Амма эдэр туристара өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Дьокуускай куоракка буолан ааспыт эдэр туристар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэригэр Амма улууһун эдэр туристара баран кыайыы көтөллөөх кэллилэр. Оҕолор үс күн устата “Желтый лист” диэн ааттаах спортивнай ориентирование үс көрүҥэр күрэхтэстилэр. Бу туһунан кинилэри сыллата салайан илдьэ сылдьар, утумнаахтык дьарыктыыр Григорий Попову кытта кэпсэттибит.


“Бу күрэхтэһии сыллата ыытыллар. Быйыл 13 оҕо баран күрэхтэстэ. Барыта 20 хамаанда. Онно улуустартан Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас эрэ улуустара кытынныбыт. Онтон атыттара барыта Дьокуускай куорат оскуолаларыттан хамаандалар. Күрэхтэһии үс күн устата араас сирдэринэн ыытылынна. Бастакы күн Күөх хонууга буолбута. “Кросс выбор” диэн. Онно Эрсан Винокуров саамай кыра  М-10 диэн бөлөххө үһүс миэстэ, Айта Павлова Ж-12 бөлөххө эмиэ үһүс миэстэ,  Еремеева Виолетта Ж-16 бөлөххө бастакы миэстэни ылбыттара. Иккис күн Чочур Мырааҥҥа тахсаммыт “Кросс спринт” диэҥҥэ сүүрбүппүт. Манна Ж-10 диэн бөлөххө Аня Александрова иккис миэстэ, Айта Павлова Ж-12 диэн бөлөххө иккис, Сутаков Эрэл М-12 диэн бөлөххө үһүс, Сардана Давыдова Ж-16 бөлөххө бастакы, онтон Виолетта Еремеева иккис миэстэлэри ылбыттара. Үһүс күн Покровскай тракт 25-с км күрэхтэһии ыытылынна. Онно тыаҕа икки этаптаах эстафета буолбута. Ол аата сааһынан бөлөхтөргө икки кыыс, икки уол бииргэ сүүрэллэр. Кинилэр түмүктэрин холбоон уопсай түмүк тахсар. Дьэ манна кыргыттар 16-гар диэри саастаах кыргыттарга Сарданалаах Виолетта бастакы миэстэ буолбуттара. Онтон 10-гар диэри саастаах кыргыттарга уонна уолаттарга үһүс миэстэ буоллулар. Үс күн түмүгүнэн ориентированиеҕа М-10 уонна Ж-10 диэн бөлөххө уопсайга иккис миэстэ, М-12, Ж-12 бөлөххө уопсайга бастакы миэстэ буолан кубок ыллыбыт. Онтон М-16, Ж-16 бөлөххө уопсай түмүккэ уолаттар суох буолан, кыргыттар эрэ да сүүрдэллэр иккис миэстэ буоллубут. Уолаттар бааллара буоллар манна кубок да ылыахпытын сөп этэ диэн бэйэм саныыбын. Аны ити  күрэхтэһии быыһыгар спортивнай туризмҥа эмиэ күрэхтэһии буолла. Чочур Мырааҥҥа ыытыллыбыта. Ол иһин ориентированиеҕа кыттан баран манна күрэхтэстилэр. Манна М-10 уонна Ж-10 бөлөххө, ону сэргэ М-12, Ж-12 бөлөххө оҕолорум бастаатылар уонна Кубок ыллылар. Онтон 16-гар диэри саастаахтарга икки кыыс уолаттара да суох буоллаллар эмиэ ситиһиилээхтик кыттан иккис миэстэ буоллулар. Онон спортивнай туризм күрэхтэһиитигэр аммалар улахан ситиһиилэннилэр. Оҕолорбор эрэммитим. Тоҕо диэтэр барыахпыт иннинэ ардахтаах баҕайы күннэр тураннар, ориентированиены сэргэ “Дружба” спортсаалатыгар кэлэн туризмҥа дьарык барбыппыт. Онтубут түмүгэ ити буолла.

 

Онон дьарык көдьүүстээх буоларын оҕолор өссө төгүл көрдүлэр. Ханнык баҕарар күрэхтэһиигэ утумнаах дьарык хайаатар да түмүктээх буолар. Түмүкпэр биһигини куруутун илдьэр-аҕалар, өссө чэпчэтии оҥорор олус элэккэй суоппарбытыгар Пантелеймон Егорович Макаровка улахан махталбытын тириэрдэбит. Дьиҥ олох оҕо суоппара. Күлэн-үөрэн бэрт чэпчэкитик сырыттыбыт. Үчүгэй баҕайытык түһэн, бэйэбит астанан сырыттыбыт. Өссө Даниил Килбясовпыт 9 сааһын туолан ону бэркэ бэлиэтээтибит.

Оҕолор бэйэлэрэ наһаа тэрээһиннээхтэрин көрдөрдүлэр. Онон үс күҥҥэ этэҥҥэ сылдьан, дойдубутугар ситиһиилээх, үс кубоктаах кэллибит. Төрөппүттэрбэр, оҕолорун тэрийэн ыытар дьоммор улаханнык махтанабын. Кинилэр маннык оҕолорун туһугар кыһаллар буолан маннык түмүк кэлэр буоллаҕа”, — диэн Григорий Дмитриевич хайдах кыттан кэлбиттэрин кэпсээтэ.

Кыайыылаах, Аммаларын аатын ааттаппыт эдэр туристарбытыгар истиҥ эҕэрдэбитин тириэрдэбит!

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше