Суорун Омоллоон аатынан Государственнай опера уонна балет театырыгар, Сахабыт сирин эстрадатын биир чаҕылхай ырыаһыта, биир дойдулаахпыт, кыыспыт АЙСА бастакы айар киэһэтэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу кэрэ киэһэ уоттаах — күөстээх шоу программа, кэрэ көстүү, уһулуччу үҥкүүлэр уонна күүстээх куоластаах сахабыт эстрадатын чаҕылхай сулустара ыллаатылар. Бырайыак ааптара уонна режиссера — Дмитрий Васильев. Бу айар киэһэҕэ Айса биир дойдулаахтара сылдьан дуоһуйа сынньанан, кыыспыт талааныттан сөҕөн кэллилэр. Ол туһунан бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр.
Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуот айымньытын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката, култуура бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Клавдия Кузьминична Ноговицына:
«Кырдьар сааспытын аахсыбакка, куоракка буолар биир дойдулаахпыт Айса Седалищева концерыгар киирэн сүрдээҕин астынан, сэргэхсийэн тагыстым. Концерт уота күөһэ, киэргэтиитэ олус сэргэх, атын көстүү.
Айса хас таҕыстаҕын ахсын сценическай көстүүмэ уларыйан иһэрэ, бэйэтигэр барара ис хоһоонноох, тупсаҕай, киһини астыннарар. Олус сэргээн, астына истибит нүөмэрим Саарынныын дуэттара буолар, олус диэн астынным. Седалищевтар дьиэ кэргэнинээн музыкальнай ыаллар. Аҕалара Анатолий Васильевич «Кыталыктар» ырыатынан аан бастаан биһиэхэ Болугур кулуубугар сценаҕа тахсыбыта. Олус чаҕылхай ырыа этэ, нарын бэртээхэй куоластаах күтүөт, бары сөбүлээн истэр ырыаһыппыт. Балта Лия опернай ырыаһыт, ийэлэрэ Марианна эдэр эрдэҕиттэн самодеятельность активнай кыттыылааҕа. Айса сиппит, хоппут ырыаһыт буолан, концерын сылын аайы таһааран истин. Тус олоҕор туйгун доруобуйаны, өссө да ситиһии кэлэн истин , дьоллоох-саргылаах олоҕу баҕарабын .
Е. Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын музыкаҕа учуутала Иванова Гликерия Владимировна:
Күндү үөрэнээччим Айта — Айса концерыгар сылдьан үөрэн — көтөн, ис сүрэхпиттэн дуоһуйан, өрө көтөҕүллэн кэллим. Оскуолаҕа сылдьан Айта улахан ырыа күрэхтэригэр кыттыбатар да, наһаа үчүгэй куоластааҕын билэр этим. Хорга, ансамбылга ыллыыр этэ. Седалищевтар дьиэ кэргэн ырыа куттаах ыаллар. Кыыстара Лия миэхэ «Сандаара» диэн вокальнай ансамбылга сылдьара, соҕотох эмиэ ыллыыра. Анатолий Седалищев араас концердарга кыттарын истэн дьон үөрэ-көтө кэлэллэр. Ийэтэ Марианна Лазаревна өттүттэн ыллыыр дьон элбэхтэр. Түгэнинэн туһанан Седалищевтар дьиэ кэргэҥҥэ улахан махталбын уонна эҕэрдэбин тиэрдэбин. Айта улахан кылаастарга сылдьан ырыа конкурстарыгар кыттар буолбута, дипломант, «Анал аат» хаһаайкалара. Маннык үрдүк сценаҕа биһиги түөлбэттэн ким да тахса илик. Бу үрдүк ааты инникитин чиэстээхтик сүгэ сырыт, олох устун киэҥник хардыылаа. Болугур оскуолатын коллектива Айса бастакы сольнай концерыгар сылдьан үөрүүбүт муҥура суох. Концерт биир тыынынан, үрдүк таһымнаахтык ааста. Наһаа үчүгэй концерга сылдьан дуоһуйдубут, үөрдүбүт, уйадыйан ытаан да ыллыбыт, тэннэ ылластыбыт, үнкүүлээтибит. Концерт хас биирдии детала толкуйдаммыт, таҥаһыттан — сабыттан саҕалаан уота-күөһэ, режиссер үлэтэ, Айса хатыламмат куолаһа. Айса аҕата Анатолий Васильевич, балта Лия Седалищева ыллааннар концеры киэргэттилэр, мустубут көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр. Артыыс ыарахан идэтигэр Айса өссө тупсан, улаатан истин, олоҕун суола кэҥээн, ыыра ырааттын.
СӨ норуоттарын уус — уран оҥоһуктарын маастара Ульяна Михайлова — Маай кыыһа:
Талааннаах кыыспыт, оҕобут Айта Седалищева — Айса айар киэһэтин олус астына — дуоһуйа көрдүбүт — иһиттибит. Кэнсиэр өрөгөйдөөхтүк, истиҥник ааста. Хас биирдии ырыатын сүрэхпит, дууһабыт нөҥүө аһардыбыт. Ол курдук Айса абылаҥнаах уобарастара, бииртэн биир кэрэ ырыалара, сыана ураты киэргэтиитэ, уота-күөһэ, дорҕооно-музыката көрөөччүлэри аптаах дьикти эйгэҕэ киллэрдэ, үөһэ көтүттэ. Кэнсиэргэ аҕата Анатолий Седалищев, балта Лия Седалищева ыллаабыттарыттан олус долгуйдубут, үөрдүбүт, киэҥ тутуннубут. Айса араас хайысхалаах, киэҥ көрүүлээх ырыаһыт, артыыс буоларын өссө төгүл бигэргэттэ. Саха эстрадатын биир саамай чаҕылхай сулуһугар, көмүс куоластаах кыыспытыгар өссө да үрдүк ситиһиилэри, дьон-норуот тапталын-махталын, саҥа кэрэ ырыалары баҕарабыт!
Амма улууһун (оройонун) аҕа баһылыга Степан Кузьмин 100 000 солк сертификаты, «Болугур нэһилиэгэ» МТ аҕа баһылыгар Андрей Петров 50 000 солк сертификаты Ону тэҥэ Амма улууһун култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын салайааччыта Иван Иванов талааннаах ырыаһыкка СӨ култууратын туйгуна бэлиэни туттаран үөрүүбүт үксээтэ. Кыыспытыгар Айсаҕа үрдүктэн үрдүк чыпчааллары, санаабытын сатана, туппутун тупса турдун диэн Алгыс тылбытын тиэрдэбит.
Евдокия ПЛАТОНОВА