Саха дьонугар-сэргэтигэр курус күннэр тураллар. Бүгүн Сахабыт сирин бастакы бэрэсэдьиэнэ, ытык киһибит Михаил Николаевы кытта төрөөбүт дойдутугар бырастыылаһаллар. Амма улууһун дьоно-сэргэтэ бэйэлэрин нэһилиэктэригэр ытыктыыр, убаастыыр киһилэрин туһунан ахтан-санаан аастылар.
Михаил Николаев хас биирдии киһи сүрэҕэр Аан Дархан, бастакы бэрэсэдьиэн быһыытынан сүрэхтэригэр хаалыаҕа. Амма улууһун киинигэр уонна бары нэһилиэктэригэр ытык киһини кытта бырастыылаһан, мэтириэтин иннигэр төбөлөрүн хоҥкутан, кини сахатын дьонун иннигэр оҥорон барбыт үтүө дьыалатын иһин махтаннылар, иһирэх тылларынан аҕыннылар…
Күөх халлааммар
Күнүм уота,
Күндээрэн турар
Санаабар курустук
Көрөр курдук!
Бүгүн бырастылаһыы күнэ
Күн курдук
Кэлэн ааспыт,
Сахаҕа барытыгар
Күндү киһибит,
Сахатын сайдыыга
Салайан биэрбит,
Үгүһү,үйэлээҕи
Оҥорон хаалларбыт,
Ытык ,мааны киһибит
Сүрэхтэри ытатан,
Сирдээҕи олохтон
Букатын барар күнэ!
Эйиэхээ тапталлаах
Өктөмүн буора
Сымнаҕас сыттык
Сылаас суорҕан
Буоллуҥ!
Эн үтүө ааккын
Тапталлаах Сахан сирэ,
Үйэлэргэ умнуо суоҕа!
Быдаҥ дьылларга бырастыы!
Хотуйа сиэнэ
Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат