Аҕыйах сыллаахха диэри саха ынаҕа «үүтэ кыра, этэ кэмчи, » диэн аанньа ахтыллыбакка көйгө оҕотунуу атарахсытыыга сылдьар этэ. Улуус аҕа баһылыгынан Александр Артемьев үлэлиир сылларыгар Эмис нэһилиэгэр улуус да, өрөспүүбүлүкэ да отчуоттуур мунньахтарыгар Олом Күөлгэ саха ынаҕын иитэр Николай Кузьмин эллээн этэр элэ-была тыла кур бэйэтэ кубулуйбат буолара: «Саха төрүт ынаҕын өйөөҥ, көмөтө көрүҥ», — диэн. Оччолорго саха ынаҕын көрөр-истэр дьоҥҥо, чахчы, кэлтэгэй кэппиэйкэ да көрүллүбэтэ этэ, эгэ, хотон, күрүө-хаһаа оҥорорго көмө кэлиэ дуо? Дьон саха ынаҕын сүрэхтэрин баҕатынан дэлэтэр туһугар үлэлииллэрэ. Онтон бүгүн Александр Артемьев төрүт сүөһүбүтүн сөргүтэр үлэҕэ үгүөрү көмөнү оҥорор «Саха сүөһүтэ» генофонд тэрилтэни үүннээн-тэһииннээн салайар. Бу тэрилтэ бачыымынан Болугурга ботуччу элбэх үлэ барда. Сайын сүөһүнү төлөһүтэр дал оҥоһуллубута, онтон бэҕэһээ икки кыстык хотоно тутуллубутун малааһыннаан ньиргиттилэр.
«Саха сүөһүтэ» тэрилтэ тоҕус улууска 1250 саха ынаҕын тутар 10 отделениялаах. Болугурдааҕы «Күллэги» салаатыгар Трофим Окороков 2017 сыллаахха Чурапчыттан ойдоро-быстара чугаһаабыт 78 сүөһүнү аҕалан сүһүөҕэр туруоран киһи хара гынна. Күн бүгүн алта үлэһиттээх хаһаайыстыба 125 сүөһүнү, ол иһигэр 47 ыанар ынаҕы тутан быр-бааччы үлэлии олорор. Быйыл, бэркэ табыллан далларыгар сүөһүлэрин төлөһүтэн «мраморнай» эти идэһэ бырааһынньыгар атыылаатылар.
100 сүөһү батар хотонун Павел Филиппов салайааччылаах «Навигатор+» тутуу тэрилтэтэ тутан биэрдэ, итиэннэ 30 сүөһү турар хотон холлоҕоһун олохтоох уолаттар бөрөөтүлэр. «Күрүө-хаһаа, хотон баар, аны сүөһү ахсаанын элбэтэргэ лыгыччы ылсыахпыт», — диэн «Күллэгилэр» ытыстарын сууралана олороллор. Салайааччы Трофим Трофимовичтан, саха ынаҕын нэмин иҥэн билсибит киһиттэн, көрөргө-истэргэ хайдах эбитий диэн сурастахха: «Үүт-үкчү бэйэбит курдуктар — холкулар, тулуурдаахтар», — диэн аҕыйах тылынан хайгыыр, ону сэргэ аска-үөлгэ бордорун, хаһыытаабат эрэ буоллар барытын сиэн кимиритэн иһэллэрин сыаналыыр.
Бу күн «Күллэги» салаатыгар Карманов Дмитрий Прокопьевич аатын иҥэрдилэр, кини кэриэһигэр аналлаах өйдөбүнньүк дуосканы ыйаатылар. Дмитрий Прокопьевич саха ынаҕын тэнитэр үлэҕэ элбэх сыратын-сылбатын биэрбит улахан өҥөлөөх. 2004-2005 сылларга «Саха сүөһүтүн генофонда» тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччытынан, онтон 2005 сылтан 2017 сылга диэри саха ынаҕын туһугар туруулаһар «Тускул» тэрилтэни салайбыта. «Дмитрий Прокопьевич үлэтигэр олус бэриниилээх салайааччы этэ, бэйэтин харыстаммакка үлэлээн, онон доруобуйатын айгыратан орто дойдуттан эрдэ туораатаҕа», — диэн бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьоно ахтар. Дмитрий Прокопьевич тиһэх сылыгар «Сахаагроплем» тэрилтэҕэ бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ол — 2018 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев саха сүөһүтүн эстэр туруктан таһараар соруктаах анал ыйааҕы таһаарыаҕыттан саха ынаҕа уон улууһунан ууһаан тэнийэн кэллэ. Онон, саха ынаҕын дьылҕатыгар суолталаах ыйаах күн сирин көрөрүгэр, өрүһүйэр үлэ көдьүүстээхтик барарыгар Дмитрий Прокопьевич үлэтэ-хамнаһа дьайбыта саарбаҕа суох.
«Күллэгигэ» саха ынаҕын аҕалар кэпсэтиигэ Дмитрий Карманов быһаччы кыттыгастааҕын туһунан тыа хаһаайыстыбатын салайааччы Ион Кононов бэлиэтиир. Кини этэринэн, 2017 сыллаахха Болугурга сүөһүнү аҕаларга Дмитрий Карманов, оччотооҕу улуус баһылыга Николай Архипов, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр үлэлээбит Афанасий Семенов уонна Трофим Окороков буолан сүбэлэһэннэр, үлэлээн барбыттар. Онон бүгүн ыыра кэҥээн эрэр кэскиллээх хаһаайыстыбаҕа бастакы олугу уурсубут киһи Дмитрий Прокопьевич аата иҥэриллибитэ олус сөптөөх диэн Ион Семенович сыаналыыр.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин „Күллэги“ салаата инникитин даҕаны үүнэ-сайда турарыгар баҕаран туран хаһаайыстыбаҕа „Сынтаай“тыраахтыр сертификатын туттарда. Онтон Кармантовтар дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан Алексей Карманов халадьыынньык бэлэхтээтэ.
Александр Еремеевич «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ үлэтигэр төһүү күүс буолбут дьоҥҥо дириҥ махталын биллэрдэ. Чуолаан хаһаайыстыба Болугурдааҕы салаата атаҕар турарыгар бары өттүнэн күүс-көмө буолбут улуус баһылыга Степан Кузьмиҥҥа уонна Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петровка махтанна уонна төрөппүт кыыһа Екатерина уруһуйдаабыт саха оҕуһун хартыынатын бэлэх уунна. «Саха ынаҕын уруһуйун бэлэхтиир биһиги үгэспит. Маннык хартыына хас да улуус баһылыгын кабинетыгар ыйанан турар. Степан Николаевич хоһугар даҕаны туруоҕа диэн эрэнэбин», — диэн Александр Артемьев эттэ. Ону сэргэ 90-с сылларга Эбээн Бытантайтан Болугурга аан бастаан саха оҕуһун аҕалан, оччотооҕуга «хааны булкуйан буоратар буолла» диэн элбэх киҥир-хаҥыр саҥаны истибит Ньургун Гольдеров ойуччу чорботон бэлиэтэннэ. «Убайбыт Ньургун Васильевич саха ынаҕа сыаналанар үйэтин өтө көрөн, оччотооҕуга бастакы оҕуһу аҕаллаҕа. Биһиги кинини тэрилтэбит меценатын быһыытынан билинэбит», — диэн туран Александр Артемьев саха сүөһүтүн иитэр, тэнитэр үлэҕэ өҥөлөөх дьоҥҥо бэриллэр «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ мэтээлин Ньургун Гольдеровка биэрдэ. Мэтээли биир дойдулаахпыт Артур Матвеев малааһын күн иннинэ эрэ оҥорон бүтэрэн бастакы нүөмэрдээх мэтээл буруолаабытынан кэлэн Ньургун Васильевич түөһүгэр кэлэн түспүтэ туһугар үрдүк сыанабыл туоһута буолар. Александр Еремеевич этэринэн, маннык мэтээл аны сиэрийэнэн тахсан, саха ынаҕын дэлэтиигэ ойуччу сыһыаннаах, үтүөлээх дьоҥҥо бэриллэр буолуоҕа.
Ити курдук, өрөбүлүүссүйэ эрэ иннинэ саха сирин үрдүнэн 480 тыһыынча ахсааннаах саха ынаҕа „хаачыстыбаҕа буолбакка ахсаанынан үлүһүйүүгэ“ оҕустаран имири эстэ сыспытын өрүһүйэр үлэ күттүөннээхтик баран эрэр. Күн бүгүн „Саха сүөһүтэ“ тэрилтэ 1250 сүөһүтүн сэргэ саха сирин араас мунуктарыгар кэтэх уонна бааһынай хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин мунньан-тараан аахтахха – 3000 кэриҥэ саха сүөһүтэ баар. Александр Еремеевич, төрүт сүөһүбүтүн элбэтиигэ бары саба түһэн үлэлээтэххэ кыаллар суол диэн бүк эрэллээх. Ол холобура — „Навигатор+“ тэрилтэ Болугурга тутуллубут хотонун ааҕан туран үһүс эбийиэги иэс туппута, сир-уот боппуруоһун улуус салалтата уонна Болугур дьаһалтата кылгас кэм иһигэр дэбигис быһаарбыта — куолаан үлэ көдьүүһүн көрдөрөр. Онон, „Биир тылы булан үлэлээтэххэ – үлэ таһаарыылаах буолар“, — диэн Александр Еремеевич этэр тыла оруннаах.
Олег ЕГОРОВ.