕолоро, манна даҕатан эттэххэ, нууччалыы тылынан үөрэнэр оскуола үөрэнээччилэрэ, бэркэ сэргээн, олорор сирдэриттэн өгдөҥнөһө олорон иһиттилэр. Харахтара чаҕылыйан олус интириэһиргээбиттэрэ олус диэн үөртэ. Раиса Николаевна оҕолорго анаан суруйбут алгыстаах кинигэтин, ону таһынан оҕолорго аналлаах хоһооннорго, кэпсээннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии түмүгүнэн тахсыбыт кинигэтин, оҕолор суруйбут хомуурунньуктарын эмиэ бэлэхтээтэ. Чапчылҕан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, сахалыы тылы өрө туппут ытык кырдьаҕас Афанасьев Анатолий Дмитриевич эмиэ кыттыыны ылан үөрдэ-көттө,биһирээтэ,сүбэ-ама биэрдэ, өссө бэйэтэ ис сүрэҕиттэн ырыа ыллаан бэлэхтээтэ. Киэҥ ис хоһоонноох санаа атастаһыыта буолла. «Уран тыл оһуора» түмсүү олохтоох бибилэтиэкэҕэ хоһооннорун, кэпсээннэрин хомуурунньуктарын бэлэхтээтэ. Онтон саамай үөрүүлээҕинэн көрсүһүү кэннэ тутатына биир сэргэх ааҕааччы хоһоон тылларын суруйан ыыппыта буолла..
«Бүгүҥҥү үтүө күҥҥэ
Биһиэхэ кулууп дьиэҕэ,
«Сырдык Күүстэр» кэлэннэр,
Саҥа сүүрээн сүүртүлэр«…диэн.
Хайдахтаах курдук кэрэний бу аҕыйах да тыллаах буолан баран дириҥ ис хоһооннооҕуй? Онтон салгыы улуустааҕы Күннүк Уурастыырап аатынан кииннэммит бибилэтиэкэҕэ эмиэ истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолан ааста.
Манна «Айар абылаҥ»диэн хоһоон түмсүүтүн кытта көрсүһэн, эмиэ хардарыта үлэ-хамнас туһунан бэрт интириэһинэй сэһэргэһии буолла. Икки өттүттэн олус дьаныардаахтык ийэ тылбыт сүппэтин, симэлийбэтин туһугар туох баар күүстэрин, сатабылларын, толкуйдарын, анаарыыларын атастастылар, сүбэ-ама бэристилэр. Хардары- таары хоһоон хомуурунньуктарын, ырыа дискэтин бэйэ бэйэлэригэр бэлэх ууннулар. Раиса Николаевна өссө ордук кыра оҕолордуун көрсөрүн сөбүлүүр, оҕону кытта оҕо буолан кинилэр эйгэлэригэр тэҥҥэ киирсэн сүбэлээтэҕинэ-амалаатаҕына оҕолор олус чугастык бэйэлэригэр ылыналлар,үөрэллэр-көтөллөр эбит. Ол кэрэһитинэн Амматааҕы түмэлгэ быыкайкаан оскуола оҕолорун көрсүһүүтэ буолла. Бу иннинэ эмиэ олус элбэх улуустарга сылдьан үлэтин-хамнаһын билиһиннэрбит, санаа атастаспыт.
Татьяна СЕМЕНОВА -Татыйаас