Амма улууһун доруобуйатын харыстабыла сайдыытыгар 40-тан тахса сыл түбүгүрбүт, улуус бастакы аестезист-сиэстэрэтэ, Амма улууһун уонна Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, СӨ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна, ССРС уонна РСФСР бочуоттаах донора Амма улууһун уонна Саха Сирин доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ Розалия Иванова 90 сааһын томточчу туолла.
Розалия Георгиевна төрүкү Амма олохтооҕо. 1934 сыллаахха от ыйын 19 күнүгэр Солобуода үөһээ дэриэбинэтигэр күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн ханнык да үлэттэн толлон турбакка үлэлээбитэ. 1955 сыллааахха оскуоланы бүтэрэн баран, 1959 сыллаахха улуус доруобуйатын харыстабылын эйгэтигэр кэлбитэ. Ол кэлэн баран, харыс да сир халбарыйбакка, 2006 сылга диэри ханна да арахсыбакка, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Кини аан бастакынан анестезист –сиэстэрэ идэтин баһылаан, элбэх эпэрээссийэлэргэ кыттара, ыарахан эпэрээссийэлэргэ Дьокуускайтан анестезиолог быраас кэлэригэр оборудованиетын барытын бэлэмниирэ. Ыксаллаах түгэннэргэ бэйэтэ масочнай анестезияны эмиэ оҥороро. Розалия Георгиевна аҥардас үлэтигэр эрэ таһаарыылаах буолбатах этэ. Кини балыыһа бары уопсастыбаннай үлэтигэр көхтөөхтүк кыттара.
“Биһиги ытык бэтэрээммит Розалия Георгиевна улууска анестезиологическай сулууспа сайдарыгар улахан кылааттаах. Бастакы анестезиска үөрэхтээх киһи. Үлэлии сылдьар кэмигэр балыыһа үлэһиттэрин уопсастыбаннай олоҕор саамай көхтөөх кыттыыны ылара. Уус уран самодеятельность кэнсиэртэригэр, саҥа дьыллааҕы маскарадтарга кыттара. Кини бэйэтэ сүрдээх идеялардаах, маскарадтара киһи сөҕүөн курдук үчүгэйдэр этэ диэн билигин кыргыттар кэпсииллэр. Розалия Георгиевна бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран олох өр сылга диэри, 2023 сылга диэри бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Онон биһиги Розалия Георгиевнабыт сааһырдым диэн олорон хаалбакка, биһиэхэ барыбытыгар сүбэ-ама буола сылдьар ытык киһибит буолар”, — диэн киин балыыһа үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, анестезиолог-быраас Петр Табунанов.
Розалия Георгиевнаны ытык сааһынан улуус баһылыга Степан Кузьмин, Амма нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Василий Дьяконов, Амма киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Михаил Архипов, улууска нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун биир кэлим киинин салайааччытын солбуйааччы Сахаяна Неустроева истиҥник эҕэрдэлээтилэр, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Ытык бэтэрээн 90 сааһын чугас дьонун ортотугар чэгиэн көрсөрүттэн үөрэллэрин, өссө да уһуннук бу курдук сэргэхтик сылдьарыгар, сүбэ-ама буола турарыгар баҕа санааларын, Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Ил Дархан Айсен Николаев Эҕэрдэ суруктарын тириэртилэр.
Биһиги улуус доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар кэмэ суох кылаатын киллэрбит, бэйэтин хаанын биэрэн элбэх киһи олоҕун быыһаабыт үтүө-мааны Розалия Георгиевнаны эмиэ истиҥник эҕэрдэлиибит!
“Амма олоҕо” хаһыат