Алаһа дьиэлэрбитин сылааһынан хааччыйаллар

СӨ ГУП ОДьКХ Амматааҕы филиалын Соморсун нэһилиэгэр баар  учаастагын  эдэр,  кэскиллээх Михаил Протопопов  салайар. Кэлэктиипкэ  22 киһи  үлэлиир. Кинилэр  үс хочуолунай көрөллөр-истэллэр. Бу хочуолунайдартан  иккитэ кыбартаалынай хочуолунай.


Кэлэктиипкэ  эдэрдэри сэргэ, уопуттаах  үлэһиттэр эмиэ  бааллар. Кинилэр үтүө суобастаах үлэлэринэн эдэрдэргэ холобур буолаллар. Онтон  биирдэстэрэ  Николай Емельянов буолар. Николай Николаевич  30-тан  тахса сыл хачыгаар уустук үлэтигэр эҥкилэ суох түбүгүрэр.

Кини  1971 сыллаахха Соморсуҥҥа Емельяновтар дьиэ кэргэҥҥэ улахан оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн, Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаан кэлиэҕиттэн, харыс да сири халбарыйбакка төрөөбүт дойдутугар үлэлиир. Үлэтин бастаан совхоз рабочайынан саҕалаабыта. 1994 сыллаахха  хачыгаар эппиэтинэстээх үлэтигэр көспүтэ.  2003 сыллаахтан ОДьХ  көрөр-истэр, балыыһа хочуолунайыгар күн бүгүнүгэр диэри  үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Үлэтин таһынан нэһилиэк уопсастыбаннай  олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Түөлбэнэн күрэхтэргэ, нэһилиэккэ ыытыллар  субуотунньуктарга куруутун  инники  күөҥҥэ сылдьар. Бу сыралаах үлэлэринэн нэһилиэк дьонун-сэргэтин биһирэбилин ылан «Бастыҥ общественник», «Үлэ киһитэ» номинациялар кыайыылаахтара. ОДЬХ, нэһилиэк дьаһалтатын Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. Николай Николаевич кэргэнинээн Мария Лаврентьевналыын 3 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, улаатынннаран, үлэһит оҥордулар. Чөл олоҕу тутуһар саха сайдам ыала. Емельяновтар дьиэ кэргэн биир дойдулаахтарын убаастабылын ылар дьоһун үлэһит ыаллар. Бөһүөлэкпит билиҥҥи туругунан сорох эрэ өттө  ититэр ситимҥэ холбонон олорор. Дьоммут-сэргэбит, ОДьХ үлэһиттэрэ саҥа хочуолунай  тутуутун туохтааҕар да кэтэһэллэр. Манна олохтоох дьаһалта, СӨ ОДьХ тэрилтэтин икки өттүттэн сөбүлэн түһэрсэн, бырайыагар үлэ бара турар.  Соморсун нэһилиэгин  дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир уонна үлэлии сылдьыбыт  бары үтүө үлэһит дьонун бүгүҥҥү  идэлээх күннэринэн истинник эҕэрдэлиибит уонна түүннэри –күнүстэри сыралаах үлэлэрэ үтүө түмүктээх буоллун, чэгиэн туругу, дьиэ-кэргэттэригэр ил-эйэ, дьол-соргу тосхойдун диэн  баҕа санаабытын тириэрдэбит.

Надежда БЕЛОЛЮБСКАЯ

Читайте дальше