Аммалар биир тумус туттар, киэн тутта ааттыыр киһибит Дмитрий Наумов 75 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын киэҥ уораҕайыгар буолан ааста. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин биир дойдулаахтара, араас кэмнэргэ бииргэ үлэлээн ааспыт үөлээннээхтэрэ эҕэрдэлээтилэр.
Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччытын, Амма, Үөһээ Бүлүү, Томпо улуустарын бочуоттаах олохтооҕун, СӨ уонна РФ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнин, прозаигы, драматуру, общественнай политическай диэйэтэли кытта 75 сыл устата алтыһан ааспыт дьоно-сэргэтэ араас мүччүргэннээх түгэннэри ахтан-санаан биир чаастаах тэрээһин биир тыынынан, олус истиҥ, сылаас тыыннаах, эйгэлээх ыытылынна. Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччы Александр Жирков, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров, култуура миниистирэ Афанасий Ноев, поэт, прозаик, литературнай критик Афанасий Гуринов – Арчылан, ХИФУ профессора Варвара Окорокова, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, Сулҕаччы нэһилиэгин баһылыга Артем Степанов үрдүк сценаттан Дмитрий Федосеевич киһи киэнэ килбиэннээҕэ буоларын өссө төгүл итэҕэттилэр. Салайар үлэҕэ да буоллун, айар аартыкка да буоллун, култуура эйгэтигэр да буоллун – тугу даҕаны ылыстаҕына ойуччу ситиһиилэнэрин сөҕө кэпсээтилэр. Оттон СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса Любовь Горохова — Сүүмэх үбүлүөйдээххэ сахалыы илгэлээх тыл ситимин эриэккэстик тиһэн анабыл хоһоон суруйбутун туттарбыта ураты долгутуулаах, истиҥ эйгэни үөскэттэ.
—Дмитрий Федосеевич литератураҕа киириитэ соһуччу этэ: тыа хаһаайыстыбатын эйгэтиттэн, салайар үлэттэн кэлиитин туһунан эрэ эппэппин, 55 сааһыттан айар талаана арыллыбытынан эмиэ уратылаах,- диэн Варвара Борисовна бэлиэтээбитэ сөптөөх. Онон 2023 сыл Дмитрий Федосеевичка 75 сааһын томточчу туолбутунан эрэ бэлиэ буолбатах, өссө суруйуу умсулҕаннаах киэҥ киэлитигэр умсубута төгүрүк 20 сылын туолла. Бу сыллар усталарыгар кини 10 кинигэтэ бэчээттэнэн саамай сыаналааҕа — ааҕааччылар сэҥээриилэрин, биһирэбиллэрин ылыахтарын ыллылар. Аны туран суруйбут кэпсээннэринэн 163 испэктээкил хас да улуус, киин куорат театрдарын сценаларыгар турдулар.
Дмитрий Федосеевич 75 сааһын бэлиэтиир бу үөрүүлээх тэрээһин үбүлүөйдээх сыл былааныгар киирбиттэртэн биирдэстэрэ. Аҕыйах хонуктааҕыта драматург эмиэ бар дьонун ортотугар “30 кэпсээн” диэн саҥа кинигэтин билиһиннэрбитэ, оттон сэтинньигэ Амма улууһугар үгэскэ кубулуйбут “Идэһэ” бырааһынньыга ыытыллыа. Улуус дьоно барыта күүтэр, кэтэһэр тэрээһинэ аан бастакытын үйэ чиэппэрэ анаараа өттүгэр Дмитрий Федосеевич тыл көтөҕөн, кини быһаччы тэрээһининэн ыытыллыбыта, онон бырааһынньыкка кини аатын иҥэрэр тоҕоостооҕун нэһилиэнньэ өйөөн, быйылгыттан “Идэһэ” Дмитрий Наумов аатын сүгүө. Маны сэргэ бу күннэргэ СӨ уонна РФ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнин, прозаик, драматург аатын сүгэр Сулҕаччытааҕы модельнай библиотека өрөмүөн кэнниттэн арыллыаҕа.
75 саас – саха эр киһитигэр күөгэйэр күнүгэр сылдьар кэмэ дииллэр. Онон Дмитрий Федосеевич тапталлаах кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин кыһамньыларынан кынаттанан өссө даҕаны элбэҕи айыа-тутуо, өлбөт үйэлээх суруйуулары кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыа диэн бүк эрэнэбит. Онуоха бииргэ үлэлээбит атаһа Александр Жирков “Хойут саҕалаабыт киһи хойут түмүктүөхтээх” диэн кытаанах накааһа даҕаны сөптөөх көҕүлүүр күүс буолара буолуо.
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын олорор саалата дьоро тэрээһиҥҥэ биир да олорор миэстэ суох гына көрөөччүлэринэн туолбута эмиэ элбэҕи кэпсиир. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин “Бучуоттаах наставник” бэлиэтэ түөһүгэр килбэйбит Дмитрий Федосеевич талааныгар сүгүрүйээччилэр кэлэннэр үөрүүтүн тэҥҥэ үллэстэн, Амма Алтанын, Хатас, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕын норуодунай театрдарын, Саха театрын артыыстарын оонньууларын астына көрөн, Амматааҕы киин библиотека үлэһиттэрэ бэркэ бэрийэн аҕалбыт, юбиляр олоҕун, үлэтин сырдатар хаартыскаларын, хаһыат матырыйаалларын быыстапкатын сэҥээрэн, киэһэлэрин бэркэ атааран тарҕастылар.
“Амма олоҕо” хаһыат.
Матырыйаалга ааптар уонна Мария Васильева хаартыскалара киирдилэр.