Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэриллибит «Илии сылааһа» күрэххэ Амма уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ көхтөөхтүк, биир хамаанда тэринэн кытыннылар. Бу күрэххэ 11 улуустан 12 хамаанда кытынна. Балаҕан ыйын 15-18 күннэригэр Ф.Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр иистэнэр массыыналар тыастара тигинээн олордулар. 7 киһиттэн састааптаах хамаанда хапытаана Ф.Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин фольклорга исписэлииһэ Анфиса Федорова буолар. Кини үлэһиттэрин кытта бу күннэр усталарыгар эр хоһууннарбытыгар анаан 7 кэмпилиэк форманы, 98 таҥаһы тиктилэр. Күрэххэ Амма, Бөтүҥ уонна Чапчылҕан нэһилиэгин далбар хотуттара кытыннылар. Ол курдук Анфиса Алексеевнаны кытта Аурика Шамшиева, Анна Бочкарева, Людмила Юшкова, Александра Кокарева, Марианна Борисова, Серафима Ларионова. Сүрүн координатор Надежда Шараборина үлэ тэтимнээхтик барарыгар күүс-көмө буолла. Куонкурус түмүгэ балаҕан ыйын 23 күнүгэр Дьокуускай куоракка биллиэҕэ.
«Атырдьах ыйын 10, 11, 12 күннэригэр Амма нэһилиэгэр Ирина Егоровна Саввина салайааччылаах «Илии сылааһа» уопсастыбаннай хамсааһын 9 иистэнньэҥнэрэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар «Эр хоһуун» таҥас кэмпилиэгин тигиигэ маастар -кылаас ыыппыттара. Манна футболка, сибиитэрэ, ыстаан, бэргэһэ киирэллэр. Онно тус бэйэм туора турбакка кыттыбытым. Биир күн устата таҥас тигэн бүтэрбитим. Сонно бу өрөспүүбүлүкэ таһымнаах таҥас тигиитин күрэҕэ буолуон сөп эбит диэн санаа киирбитэ. «Илии сылааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу уопсастыбаннай тэрилтэ иилээн-саҕалаан ыытта, матырыйаал өттүнэн барытын хааччыйда. Манна «Кыыс Амма» диэн анал хамаанда тэринэн улуус көхтөөх далбар хотуттара кыттыыны ыллылар. Таҥаһы тигии анал быраабылалаах, ыллыҥ даҕаны мээнэ тикпэккин. Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга анаан таҥас тигэн ыытабын. Бииргэ төрөөбүт быраатым онно кытта сылдьар. Бу күрэххэ уопсайа барыта 7 кэмпилиэги, 98 устуука таҥаһы тиктибит. Биһиги биир киһи курдук айыы санаабытынан салайтаран, сатабылбытын күүспүтүн холбоон дойдубут, дьоммут туһугар көмөбүтүн, өйөбүлбүтүн оҥоробут. Биир дойдулаахтарбытыгар сүрэхпит, илиибит сылааһын иҥэрэн боотурдарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар алгыспытын ыытабыт! Барыта — Кыайыы туһугар! Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ! Кыайбыппыт! Кыайабыт! Кыайыахпыт!» — диэн Анфиса Алексеевна санаатын тириэртэ.
Артем ОСИПОВ