Бүгүҥҥү ыалдьыппын биллэр биричиинэнэн көннөрү Н. диэн ааттыам. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа улахан бааһырыыны ылан Москваҕа госпитальга эмтэммитэ түөрт ый буолла. Бу кэм устата биир дойдулаахтара, Дойду киин куоратыгар олорор волонтердар турукпун куруук билсэ тураллар диэн кини кэпсиир.
Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыыга кыттыыта Н. бастакы уопута буолбатах. Бу иннинэ Чечня сэриитигэр сылдьыбыт буолан ууга-уокка түһэр, өлүү-тиллии икки ардыгар киирэр диэн хайдаҕын этинэн-хаанынан билэр. Ону ол диэбэккэ, ыарахантан чаҕыйбакка Ийэ Дойдутун көмүскүүр булгуруйбат санаалаах баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга баран, бааһыран, бу сайыны быһа эмтэннэ. Ити да буоллар, үчүгэй буоллум, атахпар турдум эрэ уолаттарбар көмөлөһө төннүөм этэ диэн ол күнү тэһийбэккэ күүтэр.
-Госпитальга сыппытым балачча өр буолла. Ол тухары волонтердар тиһигин быспакка эрийэллэр, доруобуйам хайдаҕын билсэллэр, туох нааданый диэн куруук сураһаллар. Бу сытан көрдөхпүнэ, Саха сирин волонтерскай хамсааһына атыттартан чыҥха атын. Бааһыран сытар уолаттарын олох хаалларбаттар, сорох дойдутугар даҕаны амсайбатах астарынан күндүлээн санаабытын көтөҕөллөр. Маннык көмө ханнык даҕаны региоҥҥа суох диэн этэр кыахтаахпын. Москваҕа биир кэлим координационнай Киин баар, онон волонтердар бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэһэ олороллор, төлөпүөммүт нүөмэрин була охсоннор, эрийэн куруук көмөлөһөргө бэлэммит, туох наадыйаргытын биллэрэ олорор буолун диэн эппиттэрэ. Онон киһи эрэнэр эркиннээхпин диэн саныырыгар даҕаны астык. Маннык үтүө санаалаах дьоммор, волонтердарга, бука барыларыгар кыһамньыгыт иһин түгэнинэн туһанан махталбын биллэрэбин,- диэн Н. тиэрдэр.
Уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьан, чэгиэн дойдуларыгар төннөллөрүгэр бары сырдык күүстэртэн көрдөһөбүт.