Амма Даайыс Саха өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн ылылынна

Сарсыарда ватсаппын аспытым, арай Амма Даайыстан сурук кэлбит: “Вера, суруйааччы буоллум, доҕор! Бэҕэһээ куоракка киирэн тутан таҕыстым, дьиэбэр баарбын, түүннэри кэлбитим”, — диэн тыллардаах. “Тыый, наһаа үчүгэй дии. Эҕэрдэлиибин!” — диэн хап сабар Дария Егоровна үөрүүтүн үллэһинним.


Бэҕэһээ, олунньу 26 күнүгэр, Дьокуускай куоракка 2023 сыл түмүгүнэн биһирэллээх үлэлээх, айар-суруйар эйгэҕэ суолларын-иистэрин булуммут өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 10 ааптар саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин салайар СӨ суруйааччыларын сойууһугар киирэр, саха суруйааччыта диэн үрдүк аатын сүгэр үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааспыта.

Бу өрөгөй күҥҥэ мин эмиэ кыттыыны ылан, Аммам аатын өссө да ааттата турар аналлаах суруйааччы буолбуппунан киэн туттарбын бар-дьоммор долгуйан туран биллэрэбин”, — диир Дария Васильева-Амма Даайыс, СӨ суруйааччыларын сойууһун саҥа чилиэнэ.  Кини сойуус салалтатын аатыттан Духуобунас академига, «Хотугу сулус» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Владислав Доллонов илиититтэн суруйааччы буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны сэргэ түөскэ кэтиллэр бэлиэни туппута.

«Амма Даайыс ааппынан айар-тутар үлэм туһунан сырдаттахха, хоһоону хайа баҕарар тиэмэҕэ суруйуохпун син. Хоһоонунан киһи олоххо сыһыана ордук хомоҕойдук этиллэр, оһуоба анабыллары ол иһин сөбүлээн суруйабын. Аны хоһооннорум ырыа буолан, эйгэҕэ иһиллэллэрин кэрэхсиир буоллум. Ырыа буолар тыллар наадалар диэтэллэр, ылсыһан суруйар эмиэ идэлэнним. Оҕолорго нууччалыы тылынан хоһооннору эмиэ балай эмэ суруйдум. Иитээччи идэлээх буолан, оҕо эйгэтигэр чугаспын, кинилэргэ анаабыт айымньыларым иитии, үөрэтии ситимигэр туттуллан, оннооҕор кэккэ сыл оҕо, дьиэ кэргэн ааҕыытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар тэриллэн ситиһиилээхтик ыытыллаллара миигин үөрдэр, — диэн Дария Егоровна санаатын үллэстэр.

Ханнык да сааска киһи талаана арыллар, сүрэх иэйиитэ уһуктар дииллэрэ чахчы. Дария Егоровна айар үлэ умсулҕаныгар төһө да 50 сааһын туолан баран дьарыктаннар, номнуо хас да кинигэ ааптара буолар. “Барыта таптал тула”, “Миигин чыычаах диэтэргит”, “Оҕо саастан саҕалаан”, “Остуоруйа оҥкулунан”, “Оҕо саҥатынан”, “Хоһооннор”, “Туйаара”, “Бөхтөөлөй уонна Аммачаана” кинигэлэрдээх. Маны таһынан “Амма киэн туттуута” сериянан бииргэ төрөөбүт быраата, биллэр механизатор, ыччат, комсомол лидерэ, кырыс сири баһылааччы, сатабыллаах салайааччы Николай Илларионов туһунан ахтыы кинигэни хомуйан оҥорбута. Итиэннэ худуоһунньук Николай Рязанскай хартыыналарынан “Киистэ кэпсээнэ” диэн оҕолорго аналлаах таһаарыыга хартыыналар ис хоһооннорун арыйар тэттик кэпсээннэри, хоһооннору айан суруйбута. Амма Даайыс олоҕун сэһэнин, айар үлэтин туһунан Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ культуратын туйгуна Вероника Стручкова “Үйэлэри уҥуордаан эһиги миигин өйдүөххүт” бырайыагар “Амма айар талааннаахтара” анал таһаарыы чэрчитинэн “Мин Аммам – күн көмүс уйакам” саҥарар кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Дария Васильева хоһоонноругар композитор Егор Неустроев-Тулуйхан “Оҕо искусствотын оскуолатын гимнэ”, “Амга – Россия малый уголок”, мелодист Николай Кириллин “Уол ырыата”, ырыа айааччы Татьяна Антонова “Саҥа дьыллааҕы хаар вальса”, музыка учуутала Мира Харитонова “Даайыс, Маайыс кыргыттар” уонна улахан сиэнэ, биллэр ырыаһыт Аина Ильина-Какитока “Эн Амма эбэҕэ киирдэргин…” ылбаҕай ырыалары айбыттара.
Дария Егоровна араас дьэрэкээн ойуулаах-мандардаах көмүлүөк оһохторун Амма дьоно үксэ бэлэх туппут буолуохтаахтар. Дария Егоровна бу сөбүлүүр дьарыгынан сайыҥҥы оҕо лааҕырдарын тэрийэн кырачааннарга туойунан дьарыктары ыытар.

«Оҕо аймах сатабылын, айар дьоҕурун сайыннарар, айылҕаҕа үтүө сыһыаннаах буола улаатыытыгар көмөлөөх ньыма дии саныыбын. Сынньалаҥҥа олорор киһи буоламмын тус бэйэм эмиэ сөбүлээн туран туойунан хас ыалга дьиэ эйгэтин ырааһырдыыга туттуллар, наадалаах тэриллэри – дьоҕус көмүлүөктэри оҥоробун, ойуу-бичик түһэрэн, киэргэтэн дьоҥҥо тиэрдэбин. Көмүлүөк хайа да бэлиэ түгэҥҥэ бэриллэр бэртээхэй бэлэх, дьон үөрүүтэ буолар эбит диэн итэҕэйдим«, — диир уопуттаах иитээччи.

Дария Егоровна Васильева-Амма Даайыс – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах иитээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Гранын “Идэтигэр бастыҥ” анал аат хаһаайына, “Амма киэн туттуута”, “Амма улууһугар культура уонна духуобунас сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Амма улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэрдээх, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ. Киэн туттар биир дойдулаахпытын суруйааччы буолбут үрдүк аатынан эҕэрдэлиибит, айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕаран туран, суруйуубутун Дария Васильева-Амма Даайыс “Ийэм, аҕам тэҥэҕин” Амма туһунан истиҥ тыллардаах хоһоонунан түмүктүүбүт.

Ким даҕаны эппэтэҕин,
Санаатынан иэппэтэҕин,
Хоhооҥҥо холбооботоҕун,
Тиhилик оҥорон тиспэтэҕин,
Ураны, нарыны, ол эрэн
Эттэхпинэ эрчимнээҕи
Эйиэхэ, Аммабар,
Төрөөбүт түөлбэбэр,
Этиэхпин санааммын
Иhийэн ылабын.

Ис кутум иэнийэн,
Сүрэҕим ньүөлүйэн,
Иэйиигэ куустаран
Долгуйар кэмнэрбэр
Маанылаан хаhааммыт
Махталым тылларын
Сэмэйдик сааhылаан
Мин хоhоон гынабын.

Оҕо саас эрдэхтэн
Олоххо тардыhыым –
Эн кэрэ айылҕаҥ
Арчылаах сыhыана
Ийэтэ суох кэммэр
Ийэбэр тэҥнээҕэ,
Аҕам суох күнүгэр
Аҕам да буолара.

Ыччатым ырата –
Кытылыҥ симэҕэ,
Υрэҕиҥ сүүрүгэ –
Мин ырыам дьүрүhэ,
Киэн хонууҥ нуолура –
Сымнаҕас олбоҕум,
Эйиэхэ махталым –
Бу бүтүн олоҕум!

Күн-көмүс мин күндү
Уйакам буоларгын
Күннэтэ эйиэхэ
Этэртэн салҕыам дуо,
Эйигин, Аммабын,
Албаннык ааттыыртан
Ама да, хаhан да
Сылайан ылыам дуо?!

Көстүбэт утахтар –
Нап-нарын иэйиилэр
Мин чараас дууhабар
Кутуллан киирэллэр,
Эн ааккын ааттатан,
Сүрэхпин уулларан,
Киэн туттуу күүрээнин
Күүhүрдэн биэрэллэр.

Ураннык уhанар
Уус тэҥэ сананан,
Уус тылбын чочуйан
Ураннаан суруйдум,
Дойдубар, Аммабар,
Тапталга билинэр
Талыы күн үүммүтүн
Уруйдуу көрүстүм!

 

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше