Албан аат болуоссатыгар Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит күнэ бэлиэтэннэ

Аммаҕа Албан Аат Болуоссатыгар иккис Аан дойду улуу сэриитэ түмүктэммит күнүн бэлиэтээн миитин ыытылынна. Бу күн өссө төгүл ол суостаах сыллары санаатылар, эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут буойуттарга сүгүрүйдүлэр, аны хаһан да сэрии дуораана иһиллибэтин туһугар баҕа санааларын холбоотулар.

Ыраас чаҕылхай күһүҥҥү күн хас биирдиибит сүрэҕэр оспот бааһы хаалларбыт Аҕа дойду улуу сэриитэ букатыннаахтык түмүктэммитин бэлиэтиир миитин ыытыллынна. Мустубут дьону улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, Амма уонна Уус-Майа улуустарын байыаннай комиссара, байыаннай сулууспа бэтэрээнэ, подполковник Игорь Гаранин, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, тулаайаҕа, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Егор Пестеров, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова  олохпут устуоруйатын биир бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтилэр, аны хаһан да уоттаах сэриилэр буолбатыннар, анал байыаннай эпэрээссийэ Кыайыынан түмүктэнэригэр эрэнэллэрин, онно сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕардылар.

Бу ытык күн биһиги өссө төгүл билигин хаалбыт тыылбыт бэтэрээннэригэр, сэрии сылын оҕолоругар, тулаайахтарыгар, ону сэргэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар ураты болҕомтобутун ууруохтаахпыт диэн бэлиэтээн эттибит. Аны икки сылынан Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Бу улуукан үбүлүөйбүтүн тэрээһиннээхтик көрсүөхтээхпит. Онно бэлэмнэнэн билигин нэһилиэктэр үлэлэрин ыыта сылдьаллар. Бука бары биир буолан түмсүүлээх буоллахпытына, куруутун кыайыы баар буолуо. Онон билигин биһиги анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар уолаттарбытыгар манна күүс-көмө буолуохтаахпыт, ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыахтаахпыт”, — диэн бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Романовна санаатын үллэһиннэ.

Үөрүүлээх кэрэ бэлиэ күҥҥэ  анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын бэлиэтээтилэр. Дьоллоох олоҕу уһансыбыт, эйэлээх олоххо олорботох биир дойдулаахтарбыт сырдык мөссүөннэригэр, умнуллубат ааттарыгар сүгүрүйэн  гирлянданы уонна тыыннаах сибэккилэри обелискэ уурдулар.

Кыайыы күнүн көрсүбэтэх, бүгүҥҥү күҥҥэ тиийбэтэх сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут саллааттары сүһүөххэ туран биир мүнүүтэ кэриэстээтилэр, үс төгүл салгыҥҥа ыттылар.  Амма кэрэ куолаһа  Анна Матвеева “Кыайыы күнэ”  ырыата миитин кыттыылаахтарын сүрэхтэрин долгутта.

Артем Осипов.

Читайте дальше