«Айыы киһитэ аһыныгас, Күн киһитэ көмүскэс» диэн өбүгэ саҕаттан кэлбит аман өс күн бүгүн, анал байыаннай дьайыы бара турар кэмигэр, суолтата да, этэр дириҥ санаата да ордук үрдээн, сытыырхайан турар. Амма улууһун “Амарах сүрэх” уопсастыбаннай хамсааһын үтүө санаанан салайтарар үлэтэ биир да күн тохтообот.
Амма улууһугар Римма Алексеева салайааччылаах «Амарах Сүрэх» уопсастыбаннай хамсааһын анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун байыастарбытыгар анаан араас өрүттээх көмө-тирэх буолар үлэни күннэри-түүннэри тохтоло суох ыытар. Ол курдук, амарах санаалаах дьон бу хамсааһын тула мустан харыстыыр сиэккэлэри баайан, гуманитарнай көмө араас көрүҥүн, аптечкаттан, окопа чүмэчититтэн саҕалаан сылаас таҥаһыгар, дойдуларын иҥэмтэлээх этигэр, арыытыгар тиийэ астаан, хомуйан ыыта олороллор. «Амарах сүрэх» хамсааһын көҕүлээһининэн биир дойдулаахтарбыт көрдөһүүлэригэр хардаран, бу күннэргэ «Маvic-3”, Маvic -3 pro» диэн икки көтөр дрон аппараттары атыылаһалларыгар 259000 солкуобайы уонна 284000 солкуобайы, ону сэргэ массыына атыылаһалларыгар 100 000 солк көмө харчыны түмэн ыыттылар.
Бу курдук Римма Васильевна уолаттарга көмө наадатын туһунан ыҥырыы таһаарда да, дьон-сэргэ олус түргэнник хардарар, баҕа өттүлэринэн көхтөөхтүк кыттан сөптөөх үп -харчы түмүллэ охсор. «Амарах сүрэх» хамсааһыҥҥа улахан төһүү күүһүнэн Амма бары дьоно-сэргэтэ буолаллар. Бу көтөр аппарааттар , массыына уолаттарбытыгар туһалыахтара, кыайыыны чугаһатыахтара диэн эрэнэ саныыбыт. «Амарах сүрэх» хамсааһын , «Амма түмсүү» Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытын эмиэ бэйэтин тула түмэр. Ким төһө кыахтааҕынан кыайыы чугаһыырын, анал дьайыыга сылдьар байыастар олохторо хайдах эмэ чэпчиирин туһугар бэйэлэрин көмөлөрүн ыыта олороллор. Маннык амарах сүрэх, амарах санаа күчүмэҕэйи күөйдүн, кыһалҕаны кыайдын диэн баҕалаах Амма «Амарах сүрэх» хамсааһына күннэри-түүннэри үлэтэ тигиниир.
Татьяна СТЕПАНОВА