«Бэттээхэй тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт, тэрийбит дьоммутугар барҕа махтал, сиэним астыныы бөҕөтө!», «Оҕолорбут үөрүү бөҕөлөр, тэрийээчилэргэ улахан махтал», «Махталларыҥ, оҕолорго үөрүүнү бэлэхтииргитигэр!» маннык ис хоһоонноох махтал суруктар бүгүн «Алаас» түөлбэ ватсап группатыгар быыстала суох киирдилэр.
Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларыгар Билии күнүн көрсө бүгүн алаастар түөлбэлэрин оҕолоругар анаан саҥа былаһааккаҕа оҕолору уонна төрөппүттэри сомоҕолуур сүрдээх истиҥ тэрээһини ыыттылар.
Быйыл оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр, бастакы кылааска киирэр: Сандаара Наумова, Дьулустаан Полюхов, Диана Солдатова, Эрсан Абрамов, Дима Григорьев, Ясмина Шамшиева “Алаас” түөлбэ олохтоохторун аатыттан эҕэрдэ суруктаах сэмэй бэлэхтэри туттулар. Оҕолорго анаан төрөппүт, актив чилиэнэ Кристина Наумова таас кэмпиэт астаан аҕалан кырачааннар үөрүүлэрин өссө үрдэттэ.
Үөрүүлээх тэрээһин туһунан түөлбэ бэрэссэдээтэлэ Петр Табунановтан ыйыталастыбыт:
“Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр” бырагырааманан оҥоһулла турар саҥа былаһааккабытыгар бүгүн түөлбэбит оҕолорун түмэн араас аралдьытыылары тэрийдибит. Кыра саастаах оҕолорго Наталья Нестерева уонна Мария Полюхова, улахан саастаах оҕолорго ыалдьыппыт Афанасий Абрамов корнхол диэн Саха сиригэр саҥа сайдан эрэр оонньууну оонньоттулар. Корнхолга бастакы Эрчим Макаров, иккис Дархан Макаров, үһүс Тимур Табунанов буоллулар. Былаһааккаҕа кэлбит улахан дьон бэйэбит корнхолга күрэхтэстибит, бэрт интэриэһинэй сэргэх оонньуу эбит диэн сыаналаатыбыт. Былаһааккабыт оҥоһулларыгар Аммабыт нэһилиэгин олохтоохторо куоластаан тус кылааттарын киллэрэн өйөөбүттэрэ. Солобуода күнүгэр былаһаакка үөрүүлээх аһыллыыта буолар, онно түөлбэбит уонна Амма нэһилиэгин олохтоохторун барыгытын ыҥырабыт, — диэн Петр Валерьевич санаатын үллэһиннэ.
Вера ИВАНОВА