Алаас» түөлбэ аҕам саастаахтарыгар дьоро күн ыытта

«Алаас» түөлбэ Кырдьаҕастар декадаларын чэрчитинэн бэйэлэрин аҕам саастаах ытык-мааны олохтоохторугар дьоро күнү бэлэхтээтилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, Амма нэһилиэгин общественнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Корякин истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиннэрин алаастар Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр сарсыарда 9 чаастан Амма нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыгар дуобакка, олбох көрүүтүгэр уонна хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһииттэн саҕалаатылар. Манна «Тэтим», «Күннүк», «Сарыал» уонна «Саһарҕа» түөлбэлэр олохтоохторо кытыннылар. Итиэннэ кэлбит ыалдьыттарга түөлбэ олохтоохторун күүһүнэн бырааһынньыктааҕы эбиэт тардан күндүлээтилэр.

«Бу биһиги атын түөлбэлэр кыттыылаах, элбэх күөн күрэстээх улахан тэрээһиммит, бастакы холонуубут буолар. Маннык истиҥ көрсүһүүнү тэрийиэххэ диэн түөлбэбит актива Надежда Шараборина этии киллэрэн, ону олоххо киллэрдибит. Манна даҕатан эттэххэ, 2022 сыл түмүгүнэн Ил Дархан тэрээһиннэри ыытыыга аналлаах Граныгар кыайан 100 000 солк харчынан наҕараадаламмыппыт. Ол харчыбытынан бастаан Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыкпытын, онтон бүгүн Аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах иккис улахан тэрээһиммитин ыыттыбыт»- диэн «Алаас» түөлбэ салайааччыта Петр Табунанов иһитиннэрдэ.


Бу күн биир бэлиэ түгэнинэн 50 сыл бииргэ олорбут, Кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит «Алаас» түөлбэ холобур буолар ыалларыгар Алексей уонна Анна Филипповтарга, Иван уонна Зинаида Бураевтарга эҕэрдэ суруктаах, сибэкки дьөрбөтүн кытта сэмэй бэлэхтэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.


Спортивнай күрэхтэри спорт бэтэрээнэ Николай Гурьев иилээн-саҕалаан үрдүк таһымҥа ыытта. Дуобат күрэҕэр кылаабынай судьуйанан Илья Неустроев үлэлээтэ.

Табаарыстыы күрэхтэһиигэ Аммабыт нэһилиэгин күүстээх дуобатчыттара — барыта 12 киһи көхтөөхтүк кытыннылар. Түмүккэ эр дьоҥҥо «Алаас» түөлбэттэн Иван Бураев кыайыылаах таҕыста. Уопуттаах суол оҥорооччу Иван Иванович эдэр эрдэҕиттэн дуобат, саахымат күрэхтэригэр сөбүлээн оонньуур, араас таһымнаах күрэхтэргэ улуус чиэһин элбэхтик көмүскээбитэ. Аммабыт биир тарбахха баттанар күүстээх дуобатчыта, саахыматчыта буолар. Иккис миэстэҕэ «Саһарҕа» түөлбэттэн Алексей Неустроев, үһүскэ «Сарыал» түөлбэттэн Михаил Степанов таҕыстылар. Дьахталларга «Сарыал» түөлбэттэн Надежда Григорьева бастакы, «Тэтимтэн»  Анна Федорова иккис уонна «Алаастан»  Евгения Щабельская үһүс миэстэлэннилэр.

Олбох күрэҕин Людмила Борисова бэрэссэдээтэллээх түөлбэбит иистэнньэҥнэрэ Татьяна Табунанова уонна Гульнара Толстоухова дьүүллээтилэр. «Алаас» түөлбэттэн Анна Дьячковская «Хотун олбох», Зоя Павлова (Хардыы) «Алыптаах олбох» анал аат кыайыылаахтара буоллулар. Бу саха норуотун үтүө үгэһин тута сылдьар олбох тигиитин күрэҕэр уопсайа 10 кыттааччыттан Екатерина Необутова бастакы, Надежда Герасимова иккис уонна Анна Кондакова үһүс миэстэ буоллулар.

Хабылык, хаамыска күрэҕэр эр дьоҥҥо «Алаас» түөлбэ иннигэр уктар Георгий Нестеров кыайыылаах таҕыста. Иккис Егор Иванов (Сарыал), үһүс Алексей Матвеев (Хардыы) миэстэлэннилэр. Дьахталларга улууспут биир күүстээх оонньооччута «Хардыы» түөлбэттэн Зоя Павлова бу да сырыыга иннин кимиэхэ да биэрбэтэ. Кини кэнниттэн иккис бочуоттаах миэстэҕэ Надежда Григорьева (Сайдыы), үһүскэ Надежда Эверстова (Сарыал) таҕыстылар.

Аммабыт ытык-мааны Далбар Хотуна, «Алаас» түөлбэ биир көхтөөх олохтооҕо Анастасия Давыдова көмүс күһүн бэлиэтэ буолан, күһүҥҥү кэрэ таҥас тиктэн, сэлээппэ кэтэн бар дьон сэҥээриитин ылла. Дьоро киэһэни Аммабыт эдэр кэскиллээх ырыаһыта Степан Ефимов ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ. Оччотооҕу кэм музыкатын Ксения Татаринова тыаһатан, аппаратураны холбоон дьон үөрүүтүн үксэттэ.

Кыайыылаахтар, миэстэлэспит дьон бары сыаналаах бириистэри тутан, биир көлүөнэ дьон ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрэн-көтөн, күрэхтэһэн тарҕастылар. Дэлэҕэ, кинилэр «Алаас» түөлбэ салайааччыларыгар наһаа үчүгэйдик тэрийэн ыыттылар диэн махтаныахтара дуо? Маннык тэрээһин сыл аайы эстафета курдук түөлбэлэргэ ыытыллара буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше