Алтаҥҥа түөлбэлэр сахалыы остуол оонньууларыгар күрэхтэстилэр

Алтан нэһилиэгэр түөлбэлэр икки ардыларыгар спартакиада чэрчитинэн сахалыы остуол оонньууларыгар, хабылыкка, хаамыскаҕа күрэх буолла. Күрэхтэһиини олохтоох дьаһалта спортка исписсэлииһэ Сергей Захаров иилээн-саҕалаан  ыытта.  Түөрт түөлбэттэн  үс түөлбэ  кыттан бастыыр иһин илин-кэлин түһүстүлэр.

Күрэх бэрт тыҥааһыннаахтык үс чаас устата, бөлөхтөрүнэн арахсан барда. Түмүк маннык буолла.

1 бөлөх (1-4 кыл. үөрэнээччилэрэ):
1 миэстэ — Милана Васильева («Чараҥ» түөлбэ);
2 миэстэ — Саша Удин («Аргыс» түөлбэ);
3 миэстэ — Трофим Яковлев («Кэскил» түөлбэ).

2 бөлөх (5-8 кыл. үөрэнээччилэрэ):
1 миэстэ — Саян Борисов («Кэскил» түөлбэ);
2 миэстэ — Сахайаана Ноговицына («Чараҥ» түөлбэ);
3 миэстэ — Миша Устинов («Аргыс» түөлбэ).

3 бөлөх (9-11 кыл. үөрэнээччилэрэ):
1 миэстэ — Сардаана Сутакова («Аргыс» түөлбэ);
2 миэстэ — Карина Рожина («Чараҥ» түөлбэ);
3 миэстэ — Олег Неустроев («Кэскил» түөлбэ).

4 бөлөх (18-35 саастаах дьахталлар):
1 миэстэ — Мария Лыткина («Чараҥ» түөлбэ);
2 миэстэ — Ангелина Сысолятина («Аргыс» түөлбэ);
3 миэстэ — Ольга Никифорова («Кэскил» түөлбэ).

4 бөлөх (18-35 саастаах эр дьон):
1 миэстэ — Сергей Захаров («Чараҥ» түөлбэ);
2 миэстэ — Арсен Николаев («Аргыс» түөлбэ);
3 миэстэ — Ефим Яковлев («Кэскил» түөлбэ).

5 бөлөх (36-45 саастаах дьахталлар):
1 миэстэ — Софья Удина («Аргыс» түөлбэ);
2 миэстэ — Айталина Тихонова («Кэскил» түөлбэ);
3 миэстэ — Ирина Ильина («Чараҥ» түөлбэ).

5 бөлөх (36-45 саастаах эр дьон):
1 миэстэ — Петр Назаров («Чараҥ» түөлбэ);
2 миэстэ — Еремей Сутаков («Аргыс» түөлбэ);
3 миэстэ — Петр Неустроев («Кэскил» түөлбэ).

6 бөлөх (46 саастан үөһээ дьахталлар):
1 миэстэ — Степанида Ефремова («Аргыс» түөлбэ);
2 миэстэ — Эльвира Рожина («Чараҥ» түөлбэ);
3 миэстэ — Екатерина Кириллина («Кэскил» түөлбэ).

6 бөлөх (46 саастан үөһээ эр дьон):
1 миэстэ — Федор Тихонов («Кэскил» түөлбэ);
2 миэстэ — Прохор Сутаков («Аргыс» түөлбэ);
3 миэстэ — Павел Неустроев («Чараҥ» түөлбэ).

Онон уопсай уопсай түмүккэ 1 миэстэ — «Аргыс» түөлбэ, 2 миэстэ — «Чараҥ» түөлбэ,  3 миэстэ — «Кэскил» түөлбэ буоллулар.

«Хабылык, хаамыска бу кэлиҥҥи кэмҥэ маассаба оонньонор буоллулар. Быйыл түөлбэ күрэҕэр оҕолору киллэрэн оонньоппуттарыттан сүрдээҕин үөрдүм. Оҕо кыра эрдэҕиттэн остуол оонньууларыгар үөрэннэҕинэ устунан ылларан, сатабыла сайдан иһэр. Тиэхиникэтин табан оонньуурга саастарыттан тутулуга суох үөрэтэргэ бэлэммин. Бэйэм биэс уоммун ааһан баран бу көрүҥҥэ үөрэммитим, онон сааһырдыбыт дэммэккэ билигин да саҕалыаххытын сөп«, — диэн улууска остуол оонньууларын хас да төгүллээх призера, «Аргыс» түөлбэ бэрэстэбиитэлэ Степанида Ефремова санаатын үллэстэр.

Биһиги оҕолорбут, ыччаттарбыт — Саха норуотун үгэстэрин салҕааччылар буолаллар. Төрүттэрбититтэн хаалбыт сахалыы остуол оонньууларын оонньуурбут тухары биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин тыына уһуу туруоҕа, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ.

Татьяна АТЛАСОВА

Читайте дальше