Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1990 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Докумуон эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын салгыы сайыннарыыга бигэ тирэҕинэн, акылаатынан буолбута. Бу Өрөспүүбүлүкэ аныгы историятыгар саҥа балаһаны арыйбыта, онно биһиги бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев өҥөтө сүҥкэн. Кини аата саха норуотун сүрэҕэр мэлдьи тыыннаах сылдьыаҕа, умнуллуо суоҕа. Михаил Ефимович кэс тыла хас биирдии Саха киһитин олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуламмыт судаарыстыбаннай бэлиитикэ сүрүн сыалынан буолар. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн Алтан нэһилиэгин тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ үлэлэригэр сахалыы төрүт таҥастарын кэтэн кэлэннэр өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнү бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик атаардылар.
Е.С.Никитина аатынан нэһилиэкпит оскуолатын оҕолоругар маныаха аналлаах бэртээхэй тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол курдук, «Оҕо саас навигатордара» федеральнай бырайыак эрэгийиэннээҕи салаата ыытар «Тапталлаах Сахам сирэ» флешмобка холбостулар, салгын шаардарынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕын омоонун оҥордулар. Бу суолталаах күҥҥэ алын кылаас үөрэнээччилэрэ «Орлята России» бырайыакка кыттыһан сүрэхтэнии церемониятын аастылар. Орто оскуола иитэр үлэҕэ Сүбэһитэ Айталина Тихонова салалтатынан алын кылаас үөрэнээччилэрэ андаҕар эттилэр, улахан сүһүөх бэйэни салайыныы актыбыыстара «Орлята России» дастабырыанньалары туттардылар.
Олохтоох библиотека салайааччыта Алена Захарова, «Иэйии» култуура киинин үлэһиттэрэ Альберт Неустроев, Петр Назаров, Тимур Васильев бэртээхэй оонньуулары, тургутуктары ыыттылар. Орто сүһүөх оҕолоро икки хамаандаҕа арахсаннар бастыыр иһин күрэхтэстилэр. Уон боппуруостаах тургутукка сүрүннээн бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ сыһыаннаах ыйытыылар, маны сэргэ тылтан тыл таһаарыы, суруйааччылар псевдонимнарын таайыы уо д.а. интэриэһинэй сорудахтар бэрилиннилэр. Сахалыы оонньуулар оонньоннулар, өрөгөй ырыата ньиргийдэ. Түмүккэ 38 очукуолаах «Сулустар» хамаанда бастакы миэстэни ылары ситистэ, кинилэртэн аҕыс очукуонан баһыйтаран «Кэскил» хамаанда иккис миэстэҕэ тигистэ. Ыытааччылар минньигэс бэлэхтэрин кыттааччылар үөрэ-көтө үллэһиннилэр.
Бу историческай суолталаах күнү эдэр көлүөнэ, кэнчээри ыччат кыраларыттан билэн, төрөөбүт дойдуга патриотическай сыһыаннаах улааталлара барыбыт ытык иэһэ буолар.
Татьяна АТЛАСОВА