Алтаҥҥа таас уһуйаан тутуутун олуга уурулунна

Бүгүн Алтан нэһилиэгэр биир кэрэ бэлиэ түгэн буолан ааста.  Өр күүппүт, туруорсубут боппуруостара, олохтоохтор ыра санаалара – саҥа таас уһуйаан бастакы көмүс сыбаайата түстэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны улуус баһылыга Степан Кузьмин, кинини тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, улуустааҕы үөрэх управлениетын  сүрүн исписэлииһэ Вера Чупрова,  бырайыагын оҥорбут “Эталон”  тутуу бырайыактарын оҥорор тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Лилияна Черноградская, бэдэрээччит,  Дьокуускайдааҕы  “Прогресс”  тырааныспарынан тиэйии уонна тутуу тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Алексей Пинигин хамаандатын кытта кэлэн кыттыыны ылан олохтоохтор үөрүүлэрэ үрдээтэ.  Төһө да ибиирэн ардаан, хаардаан да ылан күһүҥҥүлүү тымныы күн буоллар,  тэрээһин кыттыылаахтарын сүрэҕэ сылааһынан туолла. 

Саҥа тутуллуохтаах уһуйаан 75 миэстэлээх, таас варианынан тутуллар. Уопсай иэнэ 1327, 23 кв.м. Туруохтаах да сирэ нэһилиэк хабыллар хаба ортотугар, урукку эргэ оскуолаларын оннугар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит олохтоохтор, ытык бэтэрээннэр үөрүүлэрин кистээбэттэр, бары сирэйдиин сырдыктар.

Улууспутугар өссө биир бэлиэ түгэн үүммүтүттэн тутааччы киһи быһыытынан үөрэбин.  Алтан нэһилиэгин уһуйаанын үлэһиттэрэ Амма Наахара нэһилиэгэр тутуллубут эбийиэги көрөн сөбүлээбиттэрэ уонна биһиэхэ бу бырайыак эмиэ сөп түбэһэр, маннык  уһуйаан тутуллуон наада диэн эппиттэрэ. Онон кинилэр баҕалара туолан маннык,  75 миэстэлээх уһуйаан тутуута саҕаланна. Манна бэлиэтээн эттэххэ,  бэдэрээччит быһыытынан  Алексей Семенович Пинигин салайааччылаах “Прогресс”  тэрилтэ  бу тутууну ыытыа. Билэргит курдук кини өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, уопуттаах тэрилтэ буолар. Онон биһиги кинилэр хаачыстыбалаах, сырдык, кэрэ көстүүлээх, бары аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир уһуйааны кэмигэр  тутуохтара диэн бигэ эрэнэбит”, — диэн улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников санаатын үллэстэр.

Алтаннар үөрүүлэрин киһи өйдүүр. Билигин кинилэр кырачааннара 60-с сылларга тутуллубут эргэ уһуйааҥҥа сылдьаллар. Сылтан сыл, отчуоттан отчуокка саҥа дьиэни туруорсан кэлбиттэрэ. Дьэ ол ыра санаалара туолар турукка киирдэ, сыбаайа түстэ. Тутууну Виктор Владимирович бэлиэтээбитин курдук, уопуттаах “Прогресс” тырааныспарынан тиэйии уонна тутуу тэрилтэтэ  тутар. Кини салайааччыта биллэр меценат Алексей Пинигин бэлиэтээбитинэн, кинилэр бу 41-с эбийиэктэрэ буолар. Уопсайа 12 уһуйааны туппуттар. Онон чахчы да уопуттаахтар уонна дьыаланы соспот-сыспат үтүө ааттаахтар. Аны өссө биир үчүгэй өрүтэ тутууну алтаннар бэйэлэрин уоллара, манна улааппыт, үөрэммит Андрей Протодьяконов баһылаан-көһүлээн ыытыа. Кини эҕэрдэ тылыгар уһуйааны барытын толору туталларын, миэбэллэринэн хааччыйалларын,  оҕо оонньуур былаһааккатын кытта барытын оҥороллорун иһитиннэрдэ.

Манна уопсайа 104 сыбаайа түһүөҕэ. Барыта толору хааччыллыа. Этэргэ диэри луоскатыгар биилкэтигэр тиийэ, миэбэлэ барыта баар буолуоҕа. Бу хаһыс да уһуйааммыт буолар. Онон уопут баар. Оҕо оонньууругар анал былаһаакката эмиэ киирэ сылдьар. Уһуйаан иһигэр логопед, психолог кабинеттара баар буолуо. Спортивнай саалалаах. Учууталларбар махтанабын, үөрэхтээх киһи оҥорбуттарыгар”,  — Андрей Викторович бэйэтин санаатын биир дойдулаахтарыгар долгуйан туран тириэртэ.

Мустубут дьон кэлбит дьон эҕэрдэлэрин, этэр этиилэрин барытын дохсун ытыс тыаһынан көрсөн, чахчы да бу нэһилиэктэригэр суолталаах тутуу бара турарын биллэрдилэр. “Алтаммыт олох оргуйан олорор, наһаа үчүгэй. Кулууппут тутуллар, скважинабыт бүтэн эрэр, аны бу уһуйааммыт сыбаайата түстэ. Олус үчүгэй. Онон салалтабытыгар дириҥник махтанабыт. Биһиги бэйэбит өртүбүтүттэн күүс-көмө буолуохпут”, — диэн олохтоохтор санааларын эттилэр.

Мин элбэх оҕолоох аҕа буоларбынан бу бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыларбыттан олус долгуйдум. Биэс оҕолоохпун. Түөрт уол, биир кыыс. Күүтүүлээх уһуйааммыт дьэ тутуллар буолбутуттан үөрэбин. Биһиэхэ улахан бэлэх буолар. Уһуйааны кытта төрөппүттэр ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Туох диэтиннэр да оҕолорбут тустара диэн барытын толорорго дьулуһабыт. Тутуу саҕаланан субуотунньуктар буоллахтарына, бары өртүнэн көмө буолуохпут. Аны бэйэбит уолбут тутар буолбута эмиэ олус үчүгэй. Кинини кыра эрдэҕиттэн билэбин. Онон эрэнэбин, күүтүүлээх уһуйааммыт тутуллан үлэҕэ киириэҕэ”, — диир элбэх оҕо аҕата Сергей Удин.

Үөрүүлээх, бэлиэ тэрээһиҥҥэ өссө биир долгутуулаах түгэн буолла. Ол курдук бары ытыктыыр, убаастыыр Матрена Ивановна Григорьеваҕа-Чугдаара Хотуҥҥа Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбутун туоһулуур үрдүк бэлиэни, маны сэргэ түөрт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар “Амма киэн туттуута” бэлиэни улуус баһылыга барыларын ытыстарын тыаһын ортотугар туттарда. Бэлиэ күн тэрээһинэ «Алгыс» бэтэрээннэр ансамбылларын эҕэрдэ үҥкүүтүнэн, кырачаан иитиллээчилэр хоһооннорунан, ол кэннэ бүттүүн оһуохайынан түмүктэннэ.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше