Александр Кузьмин “Оҕону, эдэр ыччаты наһаа таптыыра”

Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев туһунан аҕам саастаах эрэ дьон буолбакка, эдэр дьон эмиэ махтана ахтар. Чахчы да кини Саха сирин ыччата  сайдарыгар, бары өттүнэн кыахтаах буоларыгар олус кыһаллар уонна болҕомтотун уурар этэ. Ол туоларыгар кини бары дьаһалларын туһаайара. “ЮНАРМИЯ”  Бүтүн Арассыыйатааҕы  оҕо-ыччат байыаннай-патриотическай уопсастыбаннай хамсааһынын  региональнай ыстаабын начальнига, “Амма түмсүүтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Александр Кузьмин Михаил Ефимович ыччакка, оҕолорго олус истиҥник сыһыаннааҕын бэлиэтиир.

Михаил Ефимович оҕону, эдэр ыччаты наһаа диэн таптыыра уонна кинилэр тустарыгар элбэх үлэни ыыппыта. 2000 сыллар саҕана биһиги үрдүкү кылааска сырыттахпытына,  “Год детства и детского спорта” диэн биллэриллибитэ. Онно өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  оҕоҕо туһуламмыт элбэх үлэ, тэрээһин бөҕө ыытыллыбыта. Онно “Туймаада” стадиоҥҥа  бастакы  “Боотурдар оонньуулара” диэн күрэххэ олус элбэх оҕо кэлэн кыттыыны ылбыттарын өйдүүбүн. Ол сыл анал бырагыраамалар  үлэлээбиттэрэ. Кини саха ыччата үөрэхтээх буоларыгар олус элбэх үлэни ыыппыта. Аҥардас бу эдэр ыччат чөл олохтоох буоллун диэн сөптөөх усулуобуйа тэриллэригэр элбэх эбийиэк тутуллубутун түмүгэр күн бүгүҥҥэ диэри оҕо, ыччат доруобуйатын туругун бөҕөргөтөр, араас улахан Аан дойду таһымнаах күрэхтэр ыытыллаллар, ыччакка туһуламмыт судаарыстыбаннай бырагыраамалар  күн бүгүҥҥэ диэри үлэлииллэр. Ол курдук Бэрэсидьиэн харыйата диэн оскуола үөрэнээччитэ бары кэтэһэр тэрээһинэ сылын ахсын ыытыллар. Онтон кынаттанан  элбэх оҕо үөрэхтээх, үтүө дьон буолан тахсаллар. Аны кини бу оҕону сайыннарарга биэс сүрүн хайысха баар диирэ уонна ол үлэни былааннаахтык ыыппыта, Ол курдук,  “Музыка для всех”, саахымат, омук тыла, спорт уонна уруһуй  куруһуоктара анал  бырагыраама буолан үлэлээбиттэрэ. Михаил Ефимович 2015 с. Үөрэх министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Эбии үөрэхтээһин уонна оҕо сайдыытын судаарыстыбаннай киинигэр кэлэ сылдьан улаханнык долгуйан туран  оҕо ахсаана сыллата тоҕо  кыччыырын, ону хайдах туоратарга уонна кинилэр инники сайдыыларын, Саха сиригэр оруолларын туһунан кэпсэппитэ, сүбэлэри биэрбитэ. Ону сэргэ хас биирдии киһи, үлэһит быһыытынан бэйэтэ айымнтылаахтык  үлэлиэхтээх диэн эппитэ. Онно кини “Не будьте исполнителями, а будьте творцами” диэн эппитэ өйбөр хатанан хаалбыта”, — диэн Александр Кузьмин санаатын үллэһиннэ.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат