«Алаас» түөлбэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ бэйэтин кылаатын киллэрэр

Амма нэһилиэгин «Алаас» түөлбэтин кэрэ аҥардара ааспыт өрөбүллэргэ мустаннар олбох тигэн саҕалаатылар. Түөлбэбит иистэнньэҥнэрэ Полина Захарова уонна Татьяна Табунанова маастар-кылаас көрдөрдүлэр, үлэ былаанын торумнаатылар. Сүбэлэһэргэ, көрсөргө ватсап группа тэриннилэр.


Түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Петр Табунанов иһитиннэрбитинэн, олбох таҥаһын түөлбэлэргэ Амма нэһилиэгин дьаһалтата хааччыйбыт. Хас биирдии түөлбэ 22 олбох уонна 50 миэтэрэ ситии быа оҥорон биэриэхтээх.

 

«Аны сайын Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар хас бирдии улууспут, нэһилиэкпит олохтооҕо тус кылаатын киллэрдэҕинэ эрэ ыһыах үрдүк таһымҥа ыытыллара саарбаҕа суох. Биһиги түөлбэбит далбардара бэйэлэрин тус бириэмэлэрин аахсыбакка, бу үтүө дьыалаҕа кыттыһаннар, олбохторун салгыы дьиэлэригэр тигэргэ илдьэ бардылар. Үлэ көхтөөх буолан эрэриттэн астынан тарҕастылар, — диир Петр Валерьевич.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше