Амма ааттаах тимир ууһа ким буолла?

Бүгүн Амма улууһугар аан маҥнайгытын ыытыллыбыт тимир уустарын күрэҕэ элбэх көрөөччү, интэриэһиргээччи болҕомтотун тарта. Чапчылҕан нэһилиэгэр олорон, үлэлээн ааспыт тимир уустарын ааттарын үйэтитэр сыаллаах улахан түһүлгэ күөн күрэһэ 9 кыттааччыны түмтэ. Уолаттар  эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлэннэр саха тимириттэн охсон аҕалбыт сытыы быһахтарын көрөөччүлэр уонна дьүүллүүр сүбэ иннигэр тургутан көрдөрдүлэр.

Улууска аан маҥнайгытын ыытыллыбыт күрэх кыттыылаахтарынан Чапчылҕантан Игнатий Устинов, Герман Кардашевскай, Александр Карамзин, Илья Артемьев,  Бөтүҥтэн Георгий Олесов – Дьулус Уус, Мээндигиттэн Ярослав Егоров, Соморсунтан Николай Павлов, Сулҕаччыттан Альберт Фомин, Болугуртан Дьулустаан Софронов буоллулар. Кинилэр сытыы быһахтарын СӨ тимир уустарын түмсүүтүн толорооччу дириэктэрэ, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Александр Терентьев – Айгын Уус, СӨ норуотун маастара, Ил Дархан уустарга 2022 сыллаах маастара, быйыл Бурятияҕа ыытыллыбыт аан дойдутааҕы “Оружейный батл” быһаҕынан хайыта охсооһун күрэҕэр 3 миэстэлээх, Москваҕа “Клинок” күрэххэ инни көрүҥҥэ 3миэстэлээх, Туймаада ыһыаҕар батыйаҕа 1 миэстэлээх Александр Михайлов уонна норуот маастара, СӨ “Удьуор уус”, “Амма улууһун уран ууһа” бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ култууратын туйгуна, Ил Дархан уустарга стипендиятын хаһаайына, Сатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Алексей Скрябин сыаналаатылар.

Тоҕус кыттааччы биир-биир тахсаннар охсон аҕалбыт быһахтарынан кумааҕыны сурулаатылар, бэс маһы кыстылар, боолдьох, канат быстылар, муос эллээн көрдөрдүлэр. Ол кэннэ дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ кыраҕы харахтарынан быһах  төһө сыппаабытын, эмтэрийбитин-суоҕун сирийэн көрдүлэр.

Сыра-сылба син баранар, тиритии-хорутуу даҕаны тахсар сонун күрэх түмүгэ маннык буолла: I миэстэ Георгий Олесов – Дьулус Уус, II миэстэ Александр Карамзин,  III миэстэ Николай Павлов буоллулар.

 

Бүгүҥҥү “Амма улууһун уран уустара — 2023” тимир уустарын күрэҕэ Чапчылҕан нэһилиэгэр олорон, уһанан ааспыт тимир уустарын ааттарын үйэтитэр сыаллаах ыытыллыбытынан, Дьулустан Юшков баһылыктаах Чапчылҕан нэһилиэгин дьаһалтата күрэх улахан бириистэрин олохтоото: 1 миэстэҕэ 30 000 солк., 2 миэстэҕэ 20 000 солк., 3 миэстэҕэ 10 000 солк. Оттон Чапчылҕантан төрүттээх тимир уустарын сыдьааннара, аймахтара Иосиф Расторгуев, Николай Тимофеев, Аврам Пестерев, Петр Петров дьиэ кэргэттэрэ кыттыһан олохтообут бириистэрин, сертификаттарын, ону сэргэ Амма улууһун култууратын салалтата (нач. Иван Иванов), Амма улууһун Саха сиринээҕи гражданскай сэрии историятын музейа (дир. Михаил Семенов), Амма улууһун тимир уустарын түмсүүтэ (сал. Роман Алексеев) уонна СӨ тимир уустарын түмсүүтүн салайааччыта Александр Терентьев – Айгын Уус анал сыаналаах бириистэрин күрэх кыттыылаахтара туттулар.

Олохтоох тимир уустарын сомоҕолуур, киэҥ эйгэҕэ таһаарар, кэнчээри ыччаттары өбүгэ үгэһигэр сыһыарар аналлаах күрэх инникитин өссө кэҥиир, сайдар кэскиллээҕэ бүгүн көһүннэ. Кыттааччылар, көрөөччүлэр интэриэстэрэ улахана онуоха толору туоһу буолар.

 

Эбэн суруйдахха, күрэҕи “Кыл кылыһах” фольклорнай бөлөх, “Ой-до” тыыннаах бөлөх муусуканан доҕуһуоллара, Амма улууһун Саха сиринээҕи гражданскай сэрии историятын музейын уонна киин библиотека тиһигэ тэрийбит тимир уустарын оҥоһуктарын уонна кинигэлэрин быыстапката силигин ситэрэн, сахалыы, сүргэни көтөҕөр тыыннаан биэрдилэр.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше