Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев „Олохтоох оҥорон таһаарыы уонна туризм“ диэн тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыт Ыйаах таһаарбыта. Бу Ыйаах Амма курдук өрөспүүбүлүкэ чөмчүүгүнэн билиниллэр улууска ураты суолталаах. Манан сиэттэрэн билигин олохтоох туризмы сайыннарыыга быһаччы үлэлэһэ олорор „Мин биисинэһим“ киин Амма улууһугар салаатын салайааччыта Александра Николаева үллэстэр.
„Ил Дархан саҥа стратегическай Ыйаахтарын сэргии иһиттим. Олохтоох боролууксуйаны оҥоруу уонна туризм бэйэ бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик сайдар кыахтаахтар. Мин санаабар олохтоох онорон таһаары уонна туризм сайдыытыгар улахан болҕомто ууруллуннаҕына, биһиги улууспут инники сайдыытыгар төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин. Улууспут олохтоохторо оҥорон таһаарар бородууксуйалара өйөбүллээх буоллаҕына, олохторо тупсуо, улууспут экономиката сайдыа этэ. Биһиги улууспутугар туризм эйгэтигэр күн бүгүн турбазалаах 40 урбаанньыт үлэлии-хамсыы сылдьар. Бу сыыппарабыт өссө элбиир туруктаах. Ол курдук быйыл аныгылыы тупсаҕай тутуулаах гостевой дьиэлэр эбиллиэхтээхтэр. Оҥорон таһаарар бородууксуйа да өйөбүллээх буоллаҕына, улууспутугар онон дьарыктанааччы элбиирэ саарбаҕа суох. Биһиги тэрилтэбит оннук баҕалаах дьоҥҥо көмө-тирэх, сүбэ буоларга куруутун бэлэм“, — диэн этэр Александра Михайловна.
„Амма олоҕо“ хаһыат