Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа биһиги улууспутугар ыытылларыттан Аммалар бука бары үөрэ-долгуйа бэлэмнэнэ сылдьабыт. Ол курдук биһиги Алтаммыт нэһилиэгэ эмиэ бүттүүн бу улахан тэрээһиҥҥэ бэйэбит сэмэй кылааппытытн киллэрсэбит.
Биһиги нэһилиэкпититтэн силистэнэн-мутуктанан тахсыбыт биир дойдулаахтарбытын꞉ сөҕүмэр талааннаах, үөһэттэн айдарыылаах, олорон ааспыт чаҕылхай олоҕор 39 идэни баһылаабыт Илья Михайлович Неустроевы – Ырыа Ылдьааны, саха норуотун тапталлаах ырыаһыта, самодеятельнай композитор Валерий Власьевич Ноевы Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бука бары билэр буолуохтаахтар. Алтаммыт Амма улууһун хотугулуу-арҕаа туһаайыытынан сытар кырыы нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ буолар. 700-чэкэ нэһилиэнньэлээх. 20-21 үйэтээҕи төрүт үгэстэр духовнай-материальнай сыаннастарын тарҕатааччы, чуолаан сүтэ быһыытыйбыт кырыымпаны сөргүтээччи Илья Неустроев-Ырыа Ылдьаа биир дойдулаахпыт буоларын быһыытынан Олоҥхо ыһыаҕар Кырыымпа түһүлгэтин биһиги нэһилиэк иилиир-саҕалыыр. Бу түһүлгэҕэ 100 кырыымпа тахсара былааннанан турар. Бу кырыымпаны Ырыа Ылдьаабыт кэнниттэн көҕүлээччи, эмиэ биһиги нэһилиэктэн төрүттээх биир дойдулаахпыт Амма улууһугар «Кыл-кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕүн тэрийэн ситиһиилээхтик үлэлэтэ сылдьар Василий Неустроев-Байаан Бааска буолар. Кини ыһыахха бэлэмнэнэн нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан үөрэттэ-такайда. Бу 100 кырыымпаттан 30 кырыымпатын биһиги нэһилиэк биллэр ууһа Уус Сэмэн сиэнэ, бэйэтин суолун-ииһин булунан эрэр эдэр уус Семен Семенович Неустроев оҥорон нэһилиэк кулууптарыгар биэрдэ. Семен Семеновичка бэйэбит улууспутуттан эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кырыымпалары сакаастаан оҥоттордулар. Онон кини бу үлэтинэн эмиэ быыстапкаҕа кыттар буолла.
Маны сэргэ Ыһыах бастакы күнүгэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Лобанов салайааччылаах Алтаннааҕы норуот тыйаатыра норуодунай бэйиэт Күннүк Уурастыырап айымньытынан «Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» олоҥхо-испэктээҕи туруоруохтара. Валерий Никитич өссө олоҥхо персонажтарынан күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытыаҕа. Бу күрэххэ биһиги нэһилиэктэн төрүттээх, түөлбэ олоҥхоһута Иван Иванович Нестерев – Оччугуй Уйбаан, Алтаммыт тыйаатырын төрүттээбит култуура эйгэтигэр уһуннук үлэлэлээбит Лариса Прокопьевна Захарова сыдьааннара, Алтаннааҕы норуот тыйаатыра уонна тарбахха баттанар эдэр, тахсан эрэр оһуохайдьыппыт, СӨ култууратын туйгуна Альберт Неустроев бириистэри туруоруохтара.
Саха норуодунай худуоһунньуга, чинчийээччи-этнограф Михаил Михайлович Носов хартыыналарынан «Тиллибит чахчылар» диэн саха төрүт таҥаһын уонна киэргэллэрин быыстапкатыгар Алтантан үүнэн эрэр эдэр маастар, уран тарбахтаах Айталина Дьячковская салалталаах иистэнньэҥнэр оҥоһуктара кыттыыны ылыахтара. Айталина Анисьевна салалтатынан маны сэргэ «Дьөһөгөй оҕотун маанылаах симэҕэ» быыстапкаҕа эмиэ кыттыыны ылыахтара. Нэһилиэкпит Далбар хотуна, көмүс иннэлээх иистэнньэҥ, «СӨ норуотун маастара» Елена Васильевна Неустроева 19-с үйэтээҕи саха дьахтарын мааныга кэтэр бууктаах сонун 5 сыл устата тигэн төрүт таҥас көрүүтүн күрэҕэр кыттарга бэлэмнэнэр. Ыһыах бириэмэтигэр, бэс ыйын 20 күнүгэр ыытыллар биир дойдулаахпыт Валерий Ноев 85 сааһыгар анаммыт «Киһиэхэ төрөөбүт дойдута…» кэнсиэргэ уонна «Уус түһүлгэтигэр» Алтаммыт ырыаһыттара, «Иэйии» норуодунай кэлэктиип кыттыахтара. Ыһыахха бэлэмнэнэн Алтаммыт кэрэ куолара 200-тэн тахса олбоҕу тигэн бэлэмнээтилэр, маны кытары ситииттэн 400-чэкэ миэтирэ туос томторуктардаах салама хатылынна. Салама хатыытыгар орто оскуола үөрэнээччилэрэ эмиэ көмөлөстүлэр. Олохтоох култуура киинин үлэһиттэрэ битииһиттэргэ таҥас-сап тигэн бэлэмнээтилэр.
Алгыс түһэрии сиэригэр-туомугар Алтаннааҕы «Иэйии» култуура киинин дириэктэрэ, хомоҕой тыллаах Петр Неустроев кыттыыны ылыаҕа. Оскуолабыт 16 оҕото сиэргэ-туомҥа кыттарга бэлэмнэнэ улуус киинигэр киирбиттэрэ нэдиэлэ буолла. Нэһилиэкпит дьаһалтатын үлэһиттэрэ, «Кэскил» уһуйаан кэлэктиибэ Аммаҕа ыһыах ыһыллар Муона чараҥар нэһилиэкпит түһүлгэтин сөхсүттүбүт, эбии тутуулары ыытан, кырааскалаан бэлэмнээтибит. Бу нэдиэлэҕэ барытын бүтэрэн-оһорон Мэҥэ-Хаҥалас уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарын дэлэгээссийэлэрин көрсөргө бэлэм оҥоруохтаахпыт. Маны сэргэ ыаллыы сытар Сатаҕай нэһилиэгин кытары кыттыһан Хомус түһүлгэтин субуотунньугунан оҥорон, кырааскалаан бэлэмнээтибит.
Амма кыраныыссатыттан чугас сытар нэһилиэктэр буоларбыт быһыытынан Сатаҕайдары кытары ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэнэбит. Ити курдук эдэрдиин-эмэнниин нэһилиэк дьоно бука бары күргүөмнээхтик, үөрэ-көтө бэлэмнэнии сүпсүлгэнигэр сылдьабыт.
Татьяна АТЛАСОВА