Алтан нэһилиэгэр СӨ уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ бас түмэлин «Саха сирин раритеттара» (“Раритеты Якутии”) диэн киэҥ далааһыннаах научнай, культурологическай бырайыагын чэрчитинэн РФ уонна СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун, СӨ духуобунаска, Санкт-Петербург Петровскайдааҕы наука уонна ускуустуба академияларын чилиэннэрэ, ускуустуба уонна музейнай наука кирбиилэригэр айымньылаахтык үлэлии сылдьар Ася Габышева салайааччылаах экспедиция кэлэн үлэлээн ааста.
Экспедиция састаабыгар түмэл үлэһитэ Оксана Осипова, реставратор Андрей Никифоров, СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, хаартыскаҕа устааччы Вячеслав Семенов, кини ассистена Алексей Васильев икки нэдиэлэ устатын тухары Амма улууһун бары нэһилиэктэрин түмэллэрин кэрийдилэр, түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэ үөһүгэр сырыттылар. Экспедицияны Амматааҕы гражданскай сэрии устуоруйатын түмэлин дириэктэрэ Айантай Байдам арыаллаан сырытыннарда.
«Саха сирин раритеттара» бырайыак 2011 сылтан олоххо киирэн, XVIII-XX үйэлэрдээҕи норуот уус-уран оҥоһуктарын уһулуччу айымньыларын өрөспүүбүлүкэ түмэллэриттэн, биирдиилээн дьонтон кэрийэ сылдьан үөрэтэн, чинчийэн, хаартыскаҕа устан, сурукка тиһэн үйэтитиигэ туһуламмыт туохха да кэмнэммэт сүдү үлэ ыытылла сылдьарын көрөн биһиги үөрэбит, биһириибит. Бу сыллар тухары сахабыт сирин араас муннуктарыттан-хоннохторуттан төһөлөөх элбэх оҥоһук, айымньы үйэтитиллибитин ааҕан сиппэккин. Күн бүгүн СӨ уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ бас түмэлэ – бүтүн Арассыыйаҕа уонна аан дойду таһымыгар түмэл үлэтин сүрүннүүр күүстээх научнай кэлэктииптээх, үрдүкү кыахтаах түмэллэртэн биирдэстэрэ буолар. Биһиги нэһилиэк орто оскуолатын учууталларын көҕүлээһининэн өссө 1960-с сыллар саҕаланыыларыттан былыргы малы-салы, тэрили хомуйуу үлэтэ саҕаламмыта. Экспонаттар мунньуллан кэлин нэһилиэк түмэлигэр туттарыллыбыттара. Бу түмэл олохтоох дьаһалта баһылыгынан Прохор Константинович Сутаков, баһылык солбуйааччыта Татьяна Петровна Устинова 2007-2010 сс. үлэлии оророр кэмнэригэр тэриллэн үлэлии сылдьыбыта. Экспонаттар түмэл дьиэтэ көтүрүллүөҕүттэн култуура киинигэр ууруллан тураллар. Экспедиция үлэһиттэрэ бу урукку кэминээҕи, быһа холоон 20-с үйэ саҥатын диэки оҥоһуллубут маллартан алта экспонаты талан хаартыскаҕа устан, сурукка тистилэр.
Мас түгэхтээх икки бүк туоһунан тутуллан оҥоһуллубут тууйастары кытары мастан кымыс булкуйар уонна муостан арыы охсор ытыктары чорботтулар. Уопсай экспонаттары таһынан биирдиилээн дьон төрүттэриттэн хаалбыт былыргы киэргэллэри аҕалан көрдөрдүлэр, кинигэҕэ киллэттэрэргэ сөбүлэстилэр. Ол курдук нэһилиэк төрүт олохтоохторо Константин Сутаков үрүҥ көмүс ытарҕаны, биһилэҕи, Ольга Никифорова ийэтиттэн хаалбыт былыргы уулаах көмүстэн бөҕө-таҕа оҥоһуулаах сүрэх кириэһи аҕаланнар сурукка тистэрдилэр. Экспедиция хамаандата маны сэргэ, төрүттэрбит таҥастарын-саптарын, музыкальнай инструменнарын аныгы кэмҥэ сөргүтэн, былыргылыы булгуччулаах быраабылаларынан (канонунан) тигиллибити, оҥоһуллубуту эмиэ интэриэһиргээн хаартыскаҕа усталлар, каталогтарыгар киллэрэллэр эбит. Ол курдук, нэһилиэкпит Далбар Хотуна, көмүс иннэлээх иистэнньэҥ, «СӨ норуотун маастара», «Амма улууһун киэн туттуута» бэлиэлэр хаһаайкалара, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Елена Васильевна Неустроева тикпит XIX үйэтээҕи саха дьахтарын мааныга кэтэр бууктаах сонун экспонат быһыытынан ылыннылар. Бу сон бэргэһэлэри, үтүлүктэри кытта холбоон ыйааһына 10 киилэҕэ чугаһатар. Унньуктаах уһун биэс сыл устатын тухары тигиллибит.
Бу сон кэмпилиэгэр сүүһүнньүк, түөһүнньүк, уостаах үтүлүк, дьабака бэргэһэ, этэрбэс киирэ сылдьаллар. Оһуора-мандара барыта илиинэн быысабайдаммыт, кытыыларынан кыбытыктаах, оҕуруолардаах. Сон тэллэҕэр, эҥэригэр, оноотугар буобура түүлээх, мельхиор тимирдэринэн киэргэтиллибит, иһэ бүүс-бүтүннүү тииҥ тириитинэн тигиллибит. Дьабака бэргэһэтэ сүүһүн оройунан мельхиор күннээх, кылааннаах бэрдин кэккэлэтэн кэбиспит курдук таһа буобура түүтүнэн бүрүллүбүт, иһэ тииҥинэн, кэтэҕэр сүнньүн эҥэринэн кииһинэн, кыһыл саһыл тиҥилэҕин тыһынан, бэдэр тириитинэн симэммит, дьогдьуура быысабайдаммыт. Уостаах үтүлүгэ тас өттө үрүҥ таба тыһынан, ытыһа сарыынан, иһэ куобаҕынан тигиллибит. Дьабака иһинэн кэтиллэр сүүһүнньүгүн иһэ кырынаас тириитинэн, түөһүнньүгүн иһэ киис тириитинэн киэркэйбит. Сүрүнэ диэн, хас биирдии оһуора-мандара хатыҥ туоһунан кырыллан, ол үрдүнэн үрүҥ көмүс дуйдаах сабынан бүрүллэн илиинэн быысабайдаммыт. Кэмпилиэккэ уопсайа 200-чэкэ тииҥ, 5 буобура, кырынаас, киис, бэдэр, куобах, кыһыл саһыл тиҥилэҕин уонна үрүҥ таба тыстара туттуллубуттар. Бу үлүгэрдээх сүдү үлэ болҕомтоҕо ылыллыбакка хаалыан сатаммат буоллаҕа. Аммабытыгар быйыл ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар «Олоҥхо ыһыаҕын маанылаах таҥаһа» саха норуотун уонна саха сирин төрүт олохтоох омуктарын таҥаһын күөн-күрэһэр 2-с үрдэли ылан харчылаах бириэмийэнэн наҕараадаламмыта.
Амманы аатырдыбыт Олоҥхо ыһыаҕар биир сонун көстүүнэн 111 кырыымпа тэҥ доҕуһуолунан ыалдьыттары көрсө ыллааһына буолар. Бу кырыымпалартан аҥаарын кэриҥэ кыл-кылыһаҕы Алтаммыт тахсан эрэр эдэр ууһа Семен Семенович Неустроев чочуйан оҥорбута. Бу сыл сааһыгар ыытыллыбыт «Мас уустарын тойуга» диэн бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи мас уустарын күрэҕэр кылыһах-кырыымпа хайысхатыгар «Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилэ» анал аат хаһаайынынан буолбута.
Семен Семеновичка бэйэбит улууспутуттан эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кырыымпалары сакаастаан оҥоттоллор. Экспедиция үлэһиттэрэ эдэр уус икки кырыымпатын альбомҥа киллэрэрдии хаартыскаҕа уһуллулар, хайдах-туох оҥоһуллубутун сурастылар, кээмэйдэрин ыллылар. Сэмэн бу — былыргы дьыллары сэгэтэн, киһи сүрэҕин-быарын ортотунан сайа охсон киирэр дорҕоонноох кырыымпаны ис дууһатыттан тартаран туран чочуйар, уһанар. Матырыйаалыгар харыйаны, бэһи, кылыгар сылгы кутуругун туһанар. Хас биирдии кырыымпата анал холбукалаах, саппаас кыллаах, уҥунуохтаах буолар. Бу төрүт дорҕоон инструменын оҥорон саҕалыырыгар алтаннар дэгиттэр талааннаах биир дойдулаахпыт Илья Михайлович Неустроев — Ырыа Ылдьаа айар үлэтэ үтүө холобур буоллаҕа.
Бу курдук, «Саха сирин раритеттара» үөрэтэр-чинчийэр бырайыак Амма улууһугар үлэлэрин бүтэһик күннэрэ улуус хотугулуу-арҕаа туһаайыытынан чөөмпөөр сытар нэһилиэктэригэр бэрт интэриэһинэйдик, таһаарыылаахтык ааста. Экспедицияны көрсөн бырайыак үлэтин иилэспит орто оскуола библиотекарыгар Наталья Васильевна Александроваҕа, түмэл экспонаттарын бэрийиигэ көмөлөспүт, ыалдьыттары итии чэйдээх остуоллаах көрсүбүт кулууп үлэһиттэригэр, экспедиция үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыт биирдиилээн дьоҥҥо олохтоох дьаһалта аатыттан махталбытын биллэрэбит.
Татьяна АТЛАСОВА