Дьокуускайга СӨ Наука дьоҕус академията, Н.И.Шарина аатынан куорат 39 нүөмэрдээх орто оскуолата уонна ХИФУ дьоҕус компьютернай академията кыттыгас ыыппыт оскуола иннинээҕи саастаах уонна алын сүһүөх кылаастар оҕолоругар робототехникаҕа аналлаах «Роботтар парааттара» өрөспүүбүлүкэтээҕи VIII-с аһаҕас бэстибээл буолан ааста. Манна Алтан нэһилиэгиттэн «Кэскил» оҕо уһуйаанын баспытаатала Антонида Васильева иитиллээччитин Егор Адамовы кытта ситиһиилээхтик кытыннылар.
Генеральнай спонсордарынан «Прометей» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба уонна «Smart Education» фирма буоллулар.
Бэстибээл саҥа технологиялар, робототехника уонна конструкциялааһын эйгэтигэр оҕо научнай-техническэй айар үлэтигэр ананна. Кини сүрүн сыалынан-соруктарынан өй-толкуй үлэтин уонна айар дьоҕуру сайыннарыы, сатабылы иҥэрии, бу хайысхаҕа дьоҕурдаах, талааннаах оҕолору киэҥ эйгэҕэ таһаарыы буолар.
Бу сыллата ыытыллар бэстибээлгэ уопсайа 64 оскуола иннинээҕи саастаах уонна алын сүһүөх кылаастар оҕолоро Амма, Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Хаҥалас улуустарыттан уонна Нерюнгри, Дьокуускай куораттартан кыттыыны ыллылар. Манна оҕолор араас компьютернэй бырагыраамалар көмөлөрүнэн бэйэлэрэ айан таһаарбыт роботтарын көрдөрдүлэр.
Биһиги нэһилиэктэн «Кэскил» оҕо уһуйаанын баспытаатала Антонида Васильева иитиллээччитин Егор Адамовы кытта кытыннылар. Егор «Ниэби хостооһуҥҥа куттала суох тиэхиникэ» диэн бырайыагы көмүскээтэ. Конструкторынан айан таһаарбыт көрдөөччү уонна буур массыыналарын бырагыраама көмөтүнэн хамсатан билиһиннэрдэ, «Эдэр инженер» анал аат хаһаайынынан буолла.
«Бу бэстибээлгэ саҕаланыаҕыттан сыллата кыттабыт. Былырыын кытыннарбыт оҕолорум хамаандалара кыайыылааҕынан тахсаннар «Саамай уустук бырайыак» ааты ылбыппыт. Бу күһүн алтынньы ыйга оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ХІІ-с «Мин инженербин» куонкуруска биирдиилээн кыттыыга иитиллээччим Егор Адамов ситиһиилээхтик кыттан бастакы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыта. Быйылгы бэстибээлгэ 6-7 саастаах кыттааччылар икки ардыларыгар «Эдэр инженер» анал аакка тигистибит. Бу күрэххэ «Робототехника» куруһуокпар дьарыктанар оҕолору кытыннарабын. Оҕолор бэйэлэрэ үөрэтэр роботехническэй конструкторынан робот оҥороллор уонна көмпүүтэр нөҥүө бырагыраамалаан хамсаталлар. Түгэнинэн туһанан орто оскуолабыт технологияҕа учууталыгар Семен Семенович Неустроевка махталбын тириэрдэбин. Бэйэбит уһуйааммытыгар биир эрэ робототехника конструктордаах буоламмыт, киниттэн эбии биири уларсан икки робот оҥорон илдьэн күрэхтэһэн кэллибит. Уопсайа 35 хамаанда кытынна, хамаандалар истэригэр иккилии-үстүү оҕолор бааллар«, — диэн «Кэскил» уһуйаан баспытаатала, «Робототехника» куруһуок салайааччыта Антонида Васильева сонунун үөрэ-көтө үллэһиннэ.
«Роботтар парааттара» бэстибээл оҕолор ситиһиилэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарар эрэ буолбакка, биир санаалаахтарын кытта көрсөр, уопут атастаһар, саҥаны-сонуну билэр былаһаакканан буолла. Робототехника — бу умсугутуулаах дьарык оҕолор толкуйдара сайдарыгар, аныгы балысхан үйэ тэтимин кытта тэҥҥэ хаамсалларын ситиһэр улахан суолталаах эйгэ буоларын өссө төгүл дакаастаата. Ситиһии көтөллөөх кэлбит биир дойдулаахтарбытын истиҥник эҕэрдэлиибит уонна өссө саҥа саҕахтары, саҕалааһыннары, өрөгөйдөрү баҕарабыт.
Татьяна АТЛАСОВА.